Соһуччу көрсүһүү. Май Емельянов
биллибэт. Ол үгэһинэн хонуохтаах курдук саныы сыттаҕа, сарсын күүс наада буолуо. Баҕар, кырдьаҕас ыт быһыытынан, киһитэ муммутун сэрэйэн, соҕотохтуу хаалларымаары доҕор буола сытара буолуо. Ол сөп даҕаны. Дьиэбит көс эрэ иһинэн баар буолуохтаах. Манна кини элбэхтик бултаабыт сирэ. Балаакката ханан баарын сэрэйэ сыттаҕа. Сарсыарда хаарга суолум көһүннэр эрэ, дьиэм диэки дьүккүйэн көрүөм этэ. Уолаттар кэтэһэн эрэйдэннэхтэрэ» диэн харааста саныыбын. Эмиэ өрбөх сыта кэллэ. Сонум баатата умайан эрэр эбит. Суох, утары уоппун хаҥас уокка көһөрүүһүбүн, туран умайа сылдьар мастары хаҥас кутааҕа тамнаатым. Хаппыт мастары мунньан тэллэх оҥоһуннум. Онно сыгынах аттыгар сытан нуктуу түстүм.
Уһуктубутум, халлаан сырдаан эрэр эбит. Чэйбин сылытан итии киллэринним. Хаарга суолум көстөр буолбут. Тайах мас булунан, онон-манан быһалаабакка, суолбун батан киис ыппыт сирим диэки содьороҥноон истим. Чааһы кыайбат айаннаабытым кэннэ, иннибэр мас тыаһаата. Көрө биэрбитим, Балантыын икки аты сиэтэн бу иһэр эбит:
– Үрэх уҥуор тахсыбыккын көрөн, бу уол мунан өллөҕө дии иһэбин. Хата ырааппатах эбиккин. Үрэҕиҥ уҥа салаатыгар сылдьыбыккын. Ким баҕарар мунар сирэ, – диэн миигин уоскутан, буолуохтаах булбутун курдук этэн кээстэ. Мин үрэх сүнньүнэн сылдьарым буолуо дии саныырым. Ол аата уҥа салааны туораан «быһа» бара сатаабыппын. Ууга түспэтэҕим эбитэ буоллар, хайа үөдэн түгэҕэр тиийиэм эбитэ буолла. Аанньалым көмөлөстөҕө. Үрэхтэн уу баһан, уот оттон чэйдээтибит.
– Бүгүн сынньан. Мин суолбуттан туораайаҕын. Аара улар ыйанан турарын көрүөҥ. Ону илдьэн буһараар. Мин киэһэлик тиийиэҕим, – диэт атын миинэн арҕаа диэки айанната турда. Моойторук иччитэ баарын кэннэ миэхэ хаалан бэрт, иннилэригэр түһэн элээрэ турда.
Ити кэннэ мунан баччааҥҥа диэри сиргэ хоммотоҕум. Мунаахсыйыы ханна барыай. Тайахтыы сылдьан ырааҕырҕатан сиргэ хоноруҥ ахсааҥҥа киирбэт. Ити тымныы, тыаллаах түүн инникитин булчут буоларбар элбэххэ үөрэппитэ. Сөптөөҕүн бултаан, этэҥҥэ сылдьан тымныы түспүтүн кэннэ, Өктөөп бырааһынньыгар дьиэбитин булбуппут.
Криминалистика хоһо
Буруйу арыйыыга криминалистика салаата сүрүн оруолу ылар. Ол да иһин, үнүстүтүүккэ үөрэнэ сылдьан, бу салаанан утумнаахтык дьарыктаммытым. Бүлүүгэ үлэлии сылдьан буруйу оҥорооччулартан ылыллыбыт маллары түмэн хаартыска оҥорор хоско криминалистика хоһун оҥорбутум. Манна булт саатын арааһын хомуйбутум. Ол курдук доруоп саалар уостарын кээмэйэ 32-н 8 калибрыгар тиийэ баара, буулдьанан эстэр бинтиэпкэлэр, харабыыннар, туоһапкалар араастарын хомуйан истиэнэҕэ ыйаабытым. Биир ботуруоҥҥа төһө доробуонньук киирэрин көрдөрөр полка эмиэ баара. Итини тэҥэ быһахтар, кастеттар, фотоаппарааттар ууруллубуттара.
Биирдэ сайын Степан Аржаков аатынан сопхуос отделениетын тарбыйах көрөөччүлэрэ сарсыарда үлэлэригэр кэлбиттэрэ, хас да тарбыйах өлөн охто сыталлар, хас да байааттаҥныы сылдьаллар үһү. Ол туһунан