Биһиги сахалар…. Туруулаһыы. Ульяна Алексеевна Винокурова

Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - Ульяна Алексеевна Винокурова


Скачать книгу
кэскилин туруулаһыы – бары омук олоҕун кыаҕын быһаарар тыын ирдэбил. Омук тыына быстыбат мэктиэтэ, көмүскэлэ – кини өйө. «Өй» диэн өйдөбүл түүр да, монгуол да тыллаахтарга уларыйбат суолталаах «ум, разум, память, мнение» диэн суолталаах. Киһи өйө саҥа, урут киһи олоҕор көрсүбэтэх-билбэтэх күөн көрсүһүүтүгэр дьоһуннук, кыайыылаах тахсар эппиэти тобулар кыаҕа төһө күүстээҕэр биллэр. Аныгы киһи информационнай технологиялар нөҥүө аан дойду эйгэтиттэн өйүн күүһүнэн сайыннарар, тэнитэр кыаҕа муҥура суох буолан иһэр. Маннык кэмҥэ, ордук искусственнай интеллект сабардыыр суоһа биллэн истэҕин аайы, киһи дьиҥ өйүн саталлаахтык салайынан, кини кыаҕын кэҥэтии, үөрэҕи ылыыны түргэтэтии, эт мэйиитин кистэлэҥ эрчимнэрин арыйыыга болҕомтолоохтук сыһыаннаһара эрэйиллэр буолла.

      Саха өй үлэтин туругар, суолтатыгар киэҥ, дириҥ өйдөбүлү уурар, тыыннаах буолуу, тас эйгэни кытта дьоһуннук бодоруһууга сүрүн тутулук төһүү күүһүнэн-кыаҕынан билинэр. Ону Былатыан Ойуунускай кэриэс-хомуруос тылларыгар чуолкайдык эппитэ:

      Эрэниэҕиҥ-итэҕэйиэҕиҥ икки атахтаах

      Эрэйэ-буруйа өлөрүн,

      Өлөртөн өлбөт өйүн,

      Өйүнэн өлбөт бэйэтин.

      Аан дойду араас судаарыстыбаларын олохтоохторун сайдыыларын кээмэйдиир «киһи сайдыытын индексэ» диэн тэҥнэбилгэ туттуллар көрдөрүү баар. Нэһилиэнньэ үөрэҕириитин таһымын, ол төһө сыл ситиһиллэрин, хас сыл тыыннаах олорорун, олоҕун таһыма хайдаҕын ааҕан-суоттаан таһаарыллар. Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрэ 1990-с сыллартан итинэн дьарыктанан араас тэҥнэбиллэри таһааран, сайдыы хаамыытын таһымнарын бы- һаараллар. Онно инникитин биһиги чугастан бодоруһуохтаах Арктикабыт дойдулара (Скандинавия) уонна Азия баабырдара (Финляндия, Швеция – 0,8; Сингапур – 0,88; Гонгонг – 0,81; Япония, С. Корея) буолаллар. 2020 сыллаах түмүгүнэн Арассыыйа 41-с миэстэҕэ тутуһан турар (Шанс дожить до 5 лет – 99%; среднее количество лет обучения в школе – 13,7; качество обучения – 498; выживаемость взрослого населения – 80%; түмүк – 0,68)7. Бу индикатордары туттан, Арассыыйа эрэгийиэннэрин эмиэ сааһылыыллар. Онно көрдөххө, Саха сирэ 90-с сылларга 44-с миэстэ эбит буоллаҕына, 2020 сылга 15-с миэстэҕэ өрө таҕыста!8 Бу элбэх өрүттээх үөрэҕирии, идэтийии, чөл туруктаах олох туһугар тардыһыы уонна төрүт билиигэ, өйү сайыннарыыга туһаайыы үтүөкэннээх көрдөрүүтэ.

      Саха итэҕэлигэр Билгэ хаан диэн киһи өйүн уһугуннарар Айыы баар, кини өй күүһүнэн тыыннаах буолууну сайыннарар. «Өй – аан дойдуну айбыт Улууттан улуу Сүдү Күүс, Өй өлбөт үөстээх»9. Үрдүк өйү, сэрэйэр күүһү, аһаҕас эти Үөһээҥҥилэр дьаһайаллар, киһиэхэ өй угаллар, биир ситимҥэ холбууллар. Ону билигин ноосфера диэн куйаар ураты хаттыгаһа баарын билинэр буоллулар. Бу аат түөрт- биэс тыһыынча сыллааҕыта шумердар Билгэ диэн таҥаралаахтарыттан кэлбит кэриҥнээх.

      Билгэ хааҥҥа туһаайыллыбыт алгыс ис хоһооно маннык:

      Лох, лох, лох!

      Билиини биэрээччи,

      Өйү үксэтээччи,

      Кулгааҕы тобулааччы,

      Хараҕы арыйааччы,

      Сайаҕас санаалааччы,

      Ичээн этээччи,

      Этитиини төрүттээччи,

      Түмүгү сүөрээччи,

      Бэлиэни этээччи,

      Сиби сэрэйтэрээччи,

      Үөрэх төрдө,

      Билии баһа

      Билгэһит

      Билгэ


Скачать книгу

<p>7</p>

Индекс развития человеческого капитала. 2020 г. – https://nonews.co/directory/lists/countries/human-capital

<p>8</p>

https://ru.wikipedia.org/wiki/Список_субъектов_Российской_Федерации_по_индексу_человеческого_развития

<p>9</p>

Уткин К.Д. Өбүгэлэр үгэстэринэн толкуйу тобулуу / Сахалыы өй-санаа сайдыытын сүрүн тосхоллоро. Научнай-практическай конференция матырыйааллара. Муус устар 2 күнэ, 2011. – Дьокуускай, 2022. – С.27.