Көрүдьүөстэр. Валентина Сивцева

Көрүдьүөстэр - Валентина Сивцева


Скачать книгу
убайа аа-дьуо унаарытан саҥарар, оннук туттар-хаптар киһи. Үөс сиргэ сылдьан биир маҕаһыыҥҥа киирэр. Син өр талан-талан баран, атыыһыт нуучча дьахтарыгар туһаайан: «Мене-е, килэгирээм ка-аменных кампе-ет», – диэн унаарытар уонна кэтэһэн кэнчэллэн турар.

* * *

      Мэлдьи айанныыр 25 №-дээх автобуспар саха суоппара: «Славяне». На выход есть?» – диэн тохтобулу биллэрбитигэр, арай туох эрэ мучумаан буолла. «Ааҥҥын арый эрэ! Тугу итиннэ биллэрэ олороҕун! «Убайдар», «эдьиийдэр» эрэ айанныыр оптуобустара үһү дуо бу!» – диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ икки саха үтүрүһэн-анньыһан түһэн хааллылар. Автобуска баар сахалар күллүбүт. Мэлдьи айаннаабат дьон «Славяне» диэн маҕаһыын аатынан тохтобул буоларын хантан билиэхтэрэй…

      Мас кэрдээччилэр

      Ыстапааннаах хаһыа да буолан тыаҕа тахсан, мас саһаанныы сырыттахтарына, нууччалар түбэһэ кэлэннэр, манна тугу гына сылдьалларын туоһуласпыттар. Уолаттар бэйэ-бэйэлэриттэн саһаан диэн тыл нууччалыытын ыйыталаһа сатаан баран, ыксаан: «Мы делаем зазаан», – диэн быыһаммыттар. Ыстапаан бэйэтэ да нууччаһыт киһи. Куоракка киирэ сылдьан ырыынактан боруотатыгар тимир лиис (ньаалбаан) ылаары: «Сколько стоит жалбан?» – диэн эмиэ ыйыппыттаах.

      «Нуучча» Миитээ

      Биһиги диэки 70-с сыллар бүтүүлэрин саҕана армияттан сулууспалаан эргиллибит Миитээ уол дэриэбинэтигэр кэлээт, бастакы көрсүбүт дьонуттан сахалыы умнубута аатыран:

      – Где живет мать моя Мария? – диэн ыйытан, тута ол күн киэһэтигэр кырбанан турардаах.

* * *

      Урут тыа сиригэр аҕыс кылаастаах оскуоланы бүтэрбит оҕолор атын дэриэбинэҕэ тиийэн оскуоланы бүтэрэллэрэ. Ол курдук, балаҕан ыйын 1 күнэ. Маҥнайгы уруок – английскай тыл уруога. Учуутал атын тыа оҕолорун кытары билсэр, билиилэрин тургутан омуктуу да ыйыталаһар. Арай уруок ортолоон эрдэҕинэ, ааны тоҥсуйан, күн уота килэриччи сиэбит, баттаҕа дэлби үүммүт, сайыны быһа от бөҕөнү оттообут уол киирэн кэлбит. Тэпсэҥнии турар эбит. Учуутал чугаһаан кэлэн ыйытар: «Хау ду ю ду?» Уол тура түһэн баран: «Дьөккөммүн», – диэбит. Саҥа киирбит уол кулгааҕар учуутал ыйытыыта: «Хайа дойду-у?» – диэн иһиллээхтээбит.

* * *

      Билэр уолаттарым килиэп маҕаһыыныгар турдахтарына, хара омук сирэйдээх киһи киирэн кэлбит уонна атыыһыкка этэр үһү:

      – Мне три хлеба, адын не надо!

      Онуоха атыыһыта ыйыппыт:

      – Вы хотите сказать два хлеба?

      – Во-во, слово «дыба» всегда забываю!

* * *

      Маҕаһыыҥҥа тыа киһитэ кэлэн нуучча атыыһыкка: «А мине шеш-ног наада», – диэбит. Ону атыыһыт дьахтар 6 окорочканы лөһүгүрэтэн ыйааһыҥҥа бырахпытыгар, «Не-е, не-ее, другой»,– диир үһү, онтон дьэ ыксаабыт аҕай уонна: «ШЕШ-НОГ – ЛУКИН БРА-АТ!» – диэбит. Чеснок дии сатыыр эбит.

* * *

      Тыаттан куоракка киирбит уолаттар күүлэйдээн, маҕаһыыны кэрийэн баран, аччыктаан, эбиэттии диэн остолобуойга киирбиттэр. Миин, соркуой эҥин ылан баран, хаассаҕа төлөөбүттэр. Бүтэһик уоллара нууччалыы үчүгэйдик билбэт үһү. Хаассаҕа харчытын ордугун көрдөөрү, эп-эмис нуучча дьахтарын, балыйаары


Скачать книгу