Алыһардаах Аана. Коллектив авторов
лыаба тыаһа хабылла түспүт, икки кубаттан биирэ көтөн тахсан эргийэ сылдьыбыт, биирэ сытан хаалбыт. Муостай Бэргэн дүлүҥ тыынан кубаны киирэн таһаарбыт, көрбүттэрэ: ох кубаны икки хараҕын илдьи көтөн ааспыт. Тойон Булгудах Муостай Бэргэни «үчүгэй ытааччы эбиккин» диэн хайҕаабыт, кубаларын таһааран буһаран сиэбиттэр. Уҥуоҕун чаҕылах тиити хайа охсон, онно кыбытан баран, үс күөл тумуһаҕар баар өтөҕү Куба Сиэбит диэн ааттаабыттар.
Кэлбит дьон сынньанан өрөөбүттэр, ол өрөөбүт күннэригэр далла мэндэйэн, хары хапсан, быа былдьаһан уонна илии-атах оонньуутун оонньообуттар. Муостай Бэргэн, өтөҕү төгүрүйэ сүүрэн иһэн, тоҕус оҕунан ытан субурутан баран, төттөрү түһүүтүгэр сиргэ түһэрбэккэ хабан, хомуйан ылбыт. Тойон Булгудах дьонугар ону кыайар киһи суох буолбут, кини киһитэ Көтөр Көччөх ачаахтаах тиити ачааҕын иһинэн төттөрү-таары ойуолаабыт, ону наһаа дьулайа көрбүттэр.
Ол курдук оонньоон-сынньанан баран, Тойон Булгудах этэр: «Биһиги олоҕура кэллибит, үтүө дьоннорум, көмөлөһүҥ, саха киһитэ олоруон сөптөөх сылгы-ынах үөскүүр сирэ баара буолаарай, ыйан кулуҥ», – диэн көрдөһөр. Онуоха хаар маҥан баттахтаах аарыма кырдьаҕас баара этэр: «Дьэ, бэрт, атын сиртэн кэлэн атаҕастыыр күннэригэр көмүскэһэ олоруохпут, оҕолорбут да уруурҕаһар буолуохтара. Өйдөөн, истэ олоруҥ, мантан тус илин бардахха, биир күн айаннаан тиийэр сиргэ илими үтэн баран, этэрбэһи кэтэ олордоххо тардыалаһан барар соболоох, хотугулуу-соҕуруу ньолбуһах улахан күөл баар. Ону Кучары диэн ааттаабыппыт, ол күөлтэн от үрэх тахсан холбоһор, өрүскэ түһэр бэрт түргэн сүүрүктээх Баппаҕаайы үрэҕи кыйа сытар от үрэх баар. Ол от үрэҕи маҥан табаны миинэн туораатахха бороҥ өҥнөнөр, бэрт нүөл оттоох киһи-сүөһү олохсуйуох сирэ баара», – диэн ыйбыт.
Барар аһылыктарын, сүүрүҥүйдүү буһарыллыбыт таба этин сул туоска хоторон, төгүрүччү олорон аһыыллар, оҕонньор кэпсиир: «Тус илин бардахха, үс хонон тиийэр сиргэ элбэх киһилээх-сүөһүлээх, тэҥнээҕин була илик Тэкилик Сүргэй диэн бэрт кутталлаах киһи олорор. Онтон бэркэ сэрэнэр буолаарыҥ. Күн ортотун туһунан бардахха Баайдаах диэн күөлү тула дьон олороро, чугаһынан икки атахтаах баарын билбэппин. Оттон бу Бүлүү эбэ хотун төбө өттүгэр саамайдар, дьирикинэйдэр бааллара, хоргус дьон этилэр. Бүлүүгэ хотуттан киирэр үрэххэ Маҥан Мэкчэ баар, оттон бэттэх Түҥ өрүһүн төбөтүгэр Үрэнчэ Хоһуун дьоно туматтар суоллара сүтэн турар. Олор сүгүн олорпокко маннааҕы омуктары сордорун сордообуттара, арааһа, ыарыы кыайда быһыылаах. Мас бараныытыгар майаат омуктар бааллар. Эһиги батан кэлбит Танара диэн үрэххит төбө өттүгэр биһигини кырган үүрбүт Торгуу Дохсун аҕатын ууһа баар буолуохтаах», – диэн кэпсии олорбут. Тойон Булгудах, эбэтэр Туоҕа Боотур этэр: «Дьэ, кырдьаҕас, эн кэпсээбиккин сороҕун истэр этим, Торгуу Дохсун аҕатын ууһа хара ыарыыга эстэн турар, Үрэнчэ Хоһуун дьоно туматтар улуу өрүһү батыһа баран бараннар сүппүттэрэ диэни истэбин».
Итигирдик кэпсэтэн, аһаан, бараары турдахтарына, оҕонньор мэҥкэрэ түгэҕиттэн биир чупчурҕан