Биһиги сахалар…. Туруулаһыы. Ульяна Алексеевна Винокурова

Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - Ульяна Алексеевна Винокурова


Скачать книгу
сыл сайыныгар тыа уотун кутаатын ортотугар өтөрүнэн күөн көрcүбэтэх тургутууга киирбиппит. Уот кутаа байҕал, Уот Уһутаакы диэн тургутуу чыпчаала. Ону сэргэ хамсык ыарыыта бүрүүкээн, дьону, салалтаны кыһалҕанан кыһайан, ыарахан ыарыынан-сүтүгүнэн охсон, уотунан кымньыылаата. Онтон дьон өйө, уйулҕата огдолуйбата, сыыһаны-халтыны аахсыбакка, сирин-дойдутун, дьонун-сэргэтин быыһыырга турунна. Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат. Киһи да, норуот да бэйэтин дьылҕатыгар хаста да өлө-өлө тиллэр, быста-быста салҕанар. Мөлтөөн-ахсаан бүдүрүйбэккэ, өрөйөн-чөрөйөн, сүһүөҕү-тирэҕи булан, чиҥ ис кыаҕын күүһүрдүү быһаарыылаах күнэ-дьыла инникитин да кэлиэ турдаҕа.

      Саха итэҕэлинэн, өлөн-охтон биэрбэт күүһэ сүрэх туһаайыытынан баар от күөх өҥнөөх СҮР уота буолар. Бу уот уйулҕа хамсаатаҕына, санаарҕаатахха, куттаннахха, ытаатахха, бэйэни сэнэннэххэ, кыыһырдахха мөлтүүр. Сүр уотун кыыма, күүһэ киэҥ көҕүстэннэххэ, бэйэни ыһыктыбатахха, Айыы көмүскэлин, арҕаскыттан тэһииҥҥин тутар. Олоҕу таптыыр санаа күүһүнэн салгыны хамсатан сүр уота күөдьүйэр. Махтаныҥ Үрүҥ күҥҥэ, Үрдүкү күүстэргэ, Сир дойду, тыынар салгыммыт иччилэригэр, өбүгэлэргитигэр бу үтүө Саха сиригэр, Саха киһитэ буолан кэлбиккитигэр. Махтаныҥ төрөппүттэргитигэр, чугас дьоҥҥутугар. Оччотугар эһигини көрө-истэ сылдьар өбүгэлэргит, туох баар көмөлөһөр күүстэргит чугас сылдьыахтара. Үрүҥ Айыы тойоммут күлүмүрдэс күммүт күүһүттэн бэрсиэ, кэпсэтэ сырыттахха, көмөлөһүө.

      Олох олоруу диэн туруулаһыы уонна дьүөрэлэһии. Олох очурдарын этэҥҥэ туоруур санаа күүһэ «арҕаһыттан тэһииннээх Айыы киһитэ» диэн тирэххэ эрэнэр, тирэнэр. Ол иһин тирэхтээх буолан, араас тургутууларга өссө кэҥээн биэрэр майгы баар. Оччоҕо тирээн турар кыһалҕаны искэр иҥэрэн, буһаран, оттомноохтук ыараҥнатан, ырытан, иннигин-кэннигин хайан, быһаарар суолу тобулаҕын. Ыгым, быһымах быһыы-майгы табыллыбат. Ол иһин киэҥ көҕүстээх буолуу эрэйиллэр. Киэҥ көҕүс диэн холкутуйуу, уһуну-киэҥи толкуйдуур тулуурдаах турук. Кытаанах, хардааччы майгылаах киһи улаҕалаах, сиэрдээх туруктаах өйдөөх-санаалаах, аһара туттубат, олох тургутуутугар тулуурдаах. Саллыбат, чаҕыйбат киэҥ көҕүстээх киһи сөптөөх быһаарыныыны ылынар, кэмин-кэрдиитин дьүөрэлээн чопчу дьайыыны оҥорор.

      Саха киэҥ көҕүстэнэр алгыһыгар этиллэр (Дабыл):

      Дьээ-буо!

      Алака-чалака!

      Алтыс халлааҥҥа олохтоох

      Дьиҥнээх, кырдьыктаах олох

      Айыыта Аан Дьааһын тойон

      Үрүҥ тыынын

      Үрүҥ былыта

      Тоҕус томоонноох

      Киэҥ Хаан тойон буола

      Бэттэх көр,

      Мичик гын.

      Алыас.

-1-

      Дьээ!

      Киэҥ Хаан тойон

      Бастакы томоонун тутуһуум.

      Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо

      Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан

      Харыһыктаах хара тыыным

      Уһаатын,

      Күннээх көмүс көхсүм

      Көнньүөрдүн.

      Алыас .

-2-

      Дьээ!

      Киэҥ Хаан тойон

      Иккис томоонун тутуһуум.

      Дьиҥнээх,


Скачать книгу