Таптал баар буолан. Татьяна Находкина
эппиэттиирин быыһыгар сахалыы лапсалаах миини тэриэлкэлэргэ толору баһан кутуталаата. – Эбээ, бүгүн ким да суоҕуна истиҥник кэпсэтиэх эрэ.
– Бу оҕо даҕаны, эн истиҥник кэпсэтэриҥ бүппэт, – Настаа сөбүлээбэтэх куолаһынан хардарар. Кини бэркэ билэр: сиэнэ туох туһунан истиҥник кэпсэтээри гынарын, эмиэ “биһиги аҕабыт кимий” диэн силиэстийэлээри соруннаҕа. Елена бэйэтэ кэпсээбэт буолтун кэннэ кини даҕаны тоҕо кэпсиэҕэй. – «ыллы, миигиттэн ыйытыма, ийэҕиттэн ыйыт.
– Ээ суох, кини син биир кэпсээбэт, ыйытан да диэн, туһата суох.
– Тукаам, ону хайыыр да кыаҕым суох, – эмээхсин сөбүлэһэр.
Сиэнэ оскуолатыгар барбытын кэннэ, Настаа эмээхсин иһитин сып-сап хомуйаат, оронугар токуллан сытан, бэрт элбэҕи эргитэ саныы сытта. Кыыһа Елена ыал буолбатаҕар, баҕар, кини эмиэ буруйдааҕа буолуо. Иитээччи идэтин ылаары педучилищеҕа үөрэнэ киирээт, бастакы курсун бүтэрбэккэ сылдьан уолу батыһыннаран кэлбитэ. Настаа уолу көрөөт соһуйбута, ханна эрэ көрбүт курдуга. Киэһэ көрсүһүү остуолугар олорон сүрдээхтик билэр киһитин оҕото буоларын билбитэ.
… Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар кини уончалаах кыыс этэ. Кинилэри ыаллыы Уйбаныаптар диэн нэһилиэк сис ыала олорбуттара. Ол ыал сэрии саҕана ас-үөл, таҥас-сап өттүнэн улаханнык тутахсыйбатахтара. Аҕалара колхоз суоччута, ийэлэрэ, быһыыта, хонтуора дьиэтин хомуйара. Ийэлэрин улууска биллэр баай киһи кыыһа дииллэрэ, дьон хараҕар олус килэйэн-халайан байан олорботоллор да, хайа да кэмҥэ куруутун кыахтаахтык олорбуттара. Сэрии кэнниттэн тута куоракка көһөн хаалбыттара. Кинилэр соҕотох уоллара Тимофей киһини таһынан оттомо суох уол этэ. Настааны ийэтэ ол ыалга “аска” диэн ааттаан көмөлөһүннэрэрэ: ынах ыаһара, уу баһара, дьиэлэрин, иһиттэрин-хомуостарын сууйара. Киэһэ килиэп эбэтэр лэппиэскэ сыыһа бэрсэллэрин сыа-сым курдук тутан дьонугар аҕалара. Ол, арааһа, кинилэр дьиэ кэргэнинэн тыыннаах хаалалларыгар эбиилик буолбут да буолуон сөп. Биэстээх-сэттэлээх бырааттара дьиэ иһинээҕи атах-бытах үлэҕэ сороҕор эмиэ көмөлөһөллөрө. Онно дьиэлээх уол, уончалаах бөтөс, бырааттарын көр-нар оҥостон сордуура. Биирдэ сайын биэстээх быраатын “үс чаас ийэттэн төрүү сыгынньах турдаххына, бухааҥка килиэп аҥаара биэриэм” диэн бырдах аһылыгар туруорбута. Уолларын суохтаан икки уһаайбанан эргийэ сүүрэ сылдьан, тыа саҕатыгар кус сыгынньах ытыы турарын булбуттара. Бырдах сиэн, күлүмэн ытыран, этэ бүтүннүү логлоруттан түһэн, эбиитин тарбанан хаан-билик бөҕө буолан, ытаан икки хараҕын үүтэ көстүбэт буолан көрөргө ынырыга. Ийэлэрэ эрэйдээх ытыы-ытыы ынах үүтүнэн сууйбута.
Ол Тимофей уола, үүт-үкчү аҕатын көрдө-көрбүтүнэн төрөөбүт Григорий, күтүөттүү кэлбититтэн бэркэ соһуйбута да, хомойбута даҕаны. Кыыһыгар этэн көрбүтүн истибэтэҕэ, уолу эккирэтэн барбыта, өр буолбатаҕа, аҕыйах ыйынан кута-сүрэ тостон, соҕотоҕун Маринатыгар ыарахан тиийэн кэлбитэ. Настаа онно үөрбүт курдук буолбута. Григорий ол онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри бу дьиэҕэ көстө илик, саатар, оҕолорун да туһунан сураспат. Оттон Елена кыыһын кэнниттэн биэс сыл