Алыһардаах Аана. Коллектив авторов
Дакиннар диэн сурукка киллэрэр буоллахтара. Дьокуускайга быһа бэринэр, Лүүчүн буолаһын сиригэр Түөккэ турбут дьаһаах хомуйар пууҥҥа сулууспаҕа киирбит нуучча хаһаага Михаил Жирков сыыйа сахатыйбыт, ыччаттардаммыт эбит. 1685 сыллаахха олохтоох Нелчака диэн дьахтары кэргэн ылар, Даах, Дыык, Маҕан Дыык, Маҕандыык диэн сахалыы ааттаммыт. Элбэх ыччаттаммыттар. Үгүс оҕолорун ааттара кыайан чуолкайдаммата. Ити барыта инники өттүгэр үөрэтиини, чинчийиини эрэйэр. Чинчийээччилэр даҕаны көстүөхтэрэ диэн эрэнэ саныыбыт. Хараҕа Суох, Соҕуруу, Бэрэттимэй аҕатын уустара даҕаны, биллэн турар, өссө дириҥэтэн үөрэтиини, өбүгэлэр ааттарын үйэтитиини эрэйэллэр. Саха саарына, норуот академига Багдарыын Сүлбэ «Клевинскэй» диэн суруйуутугар («Киин куорат». 2005.25.08): «Күндү ааҕааччыларым! Лүүчүн, Мукучу, Хаҥалас, Дьаархан дьоно! Төрүккүтүн-уускутун хасыһыҥ эрэ. Архыып аана аһаҕас. Үгүһү-элбэҕи билиэх этигит. Клевинскэй эрэ буолуо дуо», – диэбиттээх. Бу кэрэ-бэлиэ тыллар уонна Багдарыын Сүлбэ суруйбута-айбыта барыта дьоммутун-сэргэбитин атааннаах-мөҥүөннээх аан дойду айыллыаҕыттан чоҕулуччу тыгар, угуйар уоттаах Чолбон сулус курдук ытык өбүгэлэрбит омоон суолларын хайарга, үтүө ааттарын үйэтитэргэ өрө күүрдэ, ыҥыра, алгыы турдуннар.
Мантан аллара итэҕэтиилээх буоллун диэн Р.К. Маак кинигэтиттэн түгэх эбэбитигэр сыһыаннааҕы быһа тутан киллэрэбит.
«(…) В осмотренной мною старинной гробнице на берегу озера Тёк, близ урочища Бэрэ, в Средневилюйском улусе, покоилась якутка, похороненная, по рассказам туземцев, около полутораста лет тому назад. Гробница состояла из деревянного, довольно хорошо сохранившегося сруба, поставленного на шести столбах, на высоте двух с половиною аршин от земли. Покойница была обращена головой на запад, и хотя никто с достоверностью не знал ее имени (некоторые предполагали, что ее звали Урагас), но, по преданию, она дожила до глубокой старости и от нее произошел Лючинский род (наслег). Рассказывали, что она была некрещенная и всех своих детей прижила с русским казаком. Череп и скелет вполне сохранились (череп хранится в Санкт-Петербургской Академии наук), руки были вытянуты вдоль тела и в меховых рукавицах, сняв которые, я нашел на безымянном пальце левой руки серебрянный перстень, а на правом – медный с печатью. На шее находилось кольцо из толстой медной проволоки с четырьмя петлеобразными изгибами на нижней стороне и с двумя крючками на верхней, к упомянутым четырем петлям прикреплялся ряд медных украшений, связанных между собою истлевшими ремнями. Покойница была одета в нечто вроде кафтана без рукавов, называемого тангалайдах сон (от тангалай – старинный якутский женский костюм и сон – шуба), который широко опушен мехом и весь усыпан белыми, синими и черными бусами, бисером и разными медными украшениями. Кафтан был опоясан широким поясом (узоры на кафтане и поясе во многом отличаются от тех, какие носят якуты в настоящее время), ноги обуты в камысовые торбаса (сапоги из шкур оленьих ног) и поверх кафтана на покойницу была одета оленья