Сүрэххэ сөҥмүт сулустар. Анна Андросова

Сүрэххэ сөҥмүт сулустар - Анна Андросова


Скачать книгу
диигин дуо? – аны Баабыр кыттыста.

      – Дьэ, билбэтим. Кини атын сиргэ үлэлии сылдьар буолан, сирэй көрсөн кэпсэппэтэҕим.

      – Түөрт сыл уһуна бэрт, күүтүө суоҕа, муҥар хаайыылааҕы, – сүүһүгэр чэрдээх, кэпсэтии манан бүтэр диэбиттии, ньилбэгин охсунан кэбиһэр.

      Хаамыра аана лиһигирээн аһылынна, биир надзиратель киирэн барыларын ынахтыы аахта. «Утуйуҥ!» – диэн суоһурҕана этээт, тахсан барда. Бары утуйардыы оҥоһуннулар. Уу чуумпу сатыылаата, арай Баабыр тыыллаҥнаата, өрө уһуутаата уонна: «Уон аҕыс сыл олордум да, хаамыра аанын тыаһыгар үөрэммэтим», – диэтэ. Ким да тугу да саҥарбата. Арай Бүөккэ дьиибэ баҕайытык иһиттэ.

      Дьэ, Бүөккэ уол унньуктаах уһун түөрт сылын бастакы күнэ итинник саҕаланна. Иннигэр туох күүтэрий?

* * *

      Катялаах, быйыл онус кылааһы бүтэрээт, кылааһынан тутуспутунан бу Сааскылаах диэн учаастакка производствоҕа икки сыл хомсомуол путёвкатынан үлэлии тахсыбыттара. Биллэр-көстөр төрөппүтэ суох буоллаххына, төһө да үөрэххэр үчүгэй буолларгын, бу сопхуоска үлэ – мүччүрүйбэт иэһиҥ. Тыа оҕото төһө да үлэҕэ мискиллэн улааттар, хотон үлэтэ бастаан утаа муннуларын сынтарыппыта. Биир өрөбүл күнэ суох, сииктээх никсик сыттаах хотоҥҥо күнү быһа үлэлиэх диэтэххэ, чымаан суол этэ. Бастаан утаа, кыстыкка киирии саҕана, аһаҕас массыынанан ырыа-тойук аргыстаах тугу барытын саба тутуох айылаах кэлбиттэрэ. Сопхуос кииниттэн хоҥноллоругар дириэксийэ: «Олорор дьиэҕит бэлэм, тиийээт үлэлээбитинэн барыаххыт. Коммунизмы тутууга бэйэҕит сэмэй кылааккытын киллэрэн, үрүҥ илгэ гвардеецтара буолуоххут диэн эрэнэбит», – диэн уруйдаан-айхаллаан атаарбыттара. Бортобуой массыына куусабын ойоҕосторугар кыһыл таҥаска «Биэс сыллаах былааны – түөрт сылынан!», «Биир фуражнай ынахтан сылга 4000 кг үүтү!» лозуннары уонна кыһыл былаахтары анньыталаабыттара кытаран-наҕаран, кырдьык даҕаны, киһи эрэ санаата көтөҕүллүөх курдуга. Учаастакка тиийэн биригэдьиирдэрин хотонтон булбуттара. Сэмэнэп биригэдьиир оҕолору кыһыл муннукка киллэрэн, үлэ бэрээдэгин, социалистическай куоталаһыы графигын билиһиннэрэн баран, массыынаҕа анньыллыбыт былаахтары, лозуннары кыһыл муннукка саайтарбыта уонна барыларын массыынанан олорор дьиэлэригэр таһаартарбыта.

      Икки квартиралаах уопсай дьиэни киһи олоруон сөп курдук оҥорбуттар этэ. Арай сууйуута-сотуута кыайтарбатах. Биригэдьиир Николай Петрович биир өттүгэр кыргыттары, аҥаарыгар уолаттары олохтоото.

      – Аһыыр иһити-хомуоһу төһө кыалларынан була сатыахпыт, һм. Билигин уолаттар таһырдьа уот оттон, биэдэрэлэргэ чэйдэ өрүҥ уонна бэйэҕит илдьэ кэлбит өйүөҕүтүнэн аһааҥ. Итиэннэ үлэлиэхтээх хотоҥҥутун сууйуоххут-сотуоххут, – диэтэ Николай Петрович.

      – Бээрэ, ол хотону хайдах сууйабыт? Оттон бу олорор дьиэбитин хаһан өрө тардынабыт? – кэм да сытыы Вася тыл кыбытар.

      – Оҕолоор, сарсын райкомтан кыстык боппуруоһун бэрэбиэркэлии бэрэстэбиитэл кэлэр, онно хотон чып-чап курдук бэлэм буолуохтаах, һм. Наһаа да дьиэ курдук сууйбатаргыт, саатар, ооҕуй оҕус ситимнэрин суох оҥортуохха наада. Олорор дьиэҕитин онтон сыыйа-баайа үлэ быыһыгар оҥостуоххут,


Скачать книгу