Көрүдьүөстэр. Валентина Сивцева
Күрүөбүт олох эргэ. Бурдукпутун сүөһүлэр эмиэ илдьи тэпсэн кэбистилэр. Хоромньу улахан. Ким да кумаардаан да көрбөт! Күрүө ааныгар суруллан турар ээ. «Ынахтар уонна сылгылар киирэллэрэ бобуллар» диэн.
Бастакы эрээккэ олорбут кырдьаҕас сөҕөн саҥа аллайар:
– Бээ-бээ, ол ынахтарбыт хаһааҥҥыттан ааҕар-суруйар буолбуттарай?
Биригэдьиир сапсыйан кэбиһэн баран трибунаттан тэйэ хаамар.
Тутууга сылдьан
Маркович уҥа илиитигэр ыйар тарбаҕын аҥаара эрэ баар. Хаһан эрэ станокка сарбыйбыт. Перекур кэмигэр табахтыы олорон, туохтан эрэ сылтаан, мөккүһүү саҕаламмыт. Маркович омунугар ойон турбут.
– Итини баҕас биэс тарбаххыт курдук билиэхтээххит, – диэбит даҕаны, уҥа илиитин тарбахтарын саратан көрдөрбүт.
Ону утары олорооччу Миисэтэ:
– Түөрт аҥаар, – диэбит.
Маркович өйдөөбөккө, тарбахтарын ааҕа сатыы турбут.
Дойдубар ыраахтан уоппускаҕа кэллим. Арай сыбаайбаҕа ыҥырдылар. Ортолуу аһаан-сиэн, чэпчээн эрдэхпитинэ, арай тамада миэхэ тыл биэрдэ: «Тыл бэриллэр ыраах дойдуттан кэлбит ыалдьыкка! Дойдугар сылдьыбатаҕыҥ син ыраатта. Кэпсээ, уопсайынан, анараа дойдуга олох-дьаһах хайдаҕый?» Бары чуумпурдулар, киммин көрөөрү-истээри, билбэт да дьон баар буоллаҕа. Мин туран уу чуумпуга микрофону ылан: «Һм-һм! Наһаа да «анараа дойдуттан» буолбатар…» – диибин. Хас да дьон аска чачайдылар, күлсүү бөҕө буолла.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.