Биһиги сахалар…. Туруулаһыы. Ульяна Алексеевна Винокурова
өй
Ыраас өй
Чиҥ өй – Чэпчэки өй
Өтө көрөр өй
Өйдүүр өй – умнуган
Үтүө өй – өһөгөйдөөх/өһүөннээх өй
Эт өй (эт мэйии)
Сиэрдээх өй
Тыын өй
Утумнаах уһун өй
Ырааҕы көрөр/ырыҥалатар өйдөөх.
Киһини өйүнэн салайынар кыаҕын таһымыттан көрөн араастык ааттыыллар: акаары, далай акаары, алдьаас, аҥала мэйии, өйдөөх-төйдөөх, өй хаата, бас-көс, түс-бас киһи, чулуу өйдөөх, бэдэр мэйии, тииҥ өйдөөх, сээркээн сэһэн, сир түннүгэ, өспөт өй уо.д.а. Этэр тыл эҕэлээх, саҥарар тыл салалталаах.
Өй араас өрүттээх уонна сайдар хаамыылаах. Кыра оҕо эрдэхтэн өйдөөх буолуох чинчилээх оҕо билиигэ-көрүүгэ дьаныһар тардыһыылаах, туппай, ийэ өйө сайаҕас, үөрэххэ дьулуурдаах, дьаныардаах, эргитэ саныыр дьоҕурдаах. Өй-санаа сайдыытын кытта сэргэ социальнай интеллект, ол эбэтэр өйүн туппут ыччат дьону кытта сатаан бодоруһар олох сатабыллара уонна эмоциональнай (иэйиилээх) интеллект, ол эбэтэр өй-сүрэх талаһыыларын дьүөрэлэһиитэ бииргэ тутуһан сайыннахтарына дэгиттэр иитиилээх, бэйэҕэ ирдэбиллээх, атаҕар турбут киһи-хара, киһи киһитэ, дьонноох киһи, киһилээх киһи буолан тахсар. Оҕуруктаах өйдөөх киһи түргэн-тарҕан толкуйдаах, киэҥ көрүүлээх, түгэни таба тайанар-тутар, үөйбэтэх-ахтыбатах саҥалыы көрүүнэн барыстаах, туһалаах өттүгэр уустук туругу хас да таһымынан эргитэ охсор кыахтаах. Өбүгэ төрүт өйүн тута сылдьар киһи төрүт култуураны сайыннарар, дьоҥҥо иһирэх сыһыаннааах, дириҥ билиилээх, олохтоох өйдөөх, үгэстэри тутуһар, салгыыр; кэдэрги, тутах быһыыга киириммэт.
Ийэ өй 94 төрүт өйдөбүлү ситимниир диэн сахалыы үөрэҕи тарҕатааччы В.Е. Степанова быһаарар.23 Кини түмүктүүрүнэн, элбэҕи эрэйбит, эрэммит национальнай оскуолабыт концепцията улахан уларыйыыны киллэрбэтэ: уларыйыы ис өттүбүтүн тумнан, тас өттүбүтүн эрэ таарыйда. Күн бүгүҥҥэ диэри, биһиги өйдүүрбүтүнэн, үөрэх эйгэтигэр үс сыаннас бэйэ-бэйэлэрин кытта «күрэстэһэр»: билиини өрө тутуу, өй үлэтин дьоҕурун уонна сатабыллаах буолуу таһымын сайыннарыы, киһи, оҕо омук быһыытынан бэйэтин дьылҕатын айарыгар-тутарыгар, салайарыгар, салайынарыгар көмө буолуу24. Маннык түмүгү кытта сөпсөһөн туран, олоҥхо педагогикатын төрүттээбит Е.П. Чехордуна «Сэдип» диэн өй-билиини сайыннарар технологияны айан оҕо төрүөҕүттэн оскуоланы бүтэриэр диэри алта саас кэрдиис кэмнэринэн сайдарга туһаайыллан ситиһиилээхтик олоххо киллэрэ сылдьар.
Өйдөөх киһи өйүгэр элбэх билиини сааһылаан илдьэ сылдьар, ол булугас өйү, инникини өтө көрөр, анаарар өйү күүһүрдэр, өйдүүр өй эйгэтин кэҥэтэр, саҥа билиини-көрүүнү дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатар. Үтүө өйдөөх киһи ис чиҥнээх, дьиҥнээх өрөһүлтэлээх өйүн дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах өттүгэр туһаайар, олох кыһалҕаларын туоратарга орооһор, кыттыһар, кыаммакка, кырдьаҕаска амарах сыһыаннаах, сытыы өйүнэн дьон олоҕо туруктаах буоларын ситиһэр. Олох саҥа ирдэбиллэригэр мындыр өйүнэн ураты көрүүлээх ньымалары, албастары толкуйдаан, сайдар суолу тобулар, уустук түгэннэргэ быыһанар кыһалҕаны туоруур, эрэйи чэпчэтэр сатабыллары төрүттүүр. Г.С. Попова этэринэн, өй икки сүрэх мөккүөрүн киһи удьуор тыына, тыын кута эрэ быһаарар.
23
Степанова В.Е. Саха үөрэҕэ оскуолаҕа. – С. 16.
24
Степанова В.Е. «Сэргэлээх» оскуолата: бэйэни күрүөлэнии.– Дьокуускай: Бичик, 2017. – С. 56.