Өтөх иинэ оспот. Татьяна Находкина

Өтөх иинэ оспот - Татьяна Находкина


Скачать книгу
Маарыйа түргэн соҕустук туттан, кэргэнигэр итии чэй кутар. Остуолга эрдэ бэлэмнээбит күөрчэҕин, лэппиэскэни тоһута тутан уурталыыр.

      – Дэлби аччыктаатым. Маарыын сарсыарда сүөһүлэр отторо бүттэҕэ диэн ыксаан, сылбырхай чэй иһээт барбытым. Сүөһүлэриҥ хайдахтарый? – итии чэйин сыпсырыйарын быыһыгар кэргэнин эйэҕэстик көрөн ылар.

      – Ээ, үчүгэйдэр. Быйыл 40 борооскуну биэрэннэр ыарырҕаттым. Урут 30–35 буолар этэ. Саатар, тас үлэһитим да боростуойа бэрт. Отун түннүгүнэн ыһан-тоҕон баран элэс гынар. Кэннэ кэтинчэ да буоллун – кыһаммат. Былырыын бэйэм Баһылайым буолан үчүгэй этэ.

      – От тиэйиитэ бүттэҕинэ, мин оккун бэйэм да угуом. Уолбут тырахтарыыс буолан кэллэҕинэ, аны кыһын от тиэйиитэ чэпчиэ. Наар оҕуһунан сыккырдатар сылаалаах. Тойоммут Бүөтүр Бөтүрүөбүс киһи киһитэ буолан абыраата. Дьаһаллаах, ыччат бөҕөнү үөрэххэ ыытта. Оскуола тутарга ылсан, мас бэлэмнээн, дьон санаата кэллэ. Инникини, кэскиллээҕи толкуйдуур чахчы үчүгэй сэбиэт бэрэссэдээтэллэннибит. Ол иннинэ олорбут Сэмэн Сэмэнэбис бырдааттанан ыарахан, бардам баҕайы киһи этэ. Чэ, мин мас мастыы таҕыстым. Таарыйа хоспохтон куобах туһахтарын таһааран көрүөм. Ол аҕам санаммыт буоллаҕына, кинини туох да тохтоппот. Сарсын халлаан суһуктуйуута барбыта эрэ баар буолуо. Миитээни сэрэтиэххэ наада. Эһэтин кэтии сылдьыа этэ. Билигин Баһылаастан алдьаммыт туһах ылан, үөрэн-көтөн кэлиэ.

      – Чахчыта оннук. Баһылай сир хараарыыта кэлэрэ буолуо. Бааһына тиэриитигэр төбөтүн оройунан түһэр ини, – ийэ кыра уолун санаан, сирэйдиин-харахтыын сырдыыр. – Онтон үөрэхтээхпит Ыстапаан аны сайын биирдэ кэлэр.

      – Оннук, чэ, мин таҕыстым, – Ыстапаан оһох кэнниттэн сүгэтин ылан, тахсан барар.

      Чуумпурбут дьиэтигэр Маарыйа соҕотохсуйа түһэр. Киэһээҥҥи аһылыгын бэлэмнээри ириэрэ киллэрбит этин ылан, кырбаан барар.

      Бөһүөлэккэ нууччалыы тутуулаах дьиэ аҕыйах. Бу дьиэлэрин икки сыллааҕыта туттан киирбиттэрэ. Ыстапаан тутууга дьоҕурдаах буолан, уолаттарынаан түргэнник көҥдөйүн таһаарбыттара. Дьиэ ис үлэтин от үлэтин быыһыгар бүтэрэн-оһорон испиттэрэ. Ыстапаан бииргэ үөскээбит үөлээннээхтэрэ илии-атах буолан абыраабыттара. Хардары-таары көмөлөсүһэн, сорохторо саха балаҕана да буоллар, бары дьиэлэннилэр.

      Бэл, эһэлэрэ улаханнык көмөлөспүтэ. Бөҕүн-саҕын тута хомуйан иһэринэн баҕас абыраабыта. Баһылаас оҕонньор уола Бүөтүр оһохчут буолан, билиитэлээх оһох тутан, ол күһүн дьиэлэригэр киирбиттэрэ. Саҥа дьиэлэнэн үөрбүттэрэ даҕаны. Эһэлэрэ, холуочуйбучча, ол киэһэ үҥкүүлээн тэйиэккэлиирэ бу баарга дылы. «Балык ыамнаах, киһи күннээх», – диэмэхтиирэ. Билигин ыал үксэ нууччалыы билиитэлээх оһоххо көһөн абыраннылар. Маһы да көмүлүөк оһох курдук сиэбэт. Урут кини дьоно эрэйдээхтэр күнү-түүнү быһа оттон эрэй бөҕөнү көрөллөрө. Атын холкуос дьоно кинилэр байылыат олохтоох холкуостарыгар, бэрэссэдээтэллэригэр, оһохчуттарыгар ымсыыран аҕай биэрээхтииллэр. Маарыйа араас кэккэ санааларын быыһыгар холкуоһун онтон үргүлдьү бэйэтин хотонугар тахсарга сананан, үлэҕэ кэтэр таҥаһын таҥнан хачыгырайда. Ыстапаан оһоҕун отуннаҕына,


Скачать книгу