Алыһардаах Аана. Коллектив авторов

Алыһардаах Аана - Коллектив авторов


Скачать книгу
оҕонньор эппитин курдук тэрийэннэр, ыытан кэбиһэллэр. Барарыгар оҕонньор: «Дойдуҥ сайыҥҥы күн тахсыытын туһунан баар, ону көрбүтүнэн сырайыҥ хоту баран иһээр. Уолум кэлэн миигин өлөрөрө буолуо, барбыта өр буолла диэн көрүөм», – дии хаалар.

      Үс түүннээх күн айаннаабытын кэннэ, икки ыт ситэн кэлтэригэр, сонун сириэһиниттэн быһа тардан ылан быраҕан биэрэр. Ыттар билэннэр төннөн хаалаллар. Онтон улахан тумуһах бэтэрээ уонна уҥуоргу өттүгэр икки төгүл, субу сиэх курдук, ситэн кэлтэригэр ас биэртин аһаан баран, төннөн хаалтар. Били оҕонньор эппитин курдук онтон ордук эргиллибэтэхтэр.

      Ый кэриҥэ айаннаан, ириэрии буолуута дойдутугар тиийэр. Олорор сиригэр кэлэн баран, дьонуттан куттанан хотоҥҥо киирэр. Хотоҥҥо сылдьааччылар урукку хотуннара кэлтин билэннэр, дьиэттэн кистээн ас таһан аһаталлар. Бу сытан дьахтар сотору төрүүр кэмэ кэлбит. Хотоҥҥо төрүөн сүрэ бэрт, Айыыһытым да салыйыа дии саныыр, онон ыксаан хотунун ыҥыртарар. Эмээхсин кийиитэ кэлтин билэн олус үөрэр, ол гынан баран оҕонньор сүрдээх кырыктаах эбит, онон хайдах да гыныахтарын булбаттар. Кийииттэрэ «айыылааҕын, өлөрдөҕүнэ өлөрдүн» диэн дьиэҕэ киллэртэрэр. Кийииттэрин киллэрэн хаҥас диэки сытыарбыттар, оҕонньор кырдьан халтаһата саба түһэн хаалан көрбөтөх. Күнүскү ынах ыамын саҕана дьахтар төрөөрү ыалдьыбыт, ыалдьаары ыалдьан наһаа бэрииһэйбит, үөһээ саҥата үөһэ, аллараа саҥата аллара буолбут. Уот иннигэр киирэн утуктуу олорор оҕонньор соһуйан: «Хайа, эмээхсиэн, бу туох-туох буолла? Биһиэхэ итинник буолуох киһи суох этэ дии, биир баар буолуоҕа сатамматаҕа», – диэбит. Эмээхсин туран оҕонньорун моойдоон туран көрдөспүт: «Дьэ, оҕонньор, ити, били оҕобут доҕоро куотан кэлбитин баччааҥҥа диэри саһыара сырыттыбыт. Хайдах гыныаҥый, эһиги оҕоҕутуттан оҕом диир, оҕобут дэлэ да таптыыр буолбатах этэ. Тохтоо, күн буол, ый буол!» Оҕонньор намыраан олорон баран эппит: «Дьэ, баҕар, ол биһиги оҕобутуттан оҕото буоллаҕына, уҥа хонноҕун анныгар үрүҥ иһэҕэй кыбыныылаах буолуо, оччоҕо миэхэ туттараарыҥ, иккиэннэрин бэйэм дьаһайыам», – диэн баран, үрдүгэр ыйанан турар батыйатын ылан олорунан кэбиспит. Дьахтар уолламмыт. Эмээхсин, оҥорбута да биллибэт, кырдьыга да биллибэт, оҕонньорго үрүҥ иһэҕэйи көрдөрбүт уонна өссө үрүҥ бүрүөлээх диэн кэпсээбит. Кырдьык да үрүҥ бүрүөлээх төрөөбүтэ үһү. Оннук оҕо дьоллоох киһи буолар дэнэрэ. Оҕонньор ону истэн, айыыһыттаан иитэргэ эппит.

      Уол сэттэтигэр тиийбитин кэннэ оҕонньор аат биэрэн «Тыын толуга Тыгын» буоллун диэбит. Ол дьыл биир биэттэн кэтэҕин уолаҕаһыттан кутуругун төрдүгэр диэри сиэллээх кулун төрүөбүт. Бу кулун ой буолан улаатан да баран балтараа көстөөх күөлгэ киирэн өрдүйэлээн сиирэ (өрдүйэ диэн күөлгэ үүнэр от), ол иһин Өрдүйэһит диэн аат биэртэр.

      Тыгын бэйэтэ Сайсарыга олорбут. Хойут улаатан баран ыал да, ыраах да улуустарга сэриинэн тахсан кырган, сүөһүлэрин үүрэн киирэрэ үһү. Онон чугаһынааҕы дьонуттан даан тардан ылара, ол иһин саха баһылыгынан ааттаабыттара. Киниттэн хас да уол төрүөбүтэ. Улахан уолун аата Чааллаайы, ортото Үс күрүө Харах Мөкөчө,


Скачать книгу