Көрүдьүөстэр. Валентина Сивцева
оннук киһи суох диир, – диэбитигэр Сэргэйэ:
– Ээ, па, доҕор! Щедрин диэнин эппэтэххин! – дии охсубут.
Суоппар ситэри ааттаабатаҕын өйдөөн, дьиэҕэ төттөрү киирэн:
– Ээ, оччоҕо Салтыков-Щедрин баар дуо? – диэбит. Оччону истээт, Балбаара дьэ өлө сыспыт. Туох киһитэ булла диэн умайыктаныах буолбута – киһитэ былыр үйэ мэлис гынан хаалбыт. Суоппар кабинатыгар нэһиилэ куотан киирбитэ, били Сэргэйин суола былыр сойбут.
Отделение салалтата совхозтарын киинигэр мунньахтыы Көҕүс Сэмэн ДТ-75 тракторын прицебигэр олорон айаннаабыттар. Сэмэн массыына тырыта-хайыта сүүрбүт, бүтүннүү лоһугураччы тоҥон хаалбыт аҥхараат суолунан, тумна хайыы барбакка, дьиэтигэр тиийэ охсоору ыксаан, тракторын муҥунан дьонун түҥкэл-таҥхал түһэрэн суккуруур тыыннарын эрэ аҕалтаабыт. Дьоно кыыһырбыттарыгар: «Дьиикэйдэр, эһиги маннык сэпкэ олорон көрбүккүт дуо? Мин күн аайы ити курдук сахсыллабын!» – диэн төттөрү кыыһырбыт.
Биир дэриэбинэҕэ Тураах Бааска диэн хос ааттаах киһи баар эбит. Арай биирдэ сыбаайбаҕа киниэхэ тыл биэрбиттэр. Онуоха Баһылай, алгыс тылын этэн баран, баар-суох таптыыр ырыатын ыллаабыт. «Мин көтүөх курдукпун, кынатым ханнаный?» – диэбитигэр, биир өмүрэх эмээхсин соһуйан: «Сирэҕиис-сирэҕэс, кынаккын тоҕо хаалларбыккыный?» – дии-дии ытыһын таһына олорбут.
Кураан дьылларга илин эҥээр улуустарга от үүммэккэ, отчуттара Бүлүү, Кэбээйи диэки оттуур кэмнэрдээхтэрэ. Уус Алданнар биир оннук дьыл Кэбээйигэ оттуу диэн бөртөлүөтүнэн көппүттэр. Улуус түгэх нэһилиэгин олохтооҕо Көтөх Уйбаан бөртөлүөттэн тахсан, Кэбээйи сиригэр үктэнээт, эргим-ургум көрөөт: «Оҕолоор, Сахабыт сирэ кэннибитигэр төһө ыраах хаалла?» – диэн ыйытаахтаабыт.
«Дружба» эрбии дэриэбинэҕэ саҥа кэлбит. Бу сэптэрэ хайдах үлэлиирин ким билиэ-көрүө баарай? Илии эрбиитин курдук буолуо дуо, ыарахана эҥинэ. Кыахтаах эрэ киһи үлэлиир сэбэ буолуо диэн, модьу-таҕа киһиэхэ Сымыыт Испирдиэҥҥэ саһаан кэрдиитигэр туттарбыттар.
– Хайа, доҕор, хайдах сэп эбитий? – диэн үлэлээн кэлбитигэр ыйыппыттар.
– Ээ, дьэ, охтубут маска тэҥнээҕэ суох, охторорго эрэ эрэйдээх – сытан эрэ эрбииргэ киһи сирэйигэр ыһара бэрт, – диэбит. Охторорго сыаба сытыары эргитиллэрин ким этэн биэрэн билиэй?
Сэбиэскэй кэм саҕана коммунистическай субуотунньук буолар этэ. Онно киһи барыта хайаан да тахсыахтаах. Биир оннук субуотунньукка Раиса Тарасовна диэн сулумах дьахтар тахсыбатах. Үлэҕэ тахсыахтаах дьон испииһэгин бэрэбиэркэлии турар киһи дьахтар тоҕо суоҕун ыйыппытыгар, Борокуоппай диэн кыратык кэлэҕэй киһи: «Ол дьах-дьах-тар ыараха-ан, ыарахан, тах-тахсыбат», – диэбит. Маны дьон бары бу дьахтар хат буолбут диэн өйдөөбүттэр. Дэриэбинэ устун хоп-сип бөҕө тарҕаммыт. Дьахтар айдаан бөҕө түһэрэн, Борокуоппайы муннукка хаайбытыгар, киһитэ: «Мин хат диэбэтэҕим, мин ыарахан дьахтар диэбитим», – диир. Ол аата, ыарахан майгылаах дьахтар диэбитин, дьон сыыһа өйдөөбүт.
«Оруосабайдар»
Кулуупка оччоттон баччаҕа диэри бытаан