Сүрэххэ сөҥмүт сулустар. Анна Андросова

Сүрэххэ сөҥмүт сулустар - Анна Андросова


Скачать книгу
дохсуннук устуоххун баҕараҕын…

      Билигин Катялаах сайылыкка көстөхтөрө. Бары кылааһынан тутуспутунан туох да кыһалҕата суох үөрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сырыттахтара. Бүөккэ оҕо сааһа сайылыгы кытта ыкса ситимнээх, онон хараҕын симтэ да, кэҕэ этэрэ, оҕус айаатыыра, түптэ буруота бу көстөн кэлэр. Катялаах билигин күнүскү ыамнарыгар сырыттахтара, оттон кини түөрт эркини өрө мыҥаан баран сыттаҕа. Бу кэнники кэмҥэ Бүөккэ төбөтө «дыҥ» курдук буолан хаалла. Ону бииргэ олорор дьонугар эппитигэр: «Наһаа санаарҕыыгын, төбөҕүн сынньаппаккын. Аралдьый. Саахыматтаа, дуобаттаа, доминолаа. Ким боборуй, барыта көҥүл. Арай хаамыраттан эрэ тахсан барыма», – диэн хаадьылыыллар. Этэр эттэҕинэ эмиэ да сөп курдук. Кырдьык даҕаны, дьоно хайдах эрэ бэһиэлэй баҕайытык олороллор. Кэпсэтиилэрэ да наар арыгы, дьахтар, көр-нар туһунан. Сымыйалаабат буоллахтарына, көҥүлгэ даҕаны дьон бэркэ көрүлүүр эбит. Онно холоотоххо Бүөккэ оҕо эрдэҕиттэн бэрт муҥкуктук улааппыт эбит. Аҕата тырахтарыыс этэ. Үлэни да кыайа-хото тутара, ол бэйэтэ кэнники арыгыһыт буолан хаалбыта. Бастаан утаа үлэтиттэн киэһэ арыгы сыттаах кэлитэлиир буолбута.

      Ону ийэлэрэ сөбүлээбэтэҕин биллэрдэҕинэ, «дьоҥҥо үтүөнү оҥорбуппар махтанан күндүлээбиттэрин туох диэн киэр үтэйиэхпиний?» диэн суоһурҕанан кэбиһэрэ. Дьэ, онтон арыгы ыллар ылан, кэнники олох даҕаны «кыраны кыһыл, улаханы үрүҥ быһаарар» диэн тыллаах буолбута. Биир үтүө күн ыалга муус тиэйэ сылдьан тыраахтарын кытта бэйэтэ тоҥон өлбүтэ. Оччолорго Бүөккэ төрдүскэ үөрэнэрэ. Управляющай кэлэн туох да буолбатаҕыныы: «Аҕаҕыт өлбөтөҕө буоллар, тыраахтары төлөтөрүм хаалла», – диэн хомолтотун биллэрбитэ.

      Ийэлэрэ сүрдээҕин аймаммыта. Аҕалара тыыннааҕар, төһө да арыгылаатар, кэм суон дурдалара, халыҥ хаххалара буоллаҕа. Тиийиммэт-түгэммэт, кыһарҕаннаах олох саҕаламмыта. Убайа, ахсыһы нэһиилэ сыһыллан-соһуллан бүтэрээт, арыгыга төбөтүн оройунан түспүтэ. «Муҥ маһы кэрийбэт» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Бүөккэни аны бииргэ үөрэнэр оҕолоро туоратар буолан барбыттара. Таҥаһа-саба боростуойа, онно эбии ийэтигэр көмөлөһөр буолан хотон сыттааҕа тыл ыаһаҕа буолара. Үөрэҕэр олох ыһыктыммыта, учууталлар даҕаны киниэхэ болҕомтолорун уурбат буолбуттара. Биирдэ эмит былыт быыһынан күн тыгарыныы ыйыттахтарына даҕаны, төһө да биллэр, өсөһөн эппиэттээбэт этэ. Сорох учууталлар: «Шаманов, ийэҥ курдук хотонтон ырааппат киһигин. Чэ, кытаат, хотонтон Москуба чугас», – диэн аһаҕастык үгэргээн этэллэрэ. Ол аайы кини өсөһөн төттөрү түһэн иһэрэ.

      Бүөккэ кыра эрдэҕиттэн айылҕаттан бэриллибит дьикти үчүгэйдик уруһуйдуур дьоҕурдааҕа. Уруһуй учуутала Иван Иванович ону билэр буолан киниэхэ наһаа истиҥник сыһыаннаһара. Хайдахтаах да уустук уруһуйу түһэрэн ылбыттыы оҥороро. Уруһуй уруога бэһис, алтыс уруогунан буолара. Кэнники уруоктартан күрүүр бэйэтэ Бүөккэ, Иван Ивановиһы хомотумаары уонна уруһуйдуур баҕата күүһэ бэрт буолан, бүтэһик уруокка хаалара. Уруһуйга наар «биэс» сыананы ылара, онон Иван Ивановичтан элбэх хайҕал тылларын истэрэ. Ол эрээри, тоҕо эбитэ буолла, чиэппэрдэргэ түөрдүнэн барара.


Скачать книгу