Алыһардаах Аана. Коллектив авторов

Алыһардаах Аана - Коллектив авторов


Скачать книгу
күөл эбит. Абаҕам бу күөлү эттэҕэ диэн хайыһарын устан, кытаанах хомураҕы хастан киирэн сыппыт. Өр-өтөр буолбатах, дьоно төттөрү-таары үрдүнэн кэлэн ааһыталаабыттар, хаһыытаан ыҥырбыттар. Инньээнчэ олус сылайан, кэнникинэн утуйан хаалбыт.

      Уһуктубута буурҕа астыбыт, хайыһарын кэтэн, күн тахсыытын диэки туһунан баран испит. Дьоно кыыс хастан сыппыт сириттэн үс күөлү ааһааттарын кытта бастакы хайыһардара тостубут. Күрүөйэх кыыс итиннэ үс хайыһар тостубутун көрбүт да, дьоно иннилэрин хоту бара турбуттар. Ону көрөн, соҕуруу өттүлэринэн ырааҕынан тумнан баран испит. Түүн сыгынах хоонньугар хататынан саҕан, уот оттунан нуктаан ылар. Ол курдук айаннаан, ахсыс хонугар дьонун дьиэтин кэннигэр Эбэ хапчылыгар хайыһарын устубут. Дьиэҕэ киириэн тойонуттан толлон, кыбыылаах от иһигэр киирэн, хотунун күүтэн сыппыт. Үрүмэччи эмээхсин сүөһүтүн киллэрээри тахсыбытыгар, кийиитэ утары туран кэлбитигэр, бастаан соһуйбут, онтон билэн, сыллаан ахтылҕанын таһааран баран, киллэрэн хотон түгэҕэр олордон аһаппыт.

      Оҕонньоруттан дьулайан, ол киэһэ тугу да эппэтэх. Сарсыарда аһыы олорон эмээхсин оҕонньоругар:

      – Мин бэрт муода түүлү түһээтим, түһээтэхпинэ оҕобут доҕоро Инньээнчэ кэлбит. Арай кэлэрэ буоллар, оҕонньор, хайдах буолуо этэй? – диэбит.

      Оҕонньор олорбохтоон баран:

      – Мин бөөлүүн түһээтэхпинэ, киһи киирэн, кийиитиҥ эн уолгуттан уҥа ытыһыгар күөх мэҥнээх, хаҥас ытыһыгар ынах, сылгы түүтэ тутуурдаах бэрт толору дьоллоох уол оҕону төрөттө диэн кэпсии турдаҕына уһуктан хааллым. Ол биһиги оҕобутун туох ааттаах сураҕын иһитиннэриэ баарай? – диэн сөҥөн олорбут.

      Итиннэ эрэ эмээхсин Инньээнчэ күрээн кэлбитин кэпсээбит. Оҕонньор саҥата суох истэн олорон баран эппит:

      – Оҕом сөпкө кэлбит, хайыһардарын быһыта суруйбут буоллаҕына, саҥа хайыһар оҥостон бу хаар үрдүгэр кэлэр кыахтара суох. Хаар ууллуута үрэх уҥуор көһүөхпүт. Онно бэрт үтүө сирдэр бааллар, эккирэтэн кээлтэрин да иһин, абыычайдарын кэһэн, үрэҕи туоруохтара суоҕа. Оҕоҕор эт, уруккутун курдук киирэ сырыттын. Биһиги уолбут оҕото буоллаҕына, уҥа ытыһыгар күөх мэҥнээх, хаҥас ытыһыгар сылгы, ынах түүтэ тутуурдаах уол оҕо буолуо. Атын омук оҕото буоллаҕына биһигиттэн хоргуппатын, ону билэ-билэ киирдин, – диэбит.

      Инньээнчэ уруккутун курдук киирэн олорбут. Хонуктар ааһан испиттэр. Эмээхсин сылгы, ынах түүтүн этэрбэһин иһигэр уктан хаһаанар идэлэммит. Кэм-хонук кэлэн, кыыс төрөөрү талыыламмытын, сарыы быыс тардан, эмээхсин ыарыылаабыт. Өр буолбатах, эмээхсин уол оҕо төрөөбүтүн бэлэмнээн турар хара саһылыгар суулуу тутан, ортотунан иҥиннэрэн баайа турдаҕына, оҕонньор быыс таһыгар кэлэн: «Оҕону таһааран көрдөр эрэ!» – диэн баргыйбыт. Икки илиитин мукуччу туттан, тымныырҕатан ытаан бахсыйа сылдьар оҕону эмээхсин таһаарбытын, оҕонньор оҕо илиитин көрбүтэ, уҥа ытыһыгар күөх мэҥнээх, хаҥас ытыһыгар түү тутуурдаах эбит, ону көрөн оҕонньор унуоҕа хамсыар диэри үөрбүт:

      – Ол иһин оҕобут билэн кэлбит, кырдьык биһиги уолбут оҕото эбит, тыын


Скачать книгу