Уһаабыт сааскы түүн. Раиса Сибирякова

Уһаабыт сааскы түүн - Раиса Сибирякова


Скачать книгу
боробулуоха кииппэлэммитин тиэйэн таһааран бырабылыанньа дьиэтин иннигэр туруоран кэбистилэр. Биир оннугу алын Арыылаахха илтилэр. Ону кэлэ-бара мэлдьи көрөбүн. Оҕонньоттор баҕаналары хатырыктыылларын быыһыгар боробулуоханы ыатаран тахсаллар. «Бу тимиринэн уот хайдах айанныыра буолла» дэһэллэр, дьиктиргииллэр. Ону сэриигэ сылдьыбыт бырантабыыктар, Сэмэннээх Ньыыкан, туох эрэ диэн быһаара сатыыллар даҕаны, төрүт өйдөөбөттөр. Киһи бэйэтэ эт хараҕынан көрбөтөҕүн сатаан итэҕэйбэт эбит.

      Саас, сир хараарбытын кэннэ, мин пиэрмэ сайылыгар көстүм, холкуос уон биэс ыанньыгын оҕолору-байдары тутан. Дьонум өтөхтөрүгэр, манна, хааллылар. Ыһыах иннинэ били эппит уот тардааччылара кэлбиттэр. Иккиэлэр, нууччалар, биирдэстэрэ икки саһааннаах улахан баҕайы, иккиһэ кинитээҕэр намчы соҕус диэн буолла. Бастаан холкуос хонтуоратыгар хоммуттар. Били баҕананы көрбүттэр-истибиттэр, сороҕун кылгас, сороҕун аһары синньигэс диэбиттэр. Биһиэттэрэ эбии баҕана кэрдэр түбүгэр түспүттэр. Ити икки ардыгар билсэ-көрсө охсон, «бөҕө Тойбо сахалыы олох билбэт, төрүт «тоҥ», иккиһэ Найыл кэм «ириэнэх», наадатын син быһаарсар эбит» диэн кэпсээн тарҕаммыт. Сотору соҕуһунан бырабылыанньа мунньаҕар: «Дьоммут сатаан астанан аһаабаттар, наар кэнсиэрбэни сылытан сииллэр, ыраах сиртэн кэлбит үлэ дьонун көрбөт-истибэт сэмэлээх буолуо, онон ыалга олохтуохха», – диэбиттэр. Итиэннэ «иллэҥ эмээхсиннээх оҕонньорго Адаамкаларга олордорго» уураахтаан кэбиспиттэр, «дьоҥҥут айахтара» диэн эт-арыы, бурдук нэрээттээн биэрбиттэр. Онон, биир үтүө күн дьонум, икки лиҥкир нуучча дьукаахтанан хаалбыттар.

      Баҕана туруоруута эмиэ туспа биһирэмнэнэр кэпсээн буолла. Биэс-алта эдэр уолаттары, ол иһигэр киһи кэмчитинэн, оскуолаҕа үөрэнээччилэртэн улахаттарын талан, ол дьоҥҥо көмөлөһүннэрэ сыһыарбыттар. Бастаан оҕус көлөнөн баҕаналары дэриэбинэ былаһынан хас биирдии ыалга тиэрдэ таспыттар. Онтон балтараа миэтэрэ дириҥнээх баҕана үүтүн хаһан астаспыттар. Дьэ, баҕана туруоруута буолбут. Биһиги оҕолорбут бастаан тугу гыныахтарын билбэккэ булумахтаһа сырыттахтарына, били бухатыыр нууччалара уонтан тахса миэтэрэ усталаах баҕананы ортотуттан ылан көтөҕөн мадьалытан таһааран төрдүнэн дьааманы булларбыт, «давайте, молодцы!» диэбит. Ону биһиэттэрэ ый-хай бөҕөнөн кымырдаҕас курдук саба түһэн, ким баҕыырынан, ким ураҕаһынан өрө анньан таһааран: «дьип» гыннара олордубуттар уонна көмөн табыгыратан кэбиспиттэр. Кэннилэриттэн иккис нуучча хап-халыҥ курунан чиэстэнэн, атаҕар баҕыырдаах тимири кэтэн, онон куоска курдук хатаастан, үөһэ ыттан, кииппэттэн боробулуоха быһа-быһа, лииньийэ тардан испит. Оҕонньоттор ону кыра оҕо курдук батыһа сылдьан көрбүттэр, «дьэ, мыыдарысымаан үлэ эбит!» диэн түмүк оҥорбуттар. Бэркэ диэн саллыбыттар, «бу кэриэтин киһи төһө баҕарар оту охсуо этэ» дэспиттэр. Баҕыырдаах тимири чинчийэн көрөн баран, «аныгы албас обургу» диэн сыана быспыттар. Ордук бухатыыртан дьулайбыттар, хайҕаабыттар да хайҕаабыттар, быччыҥын


Скачать книгу