Соһуччу көрсүһүү. Май Емельянов

Соһуччу көрсүһүү - Май Емельянов


Скачать книгу
бары чэйдии олороллор:

      – Хайа, ханна бачча уһуннук сырыттыҥ? Бэлэм чэйи иһиэх буолбуппут тоҥ балааккаҕа кэллибит. Бу көрдүү бараары чэйдии олоробут, – диэн күтүөм Балантыын кыбыһыннаран өлөрө сыста.

      – Тииҥ суолугар түбэһэн ону суоллааччы буолан хойутаатым, – диэн куотуна сатаатым.

      – Ол сарсыардааҥҥы тииҥ хайа дойдуга тиийбитэ биллибэт. Илиһиннэҕиҥ буолуо, кэлэн чэйдээ, – диэт куруускаҕа чэй куппутунан барда.

      Сарсыарда бары тус-туһунан хайысханан барыы буолла. Ким аттаах, ким сатыы ыттарын ыҥыра-ыҥыра утуу-субуу мастар быыстарыгар киирэн симэлийэн истилэр. Күтүөм миэхэ Моойторук диэн кыылдьыт улахан ытын биэрдэ:

      – Киис сытын ылан бардаҕына суолун батыһаайаҕын, ыксаабакка бараар. Чугас буоллаҕына сотору үрүөҕэ. Кини быһыта түһэн сылдьарын сөбүлүүр, киис суолун хаһан да батыспат. Тайах суолун буллар эрэ кинини көрүөҥ да суоҕа, кэтэһэ түһэн баран төннөөр. Уонна балааккаҥ таһыттан ыраатаайаҕыҥ, билбэт сиргэр мунан хаалыаҥ, – диэн эрдэттэн сэрэтэн баран, Бойбооскутун ыҥыран ыллык суол устун бара турда.

      Киэһэ биирдии киистээх, ким мас көтөрдөөх, сорох тииҥнээх кэллилэр. Биһиги киис саҥатык да суолун көрбөтүбүт. Ол оннугар хас да уларга түбэстибит да, ыраахтан ыттарбакка көттүлэр. Сарсыныгар эмиэ «сиэлэ» (булчуттар кыыл истиэ диэн хаама баралларын кистээн итинник ааттыыллар) бардыбыт. Маска олорор икки уларга түбэһэн ытаттаан ыллым. Хата миэхэ бу сөптөөх булт буолсу диэн үөрэ санаатым. Киис булбатыбыт. Күнү быһа хааман улардарым санныбын быһа түһэн улахан таһаҕас буоллулар. Киэһэ күтүөм харабыынын оптикатын хоппоҕо уура сылдьарын ылан, туһаҕынан эрийэн, мас сыыстарынан ытаһалаан туоһапкабар туруордум. 200 миэтэрэҕэ диэри таба ытар гына оҥордум. Улардар 200 эрэ миэтэрэҕэ диэри киһини киллэрэллэр. Чугаһаары гыннаххына көтөн хаалаллар. Дьэ, бэйи! Бастаан кэһэйбит буолан, улардары сарсыарда ыппат буолбутум. Төннөрбөр түбэстэхтэринэ оптиканан сирдэтэн биирдэ эрэ ытарым.

      Балантыын күн аайы кэриэтэ иккилии кииһи өлөрөн кэлэр. Ытын хайгыыр:

      – Моойторук сааһырдар да, булчут ыт. Төһө тайаҕы үрэн биэрбитин ким ааҕан билиэ баарай! Киискэ мөлтөх, быһа холуйан сылдьар. Ол сылдьан суолун сүтэрэн кээһэр. Оттон Бойбооску кыратын көрүмэ. Саҥатык суолун буллар эрэ, ситэрбит эрэ хаалар. Суолуттан туораабат, оргууй аҕай суолун устун батыһан иһэр. Кини киискэ бардар эрэ, киис сүгэһэрбэр сытар курдук саныыбын, – диэн астына кэпсиир.

      – Сүтэ сырытта быһыылаах этэ буолбат дуо?

      – Манна мунан булчут киһиэхэ түбэһэ сылдьыбыта. Киистэтэн абыраммыт этэ. Мин ытым буоларын истээт, киһинэн ыыппыта. Хаста да, атыылаһа сатаабыттара да биэрбэтэҕим, – диэтэ.

      Халлаан тымныйан барда, тыалырар буолла. Балааккаҕа иккиэйэҕин сытабыт. Уолаттар атын балааккаҕа бааллар. Күтүөм оһох диэки төбөлөнө сытар буолан, уһугунна да оһоххо түүнү быһа мас быраҕан хонор, миигин тоҥуо диир быһыылаах. Бэйэтэ олох да кыһаллыбат, тоҥор диэн өйдөбүлэ да суох киһи. Хаатыҥката


Скачать книгу