Алыһардаах Аана. Коллектив авторов
эрэ, дьэ, «лүүчүннэр» диэн туспа аҕа ууһун быһыытынан сурукка киллэрэр буолбуттар (Долгих, С. 464). Аны 1732–1733 сс. ыытыллыбыт биэрэпискэ кинилэр уонна кырыкыйдар аҕа ууһун быһыытынан киирбэтэхтэр. Оччотугар кинилэри тоҕустары кытта бииргэ суруйбуттар диэн сабаҕалыыбыт.
Лүүчүн дьоно хас да биистэн, омуктан силис-мутук тардыбыттар. Г.В. Ксенофонтов сабаҕалааһынынан, бу Маньчжурияттан төрүттээх тоҥустар сахатытыллыбыт ааттара. «Нюй-чжень» диэн маньчжур бииһэ, монголлартан XVII үйэ саҕаланыытыгар хотторуон иннинэ, Хотугу Кытайы илиитигэр ылан, дьаһайан олорбута. Бу омук тоҥустартан төрүттээхтэрин үөрэхтээхтэр быһаарбыттара ыраатта. Нюй-чжень уларыйбыт-тэлэрийбит көрүҥнэрэ манныктар: нюй-чжи-ниучи, лу-чжень. Ниучи – нуучча, лу-чжень-лууча-лүүчүн буолбут. Г.В. Ксенофонтов «Урааҥхай сахаларын» иккис кинигэтигэр «люю-чюн» – «нуу-чин» дэнэр бүлүүлэр эрдэтээҥҥи уустарын туһунан суруйбута (С. 186). Маньчжурияттан кэлбит тоҥус уустарыгар солоннар уонна лучиннар баалларын бигэргэппит (С. 187).
Ытык мас
Өрөөбүт уоспун өһүлэн,
Хоммут уоспун хоҥнорон,
Аламаас курдук чаҕылыйбыт,
Көмүс курдук күлүмнээбит,
Оҕуруо курдук кэккэлээбит
Оҕолорбут барахсаттарга
Былыргы быдан дьылларга
Олорон ааспыт өбүгэлэрбит
Уостубат уран тыллаахтара,
Өркөн-төлөн өйдөөхтөрө,
Үһүйэн кээспит үһүйээннэрин
Үкчү буолаарай диэн
Үтүктэн эрэбин,
Кэс тыл буолаарай диэн
Кэпсээн эрэбин.
Кэбээйи оройуонун I Лүүчүн нэһилиэгин сиригэр Эбэ диэн ааттаах оттонор сир баар. Бу толоон соҕуруу өттүнэн Буурдаах үрэҕэ уонна Саһыл үрэх диэн уруккута оттонор үрэхтэр холбоһоллор. Бу Эбэ толоонун ортотугар (Эбэ толоонун хайа да өттүттэн көстөр) Ытык мас диэн тиит баара. Бу тиит ортотунан тостубута, төбөтө Ньыла диэн күөл атаҕын уҥуоргу өттүгэр тахсан сытара. Төрдө үс киһи кууһан илиилэрэ тиийбэт суон тиитэ этэ, ол мас төрдүгэр оттуу сылдьан отуу туттан, хонор буоларбыт.
Ол хоно сытан, аҕам Слепцов Федот оҕонньор сахалар бу дойдуга кэлэн олохсуйан, киһи төрдө буолан, ууһаан-тэнийэн испиттэрин туһунан маннык үһүйээни кэпсиир буолара. Тойон Булгудах Тыгын Муос уолун өлөрбүтүн иһин өстүйэн, Өрдүйэһит диэн Тыгыны уйар соҕотох миинэр аттааҕын өлөрөн баран, онон сылтах булан иирсибит уонна сүүрбэ киһилээх Горнай оройуонугар Орто Бүлүү Дьөккөн нэһилиэгинэн Бүлүү өрүһүн булардыы сиһи быһан, олохсуйар сири көрдүү кэлэн испиттэр.
Ол курдук айаннаан I Лүүчүн нэһилиэгин сиригэр Куба Сиэбит диэн сиргэ кэлбиттэр. Бу сир таһыгар Күүлэлээх, Суордаах, Бэрдьигэстээх диэн силлиһэ үрэхтээх күөллэргэ бултаан аһаан, сэттэ ураһа тоҥ омуктар олороллор үһү. Бу дьоҥҥо Тойон Булгудах биир киһини илдьит ыыппыт. Бу киһи тоҥ омуктарга илдьити эппит: «Биһиги тойоммут Тойон Булгудах бу күөл уҥуоругар кэлэн олорон илдьиттиир, Тыгын мастаах сиргэ батарбакка