Алыһардаах Аана. Коллектив авторов
Сыгынньах ойуун төрүүр, сүрэхтэммит аата Николай. Кэргэнэ Саха сиригэр бэйэтин кэмигэр киэҥник биллибит Алыһардаах Удаҕан-Анна Дмитриевна Иванова (13.03.1848 с.т.). Кинилэр 1888 сыллаахха тохсунньу 31 күнүгэр Бүлүү таҥаратын дьиэтигэр бэргэһэлэммиттэр. Миэтирикэҕэ Николай Павлов сааһын 35-һэ диэн ыйбыттарыттан сылыктаатахха, кини 1853 с. төрөөбүт буолан тахсар. Бэйэлэриттэн оҕолоро суох буолан ыалтан Дарияны уонна Иваны ииттэллэр.
Ииппит кыыһа Даарыйа Кучан олохтооҕор Кылаан Борокуоппайга-Михайлов Прокопий Прокопьевичка (1884 с.т.) кэргэн тахсан, 1927 с. биэрэпис (НА РС(Я). Ф. 70. Оп. 38. Д. 221) кэрэһилииринэн, үс оҕолоох: Петр (1914 с.т.), Прокопий (1925 с.т.) , Евдокия (1921 с.т.). Кучантан төрүттээх Саввинов Прокопий Иннокентьевич кэпсээбитинэн, Кылаан Борокуоппай оҕолоро Прокопий уонна Евдокия Кэбээйигэ олохсуйбуттар. Ииттибит уола Борисов Иван Михайлович – аҕата Мэхээт (Мукучу), ийэтэ кимэ биллибэт. Араспаанньатын биэрэн бэйэтин үйэтиппит. И.М. Борисов оҕолоруттан Степан сылгыһыт этэ, кэргэнэ аатырбыт олоҥхоһут Куоҕас Уйбаан кыыһа Дуунньа, уон оҕолоохтор. Иккис уола Иван Иванович – СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Үһүс уол Алексей биллиилээх механизатор этэ. Билигин Баҕадьанан, Мукучунан, Дьокуускайынан Борисовтар диэн аҕа ууһа, халыҥ аймах үүнэн-үөскээн эдьиийбит Аана араспаанньатын халыҥата сылдьаллар. Өссө да үүнүөхтэрэ-сайдыахтара турдаҕа.
Еким Петров кэргэнэ Матрена (1793 с.т.) диэн эбит, оҕолоохторо биллибэт. Оттон Чомчорук-Александр кэргэнэ Анна Петрова (1798 с.т.), оҕолоро: Петр (1826 с.т.), Леонтий (1830 с.т.), Семен (1839 с.т.), Матрена (1820 с.т.), Анна (1831 с.т.). Улахан уол Бүөтүр ыал буолбута эрэ биллэр, кэргэнэ Матрена киниттэн икки сыл балыс. Мантан ордук кинилэр тустарынан билиибит суох.
Иван Борисов үһүс уолун Илья сахалыы аата Моҕус диэн эбит. Бука аһастаах киһи буолан итинник ааттаннаҕа. Ефросинияны (1781 с.т.) кэргэн ылан лаппа ыччатырбыт – Алексей (1798 с.т.), Сергей (1802 с.т.), Николай (1808 с.т.) , Мария (1809 с.т.), Никифор (1816 с.т.), Евдокия (1817 с.т.), Петр (1815 с.т.), Гаврил (1827 с.т.). Илья алта уолуттан нэһилиэккэ 1850 с. биэрэпиһинэн түөрт уола хабыллыбыт. Биэрэпискэ улахан уолларын Алексей аата киирбэтэх. Матрена (1827 с.т.) диэн ааттаах кыыһа, ииттибит уоллара Семен (1832 с.т.) кинилэри кытта олороллоро ыйыллыбыт. Илья иккис уолун Сергейин кэргэнэ Марфа Петрова (1800 с.т.), оҕолоро: Василий (1845 с.т.), Домна (1843 с.т.). Нэһилиэккэ 1858 сыллаахха ыытыллыбыт ревизскэй сказкаҕа Сергей 1856 с. өлбүтүн суруйбуттар, уолун Василий аатын киллэрбэтэхтэр. Сергей кэргэнэ Марфа өлбүт бадахтаах, иккис ойоҕун аата Аана (1855 с.т.) диэн эбит. Оҕолоохторо суруллубатах. Онон Сергей Ильич уол өттүнэн утумун манан быһарга күһэлиннибит.
Үһүс уол Николай Ильин кэргэнэ Агафия Алексеева (1803 с.т.), үс оҕолоохтор: Николай (1831 с.т.), Елена (1834 с.т.), Анна (1856 с.т.). 1858 сыллаах биэрэпискэ Николай Николаев олоҕун өссө да оҥосто илигэ бэлиэтэммит.
Төрдүс уол Петр Ильин ыал буолбут, кэргэнэ Мария Константинова (1820 с.т.), оҕолоро: Семен (1832 с.т.), Егор (1852 с.т.). Уолаттар ыал буолан оҕо төрөппүт докумуоннарыгар архыыпка таба тайамматыбыт.
Бэһис уол Гаврил Ильин кэргэнэ Феодосия Ларионова (1828 с.т.), сурукка киирбитинэн Дмитрий