Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева
күнү көрөн үөрдэхпитиин. Өйдөөн көрбүппүт, Өлүөнэбит очуостарыттан харыс да сири халбарыйбатах эбиппит: туман түһэригэр ханна баар этибит даҕаны, ол миэстэбитигэр турабыт. Эбиитин өссө олох даҕаны таҥнары куорат диэки хайыһан олоробут. Онтон бириэмэбитин көрбүппүт: ити тумаҥҥа балыйтарар кэммитигэр түөрт чаас ааһа охсубут. Бары да олус соһуйбуппут…
Күннэйбит каютаттан тахсан: «Биһиги Өлүөнэ очуостарыгар тохтуохтаах этибит, тохтуохха. Дойду иччилэрин алгыстарын ылыахтаахпыт», – диэтэ. Биэрэккэ тиксээппитин кытта кыыһым: «Өлүөнэ очуостарын үрдүнэн дьүкээбил уотун көрөҕүт дуо?» – диэн ыйытта. Биһиги тугу да көрбөтүбүт. Ону хаарыан кэрэ көстүүттэн маппыт дьоҥҥут диэн күлэн кэбистэ.
Биэрэккэ эмиэ турукка киирэн ылла. «Кыргыттар катер аттыгар тураллар, ыксаталлар. Чэ, бардыбыт, чаас аҥаарынан тиийиэхтээхпит», – диэтэ. Эппитин курдук, начаас устан тиийдибит.
Сиинэҕэ икки массыынанан көрүстүлэр. Эмиэ наһаа соһуйбуттар, ыксаабыттар этэ. Катербыт тыаһын истэн, биһигини баччаҕа кэлиэхтэрэ диэн кэтэһэн олорбуттар. Онуоха катербыт тыастыын биэс чаас кэриҥэ сүтэн хаалбытыгар, туох ааттаах буоллахтарай диэн дэлби куттаммыттар эбит.
Ол түүнү Сиинэҕэ сылдьыбыт дьон хаһан да умнубаппыт буолуо… Күннэйим барахсан түүнү быһа хаста да турукка киирэ сылдьыбыта. Эмиэ өйдүүргэ даҕаны, ылынарга даҕаны ыарахан хартыыналары көрдөрбүтэ.
Арай кыыһым Алина ийэтигэр чугаһаан баран: «Оҕоҥ аттыгар турарын көрбөккүн дуо?..» – диэт, кими эрэ төбөтүттэн имэрийэр курдук тутунна. Онтон Күннэйим бэйэтэ сирэйдиин-харахтыын уларыйан барда, хайдах эрэ туттара-хаптара, көрөрө-истэрэ кыра оҕо курдук буолан хаалла. Алина ийэтин аттыгар олороот, илиитин илиитигэр ылла уонна биир илиитинэн илиитин имэрийдэ. Онно олорон эрэ иккиэннэрин иэдэстэрин устун харахтарын уута сүүрбүтэ, бу бириэмэҕэ кинилэр истиҥ иэйиигэ ылларан олороллоро саарбаҕа суох этэ… Хас биирдии бэйэбит испитигэр оҕо кута барахсан Күннэй нөҥүө киирэн күн-күбэй ийэтин кытта бырастыылаһан барда дии санаабыппыт. Бары да уйадыйан, хараастан ылбыппыт.
Күннэйбит кыргыттар бүгүн 40 хонуктара, ол иһин миигин ыксаппыттар эбит диэбитэ. Бүгүн куттара үөһэ көтөллөрүн туһунан эппитэ…
Аны сарсыарда 5 чаас саҕана Күннэй, эмиэ турукка киирэн, уруучука уонна илиис көрдөөн ылла уонна сир хаартатын уруһуйдаан барда. Ол иннинэ Күннэй хаһан да Сиинэҕэ сылдьа илик этэ буоллаҕа. Сиинэттэн биир көстөөх сир эбит. Хаартатыгар икки киһи уҥуоҕун уруһуйдаабыт, аттыгар күөл баар. Ол кэннэ кыыспыт, дэриэбинэттэн тахсаат, суолунан сүүрэр икки хаамар икки былаастаах бара турда. Биһиги кэнниттэн массыынанан батыстыбыт. Күннэй кыргыттар кинини сирдииллэрин эттэ. Тоҕоостоох сирбитигэр тиийбиппитигэр, кырдьык, хаартаҕа уруһуйдаммытын курдук эргэ баҕайы икки киһи уҥуоҕун көрдүбүт. Ол аттыгар маардаах күөл баар. Күннэй оҕолор барахсаттар күөл ортотугар киирэн, быраһаайдаспыт курдук төбөлөрүн хоҥкутан баран, сүтэн хааллылар диэтэ… Ол курдук