Көрүдьүөстэр. Валентина Сивцева

Көрүдьүөстэр - Валентина Сивцева


Скачать книгу
ыйан ааспыппыт. Деканы солбуйан олорор преподаватель: «Когда приехали, девочки?» – диэн ыйыппытыгар, дьүөгэм Натааһа улахан баҕайытык: «Завтра приехали!» – диэн баран, ып-ырааһынан көрөн кэбиспиттээх. Бу түһүмэх саха дьоно улуу нуучча тылын кытары алтыһыыбыт туһунан…

      «Во саду ли, в огороде…»

      Зона кэнсиэригэр монтер Валерка музыкальнай нүөмэр толорор. Аатын эппиттэригэр киирэн устуулугар олорон, балалайкатын настройкалаан тырыыҥкалата түһэн баран, дьоһуннаахтык туран, бэйэтин нүөмэрин бэйэтэ биллэрэр: «Нуучча народнай ырыата «Бассадуули».

* * *

      Автобус тохтобулугар турар уолтан нууччалар: «Бириэмэ төһөнүй?» – диэн ыйыппыттар. Уол чаһытын көрбүтэ: 7 чаас буолуо 15 мүнүүтэ хаалбыт эбит. Уол төбөтүн иһигэр тылбаас бары варианнарын эргитэн көрдөөбүт да, тугу да тобулбатах. Онон ыксаан: «7 часов не хватает 15 минут!» – диэн балаһыанньаттан тахсыбыт.

* * *

      Хотугу улуус биир дэриэбинэтэ. Кыракый кыысчааны аҕата, дьыссаакка илдьээри таҥыннаран баран, сиэбигэр сурук укпут. Мантыгын баспытааталгар хайаан да көрдөрөөр диэбит. Кыыс тук курдук иитээччитигэр аҕатын илдьитин тиэрдибит. Онто маннык диэн сурук эбит: «Киэһэ кыспын таҥыннаран баран, таһаран бэйэтин ытан кэбиһин». Аҕата нууччалыы оскуолаҕа үөрэммит буолан, төһө сатыырынан сахалаабыт дьүһүнэ эбит.

* * *

      ГАИ инспектора боротокуол толорор: «Ханна үлэлиигин?» Тутуллубут киһи: «Аэропорка». Инспектор: «Тугунан?» Тутуллубут киһи: «Ээ, радиспын». Инспектор: «Ясно». Салгыы суруйар. «Илиигин баттаа», – диэн баран, кумааҕытын киһитигэр биэрэр. Тутуллубут киһи көрбүтэ: «Должность: эротист аэропорта» диэн сурулла сылдьар эбит.

      Ол инспектор биирдэ атын киһини туппут. Эмиэ доппуруос саҕаланар.

      – Ханна үлэлиигин?

      – Бэкээринэҕэ.

      – Онно тугунан?

      – Куул эҥин тэбиибин.

      Инспектор: «А, ясно, кулетряс», – диэн боротокуолга киллэрбит.

* * *

      Милииссийэлэр биир мас кэрдээччи нууччаны хаайбыттар. Докумуоннарыгар «специальность» диэн графаҕа «Дровосек» диэн суруллубут үһү. Тойонноро мөхпүт: «Дьиикэйдэр! Бу туох остуоруйа Дровосегын хаайдыгыт?! Лесоруб диэн тыл баарын билбэккит дуо?!»

* * *

      Арай биирдэ автобуска айаннаан иһэбит. Инники эрээккэ биир эмээхсин олорор этэ, арай эмискэ автобус араҕан эрдэҕинэ, ойон туран: «Уой, тохтоновите, пожалуйста, мне тут падать надо», – диэбитигэр, суоппар, нуучча киһитэ, өйдөөн тохтоото ээ.

* * *

      Биһиги дэриэбинэбитигэр биир ветеринар киһи баар, Баһылай диэн. Ол киһи администрацияҕа үлэтин түмүгүн отчуоттуур. Бэйэтэ юмордаах баҕайы киһи. Биир сырыыга, сүөһүтүн өлүүтэ элбээн, аакта суруйан аҕалбыт. Администрация специалистара, мөҕүөхтээх дьоно, ааҕан баран, күлэн өлө сыспыттар. Биир ынах быатыгар эриллэн, моҥнон өлбүт. Ону аактаҕа ветеринар маннык суруйбут: «Не от хорошей жизни корова покончила жизнь самоубийством (через повешивание)». Онтон биир тарбыйах ыстаҥалыы сылдьан, иһин хайа түһэн кэбиспит. Онтубут аактата маннык эбит: «Теленок умер от радости, прыгал-прыгал и порвал себе живот». Ону хонтуораҕа үлэлиир эдьиийим: «Дьиҥинэн, грамотнай бөҕө, үөнэ баппат», – диир.

* * *

      Оҕо сылдьан, куоракка күрэхтэһиигэ киирдэххэ, остолобуойга толуонунан аһыыбыт: кэтилиэт, мокоруон, килиэп, компот. Харчы ордугар тахсан, уулуссаттан икки мороженай ылан сиигин. Биир күн кассир балыйда. Харчым тобоҕо икки мороженайга тиийбэт. Мин наһаа абардым.

      – Дай добычу!!! – уонна илиибин уунан баран, турабын. Кассир ыксаан, уолаттарбыттан ыйытар. Мин сахалыы уолаттарбар:

      – Миигин оҕо диэн бу нуучча чүөчэтэ балыйар. Харчым ордугун биэрбэт, – диибин. Онтон билбиппит баара: бүгүн кэтилиэт буолбатах, «шницель из свинины» үһү. Сыаната ыараан, мороженайбар харчы тиийбэт эбит. Мин көрдөхпүнэ, кэтилиэт кэтилиэт курдук.

* * *

      Нууччалыы иитиилээх саха быраастара ыарыһахтыын кэпсэтиилэриттэн.

      Бороҕон балыыһата.

      Быраас: Эн ойоҕун (ойоҕоһуҥ) ыалдьар дуу?

      Ыарыһах: Ээ, ыарытыйар.

      Быраас: Эн көссүн (көхсүҥ) ыалдьар дуу?

      Ыарыһах: Суох, суох, көссүүм суох.

      С.Н. Платонов кэпсээннэриттэн

* * *

      Эдьиийим оҕотун абитуралата үрэх баһа дойдуттан кэлбитэ. Арай «Столичнай» рынок аттынан ааһан иһэн, «Вулканцех» диэн суругу көрөн: «Хата, бу буулка сыаҕар киирэн, бурдук аһа атыылаһыах», – диэн дьылыс гынаат, төттөрү ыстаммыттаах.

* * *

      Дэриэбинэттэн үөрэххэ туттарса кэлбит бырааттыылар маҕаһыыҥҥа киирбиттэр. Тоҥ нуучча атыылааччыны көрөн, харчыны хайдах бытарытары толкуйдааһын буолбут. Биир бэйэтэ нуучча көрүҥнээх уол тиийэн бытарытар буолбут. Бааһынай уол кассаҕа тиийэн, харчытын остуолга ууран баран: «Вдребезги», – диэн палк гыннарбыт.

* * *

      Ахсыс-тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан, табаарыспынаан военкомакка диэн куоракка киирдибит. Биир кабинекка киирэ сылдьан баран, киhим сирэйэ дэлби кытаран таҕыста. Быраас: «Встань на носочки», – диэбитигэр, табаарыhым өс киирбэх наскытын устан баран, онтун үрдүгэр турунан


Скачать книгу