Соһуччу көрсүһүү. Май Емельянов
быһыытынан илдьэ баралларыгар көрдөспүтүм. Сөбүлэспиттэрэ.
Бөрө суолун көрбүт сирдэригэр чопчу көтөн тиийдибит. Суолбутун булаат, тиити эрэ үрдүнэн, кыыл суолун ирдиир булчут ыт курдук, батыһан бардыбыт. Ол элэҥнэтэн иһэн хаста да суолбутун сүтэрэн мохсоҕол курдук кыырай халлааҥҥа биирдэ баар буола түһэбит уонна үөһэттэн одуулаан суолбутун көрдүүбүт. Суолбутун таба көрөөт, мастар үрдүлэригэр эмиэ баар буола түһэбит да эмиэ суоллаабытынан барабыт. Охотовед уолаттар харабыыннарын бэлэм тутан түннүк аттыгар бүтүннүү харах буолан олороллор. Эмискэ суолбут быстан хаалла. Летчиктар тугу эрэ сибикилээн биир сиргэ ыйанан турдулар. Онно көрбүппүт, тоҥуу хаарга вертолет түһэ сылдьыбыт суола арылыччы көстө сытар. Хас да бөрөнү соһон аҕалбыттар. Мэлийдэхпит ол. Төттөрү дьиэбит диэки көтөн күпсүйдүбүт. Ол истэхпитинэ сыыр сирэйиттэн тайах ойон туран ойууру былдьаста. Үөрүйэх летчиктар кинини эрийэ көтөн күөл мууһугар ынах курдук үүрэн киллэрдилэр. Ойоҕолуу көтө сылдьан астыныахпар диэри хаартыскаҕа түһэрдим. Күөл ортотугар оннук туран хаалбыта. Салгыы көтөн иһэн от үрэххэ биир кыһыл саһыл сылдьарын көрдүбүт. Вертолет саһыл үрдүгэр биирдэ баар буола түстэ. Охотоведтартан харабыыннарын уларсан биирдэ ытан кээстим. Уолаттар түһэн ыллылар.
Сотору куоракка кэллибит. Саһыл туһунан кэпсэтии суох. Мин испэр охотоведтарга биэрэн судаарыстыбаҕа туттарар туһунан саныы испитим. Вертолет тохтоотун кытта летчик тахсан:
– Бу саһылы соруйан ыттардым. Бу күннэргэ кэргэним төрөөбүт күнэ буолар, – диэт соһон кабинатыгар илдьэ барда. Онно фотоальбом оҥорор туһунан өй көтөн түстэ. Летчиктары кытта кэпсэтэн саһылым соболоҥор куораты хаартыскаҕа үөһэттэн түһэртэриэх буоллулар. Сарсыныгар куорат үрдүнэн көтө сылдьан куорат уулуссаларын сөбүлээбиппинэн хаартыскаҕа түһэрбитим. Олору бэчээттээн улахан альбом оҥорбутум. Бүлүүттэн барыахпар диэри ити альбомунан үлэбитигэр үгүстүк туһанарбыт. Мин атын сиргэ көспүтүм кэннэ хоспун суох оҥорбуттар этэ. Кэлин командировкаҕа сылдьан альбоммун туоһуласпытым да, билбэттэр этэ. Хата Ньурба милииссийэтин музейын директора, мин чугас табаарыһым Иванов Р.А., миигиттэн истэн ол фотоальбому булларан бэйэтигэр экспонат гыммыт этэ.
Эһэ күүһүн ким кэмнээбитэ баарай. Оннооҕор бу соторутааҕыта олоро сылдьыбыт Кэрэ киһи уола Күүстээх Соппуруон төһө күүстээҕин билбэппит. Ол эрэн биирдэ кырдьаҕас суолун көрөн, күүһүттэн саллан турардаахпыт.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр кыстыгы этэҥҥэ туоруур сыалтан тэрилтэ барыта окко былааннаах буолара. Биһиэхэ, милииссийэлэргэ, эмиэ былаан түһэрэ. Тохтоло суох үлэлиир тэрилтэҕэ дьон тиийбэт этэ. Ол да буоллар былааммытын куруук аһара толорон хайҕалга сылдьарбыт. Бүлүүгэ үлэлии сылдьан биирдэ хас да буолан АН-2 самолетунан Тылгыныга оттуу көттүбүт. Кэтэһэн туран, тыраахтар сыарҕатыгар тиэйэн, ким да сылдьыбатах түҥкэтэх үрэҕэр таһааран түһэрдилэр.
От бөҕө үүммүт этэ. Үөнэ-көйүүрэ киһини тутан сиэх курдуга.