Таптал баар буолан. Татьяна Находкина
кылаас улахан аҥаара “үскэ” суруйууһу. Арай Марина эрэ сэһэн билиҥҥи эдэр ыччаты иитиигэ оруолун балачча арыйа сатаабыт, бэйэтин санаатын этэн, сөпкө түмүк оҥорбут: “Бу айымньы билиҥҥи биһиги күн аайы алтыһар олохпутун кытта сибээһэ элбэх.
Бастакытынан, билиҥҥи олоххо үгүстүк көрсүллэр олох биир күлүк өттө – оскуола оҕото арыгыны иһиитэ. Саха ыччата арыгы иһэр буоллаҕына – бу норуот быһыытынан кэхтии буолар. Билигин арыгы, табаах, наркомания биһиги олохпутугар киирэн эрэр алдьархайыттан суруйааччы бу айымньытынан саха ыччатын сэрэппитин чуолкай өйдөөтүм.
Иккиһинэн, улаатан эрэр оҕо характера уларыйар кэмигэр төрөппүтүн кытта өйдөспөт түгэннэрэ элбэхтэр. Билигин бу проблема ханна баҕарар баар, төрөппүтүн кытта өйдөспөккө оҕо дьиэтиттэн барар түбэлтэтэ элбээтэ. Бу проблема үксүн төрөппүт арыгы иһиититтэн үөскүүр, ол иһин оҕото характера уларыйарыгар төрөппүт бэйэтин эмиэ хонтуруолланан, араас куһаҕан дьаллыктан туора туттуохтаах.
Үсүһүнэн, билиҥҥи оҕолор таптал туһунан өйдөбүллэрэ уруккуттан олох атын. Олоххо, тапталга чэпчэкитик сыһыаннаһаллар. Онон Айталаах Кеша сырдык иэйиилээх маҥнайгы тапталлара уоллаах кыыс сыһыаннарыгар холобур буолуон, элбэҕи толкуйдатыан сөп.
Төрдүһүнэн, урут да, билигин да сорох учууталлар үөрэнээччини кытта тапсыбаттар, оҕону личность быһыытынан көрбөттөр, барыларын биир халыып курдук көрөллөр. Үөрэнээччи, учуутал бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахтар. Учуутал оҕо дууһатын инженерэ буолуохтаах диэн, биир тылы, өйү-санааны буларга ханнык эрэ механизмы толкуйдуохтаах диэн суруйааччы кырдьаҕас учуутал быһыытынан өйдөтөр.
Бэсиһинэн, сорох оскуолаҕа туох эмэ буруйу оҥоруу, бэрээдэги кэһии таҕыстаҕына, оскуола, нэһилиэк аптарытыата түһүө, дьон саҥарыа диэн дьаарханаллар. Бу төрдүттэн сыыһа. Кыраны улаатыннарбакка, сирэйгэ-харахха анньан, хам баттаан истэххэ, оччоҕуна эрэ оскуолаҕа бэрээдэк баар буолуо. Аҕа саастаах көлүөнэлэр “биһиги оннук этибит” диэн наар мөҕөн ньаҥсыйбакка эдэр ыччакка эмиэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахтар…”
Итинтэн да атын “Дьикти саас” сэһэн билиҥҥи ыччаты иитиигэ суолтатын элбэҕи ааттаабыт. Маладьыас! Айылҕаттан суруйар дьоҕурдаах кыыс эрээри, ол талаанын сайыннарбат буолла. Саха тылын уонна литературатын салаатыгар киирэн туйахпын хатарар эмиэ биир киһилэнним диэн күлүгэр имнэммитэ ханна баарый, алын кылаас учууталын үөрэҕэр туттарса Благовещенскайдааҕы педагогическай университекка барабын диэн соһуттаҕа үһү.
Ити кэмҥэ чуораан тыаһын кытта тэҥҥэ Елена Семеновна ааны тэлэйэ баттаан чиҥник үктэнэн киирэн кэллэ. Сурунаалын ыраахтан остуолга тыастаахтык бырахта. Үллэ кыыһыран, харахтара кырыыланан тыбыс-тымныынан көрөргө дылылар, куруутун өрө тараанар кылгас баттаҕа ыһыллан сүүһүгэр саба түспүт.
– Елена Семеновна, хайа, туох буоллуҥ? Уон бииристэртэн кэллиҥ дуо? – Нина Иннокентьевна