Уһаабыт сааскы түүн. Раиса Сибирякова
да үөр нуучча ортотугар сылдьарбыт буоллар, биир эмит сахалыы дьүһүннээххэ, хайа, тардыстыахпыт суоҕа этэ дуо? Ыраах сиртэн кэлбит барахсан дойдутун, дьонун-сэргэтин ахтан-туоххаһыйан эрдэҕэ, – диэн сиэрдээх түмүгү оҥороллор.
Ольга дьоммун, ийэбин, үөрэхпин, оскуоланы ыйытар. Баттахпын тарыыр, өрөр. Улааттаххына туох үлэһит буолуоххунуй диэн ыйытар. Ону «эн курдук быраас буолуом» диибин. Ол аайы үөрэр. Биирдэ докумуон толорбутун көрөн ыйытабын:
– Ольга, эн аҕаҥ аата «Альхим» диэн дуу, «Альхом» диэн дуу?
– Суох, Михаил диэн.
– Оттон тоҕо «Альхимович» диэҥҥиний?
– Аа, ити араспаанньам. Толору аатым маннык, – илиискэ суруйан эрилитэр. «Альхимович Ольга Михайловна». – Чэ, аны эн ааккын суруйуох эрэ.
Тураах хаампытын курдугунан суруйан адаарытабын. «Баятанова Кат… («Катя» диэн баран, «толору ааккын суруй» диэбитин өйдөөммүн эбэн биэрэбин)…рина Адамовна». Ылан көрөр, соһуйар:
– Катерина Адамовна? Даа, биэбэкэйим, чахчы даҕаны, Адаам оҕото быһыылааххын ээ, – диир, сирэйбин-харахпын чинчилиирдии көрөр.
Ити эһэм аата буоларын, миигин онон суруйбуттарын быһаара сатыыбын даҕаны, сатаан өйдөппөппүн. Кыыһым күлэн күөх харахтара чаҕылыһаллар: «дитя Адама» дии-дии, иэдэспин уонна били хоһуу-одуу төрүөтэ буолан сордуур муннубун сып-сымнаҕастык бобо тутар. Биир ырыаны үөрэттэ, олус судургу тыллаах, үчүгэй мелодиялаах диир. Ол тылын мин өссө тэтэрээппэр суруннум:
Тум-бала, тум-бала, тум-балалайка,
Тум-бала, тум-бала, тум-бала-лаа,
Тум-балалайка шпиль балалайка,
Шпиль балалайка, тум-бала-а…
Балыыһаҕа лоп курдук биир ый сыппытым. Өрөбүлгэ ийэм кэлэн таҥаспын уларытан, сууннаран барар. Биэлсэри көрсөн турукпун ыйытар. Нэдиэлэ атын күннэригэр эбэм ас таһан аһатар, «бу оокком сыыһа ырбыт» дии-дии сыллаан сыыбырҕатар, Буойаҕа кырыыҥканан сүөгэй биэрэр: «Ити эйигин үчүгэйдик көрдүн диэн ньымааттаһабын», – миэхэ сибигинэйэн улуу «кистэлэҥин» арыйар. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум ханнык предмеккэ тугу барбыттарын кэлэн кэпсииллэр, биэлсэри сонургууллар, хайа эрэ киинэҕэ оонньообут артыыскаҕа майгыннаталлар.
Отут хонук начаас элэстэнэн ааспыта, мин үтүөрэммин, Ольгаттан көрдөһөн араас эмп, битэмиин хааларын хомуйан, үөрэн-көтөн таҕыстым. Дьиэбэр кэлэн балыыһалаах оонньуубун, эбээбин «ыарыһах» оҥорон иһиллиибин. Илиитин хорук тымырын тэбиитин бэрэбиэркэлиибин. Эбэм ону маҥнай утаа көр оҥостон сөбүлээтэ, кэнникинэн хал буолан «Бэйэ-бэйэ, хотокуо, майаачылаама», – диэн силбиэтэнэн кэбиһэр идэлэннэ. Ийэм мин баҕабын истэн үөрэр, мэктиэтигэр хайы-сах быраас буолбут оҕолоох курдук сананар.
– Чээн, мин Хотуунам эмиэ ити Ольга курдук мап-мааны, үчүгиий баҕайы быраас буолуоҕа. Оттон мин, эрийэ хатан хаалбыт эмээхсин, үөрэхтээх оҕом бэлэмигэр түөспэр силлэнэ-силлэнэ сытыам… – бэйэтэ-бэйэтиттэн тэптэн, ымманыйан киирэн барар.
Сааһыары сайын Ольга Михайловна дэриэбинэ дьонун барыларын кытары истиҥник быраһаайдаһан дойдулаабыта. Эрдэ тиийэн бэлэмнэнэн, быраас үрдүк үөрэҕэр