Хаһан да хойут буолбатах. Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ

Хаһан да хойут буолбатах - Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ


Скачать книгу
эрэ туойаары.

      Мин айыллыбыт эбиппин

      Үтүө дойдум сырдык аатын

      Үрдүктүк өрө тутаммын

      Дорҕоонноохтук ааттатаары.

      Мин айыллыбыт эбиппин

      Бүгүрү үлэһит төрүтүм

      Удьуор утумун салҕааммын

      Үйэлэри нөҥүөлээри.

      Бу сиргэ кэлбит аналбын,

      Ытык иэспин умнубаппын,

      Олоххо улуу тапталбын,

      Дьолбун дьоннуун үллэстэбин.

      Баламаттык сананна диэн

      Сиилии-сэмэлии санаамаҥ,

      Баҕа санаам дэлэгэйин,

      Эһиги өйдөөҥ, баалаамаҥ.

      Барбытым кэннэ оҕолорум

      Барытын ситэриэхтэрэ,

      Ол ону салҕаан, сиэннэрим,

      Кэнэҕэс, чиҥэтиэхтэрэ…

2018 с. ыам ыйаДьокуускай

      Курус аргыһым

      Устан ааһар олоҕум

      Санньыар-курус аргыһа:

      Эргиллибэт дойдубар

      Ааһан биэрбэт ахтылҕан.

      Тоҕо миигин ыыппаккын,

      Арахсаҥҥын барбаккын,

      Туман буолан суураллан

      Симэлийэ сүппэккин?

      Көтөр-сүүрэр уйалаах,

      Таптыыр-ахтар ыырдардаах,

      Быстан-ойдон сылдьыбат,

      Төннөн кэлэр түөлбэлээх.

      Арай миэхэ сулуһум

      Барар суолбун муннарда,

      Ыйан биэрбэт дойдубун

      Хантан хайдах буларбын.

      1967 сыллаахха, 50 сыл анараа өттүгэр, үтүө-мааны дойдум, Чуона нэһилиэгин сирэ-уота, Бүлүү быһыта тутуллан, ууга тимирдиллибитэ. Биир дойдулаахтарым күүс өттүнэн дойдуларыттан көһөрүллүбүттэрэ, дьиэтэ-уота, төрөөбүт дойдута суох сир-халлаан икки ардыгар хаалбыттара. Бу хоһооммун биир дойдулаахтарбар аныыбын.

2017 с. бэс ыйаСүлдьүкээр

      Ол кытылга…

      Өрүллэр сүүрүккэ уйдаран

      Аартыктаах айаммар барбытым,

      Будулҕан тумаҥҥа куустаран

      Сайыһа хаалбыта кытылым.

      Ол сүүрүк дьылҕа диэн ааттанар,

      Олоҕум өрүһүн таҥнарар —

      Күн сирин мин көрбүт күммүттэн

      Айаным биэтэгэр диэритин.

      Хаалларбыт кытылым ыҥырар

      Ханна да түгэнэн тиийдэрбин,

      Түһээммин көрөбүн, бэл түүлбэр

      Сулустаах халлааҥҥа көрдүүбүн.

      Ол сырдык кытылга хаалбыта

      Талаҕы ат гынан оонньообут,

      Сайылык түптэтэ амтаннаах

      Сэрбэйбит оҕочоон саастарым.

      Ол сылаас кытылга баар этэ

      Күлүм күн сыдьаайар сырама,

      Туохха да тэҥнэспэт кэрэтэ,

      Ийэкэм иһирэх таптала.

      Ол үрдүк кытылга билбитим

      Үтүө дьон амарах сыһыанын,

      Сэнэбил тыллартан ардыгар

      Мин санаам күүһүрэн кэлэрин.

      Ол күндү кытылга барыта

      Аан бастаан олохпор буолбута:

      Бастакы уураһыы иэйиитэ,

      Бастакы Байанай бэлэҕэ.

      Ол ыраах кытылга тыллара

      Кэрэчээн ньургуһун саас аайы,

      Хас сайын дьиэрэҥкэй тэбэрэ

      Сардаана сибэкки кырдалга.

      Ол төрүт кытылбар биир күһүн

      Тиийиэҕим айантан сылайан,

      Аал уоппун оттуоҕум алҕааммын

      Аҕалбыт сүүрүкпэр махтанан.

2018
Скачать книгу