Соһуччу көрсүһүү. Май Емельянов

Соһуччу көрсүһүү - Май Емельянов


Скачать книгу
быһылаан буолбутугар таҕыстыбыт. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Гоголев кэпсээнинэн, Петров Иван Николаевич диэн, саас ортолоох нэһилиэк биир тутаах үлэһитэ киһи, дьоно суоҕар оронугар сытан эрэ доруоп саатынан ытынан өлбүт. Дьон билэринэн олус иллээх ыал эбиттэр. Ким ытыан, кимниин өстөһүөн сөбүн таайа сатаабыттар да, оннук киһи баара көстүбэтэх. Туох да суругу хаалларбатах. Онон дэриэбинэ дьоно улахан санааҕа түһэн олороллор эбит.

      Ол бириэмэҕэ оҕолор кулуупка сылдьыбыттар, кэргэнэ хотоҥҥо ынахтарын ыы тахсыбыт. Эр киһи оронугар сытан хаалбыт. Саа тыаһаабытыгар «туох түстэҕэй?» диэн соһуйан дьахтар хотонуттан сүүрэн кэлэн, хайыы-үйэ тыына быстыбыт киһи сытарын булбут. Аймалҕан бөҕө буолбут:

      – Кини ытынар туох да биричиинэтэ суох этэ. Хотоммор тахсарбар оронугар сынньана сытан хаалбыта. Ытыммыта буоллар саатар сурук хаалларыа этэ, – диэн кэргэнэ Маарыйа ытаан айманар.

      Биһиги толкуйбутунан ытымматаҕа чуолкай курдук. Ол аата өстөһөр киһилээх буолуон сөп. Ити сабаҕалааһыны участковай Ким Ир Сен чинчийбитинэн барда. Мин көрүү боротокуолун суруйааччы буоллум. Ыалларыттан икки киһини понятойунан ыҥыртаран ыллым. Ити кэннэ өлбүт киһи ханна, хайдах сытарыттан саҕалаан суруйан бардым. Биир айахтаах, таһынан сомуоктаах сомуога түспүт саа орон аттыгар сиргэ сытара. Дьиэлээх дьахтар кэргэнин саата буоларын бигэргэттэ:

      – Күһүн куобахха сылдьан баран оронун үрдүгэр тоһоҕоҕо ити сааны ыйаан турбута.

      – Оттон сүгэр быата ханнаный? – хаһаайкаттан суруйа олорон ыйытабын.

      – Быаланааччыта суох. Итинник сулумах санныгар ууран уоһуттан тута сылдьааччы, – Маарыйа уруккуттан билэр киһилии чуолкайдык эппиэттиир.

      – Оччоҕуна истиэнэҕэ хайдах ыйанан турбутай? – эмиэ ыйытабын.

      – Дуҕатыттан куруук ыйааччы, – Маарыйа ытыы-ытыы хардарда.

      Сааны ылан бүк туппутум, эстибит тимир ботуруон сылдьара. Ол туран өйдөөн көрбүтүм, элбэрээгин кэннигэр, ыйанан турбут балаһыанньатыгар быыл түспэтэх, оттон биир өттө быыллаах. Ону болҕойон көрүүгэ биир сиринэн кыратык быыл сотуллубут. Сомуогу туруордахха кэннэ быыла суох. Понятойдары, кэргэнин ыҥыран үһүөннэригэр итини барытын көрдөрдүм. Саа уоһугар иитиилээх ботуруоннаах сылдьыбыта, өссө сомуога туруоруллубутунан тоһоҕоҕо ыйаммыта чуолкайданна. Боротокуолу суруйан бүтэн баран бары истэн олордохторуна:

      – Иван Николаевич алҕаска суорума суолламмыт. Саатын тоҕо эрэ ылан көрөөрү, элбэрээгин алҕаска тоһоҕоҕо таарыйбыт. Саа иитиилээх турбут. Ону бары көрдүгүт. Быраабыла быһыытынан, күһүн бултаан баран сууйан-сотон, хаатыгар уган тэйиччи ууруллубута буоллар бу иэдээн тахсыа, атын дьон уорбаланыа суох этилэр.

      – Оҕолорбут, эһиэхэ баһыыба. Таба көрөҥҥүт, үлэҕитигэр суобастаахтык сыһыаннаһаҥҥыт санаа-оноо баттыга оҥосто сылдьыах эрэйбитин чэпчэттигит. Биһиги аҕабыт дьоллоох олоҕу олорон ааста. Хайыахпытый, бары көмөлөөн харайыахпыт, – Маарыйа ытыырын быыһыгар биһиэхэ махтана хаалла.

      Куртуйахтар

      70-с


Скачать книгу