Биһиги сахалар…. Туруулаһыы. Ульяна Алексеевна Винокурова
Онно ВЯОНУ норуодунай аармыйатын командующайа В.А. Коробейниковтаах бөлөҕүнэн түспүт сэдэх хаартыскалара баара.
Киһи үйэтин тухары өй-сүрэх мөккүөрүгэр сылдьар. Уһун санааланыы диэн нууччалыы «люди длинной воли» диэн Николай Лугинов айымньытыгар Л. Гумилевтыы бэркэ тылбаастаабыттара. Ол аата, «уһуну-киэҥи санаан, ыксаабычча быһыыламмакка, иннин-кэннин өйдөөн холкутуй, холку өйгүн ыһыктыма» (Саха быһаарыылаах улахан тылдьыта. – Т.VIII. – C. 213). Уһун санааламмыт киһи өйө баайыллыбат, санаата көнөр, кыһалҕаны хайаан да кыайарга, санаабытын ситиһэргэ турунар, киирсэр хорсун-хоодуот, тулуурдаах туруктанар. Уһун санааланыы иитиллэр ньэгиэрэ – күүс-көмө буолар дьон. Ол өс хоһооҥҥо этиллэр: «Умса түстэххинэ – сүүскүттэн өйүөм, тиэрэ түстэххинэ – кэтэххиттэн өйүөм», – диэн. Уһун санаалаах киһи тиэтэйбэт, уолуйбат, бэйэтигэр эрэлин ыһыктыбат, быһымах быһыы туох содуллаах буолуоҕун анаарар. Таҥара сэрэҕи таптыыр.
Уһун, мындыр санаалаах киһи дьон олоҕун араас кыһалҕатын туоратарга турунар. Үлүйүүттэн эмп-том күүһүнэн быыһаныы ньымаларын тобулбут саха биллиилээх мындыр хирура Рево Захарович Алексеев сүбэлэрэ олоҕу харыстыыр суолталаахтар29. Биһиги муус-кырыа дойдубутугар оннук биир кыһалҕа – тоҥуу, үлүйүү. Ордук чуолаан, тыйыс тыыннаах кырыа кыһыннаах дойдуга олорор дьоҥҥо уһун санааланыыны, киэҥ көҕүстэниини, мындыр өйү ыһыктыбат буолууну тоһуттар тымныыны кытта туруулаһыы эрэйэр. Былыргыттан күн бүгүҥҥэ диэри хас кыһын аайы дьон үлүйүүтэ, эчэйиитэ, эмсэҕэлээһинэ, суолга быстарыыта тахса турар. Маннык айылҕалаах дойдубут хабараан тымныыта дьарыйыытыгар, соһуччу түргэнник уларыйар итии – тымныы, тыал-куус, ардах-хаар дьайыыларыттан быыһанар өбүгэ ньымаларын умнан, бэйэни өлөр өлүүгэ, тоҥууттан сиэттэрэн араас дьаҥҥа-дьаһахха тэбиллэр төрүт сатаммат. Ити бэйэни сэймэктэниигэ тэҥнээх. Атын ким эмэ көрүөхтээх, быһылааннартан быыһыахтаах диэн сэлээннээһин тыыннаах этэҥҥэ сылдьыы ирдэбиллэригэр көтүмэх сыһыантан элбэхтэ тахсар. Үгүс ыччат дьиэ искусственнай сылаас эйгэтигэр ньирэмсийэн иитиллэн, Саха дойдута хаҕыс тыыннааҕын аахсыбакка – тымныыны тулуйар тэрээһинэ суох, чараас таҥастаах – тимир көлөҕө олоро биэрэн, ыраах айаҥҥа көтүмэхтик түһүнэр.
Биһиги олохпут, үлэбит оҥкула, суолбут-ииспит, көлөбүт кыһалҕалара дьон үлүйүүтүгэр, ыараханнык эмсэҕэлииргэ, тоҥон өлөргө үксүн сэрэҕэ суох дьону тиэрдэллэр. Холобур, Саха сиригэр тоҥон өлүү сыыппаралара: 2011 с. – 140, 2012 с. – 162, 2013 с. – 146, 2014 с. – 151, 2015 с. – 133, 2016 с. – 142, 2017 с. – 154. Дьокуускайга үлүйүү – 2015 с. – 221, 2016 с. – 176, 2017 с. – 196. Иккис истиэпэннээх үлүйүүлээх дьон 62-65% бастакы-иккис группалаах инбэлиит буолан, илиитэ-атаҕа суох эрэйдэнэллэр. Р. Алексеев элбэх киһини өлүү маҥалайыттан быыһаабыт, тилиннэрбит, бэйэ айбыт ураты ньымаларынан үлүйбүт киһи туһунан уонна хардарыта көмөлөсүһүү хайдах буолуохтааҕын ымпыктаан-чымпыктаан быһаарар.
Рево Захарович маннык сүбэлэри биэрэр. Киһи кута- сүрэ кэбирээтэҕинэ, этин-сиинин туруга мөлтөх буоллаҕына, ордук элбэхтик
29
Алексеев, Рево Захарович. Үлүйүү : (суһал көмөнү оҥорорго сүбэлэр) / [Р.З. Алексеев ; МНРA Сибиирдээҕи салаатын Дьокуускайдааҕы медицина проблемаларын Дьокуускайдааҕы научнай киинэ, М. К Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет]. – Дьокуускай : [и. с.], 2012. – 36 с.