Хаһан да хойут буолбатах. Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ
кэккэҕэ хаамабыт,
Сыдьаайар сырдыгы ыһаммыт
Омукпут тапталын ылабыт.
Айар кут абыгар сыстаммыт
Ахсым ат көнтөһүн тутабыт,
Уран тыл дэгэтин сырсаммыт
Утуйар уубутун умнабыт.
Оҕолуу омуммут ааспатын,
Оонньоотун сүүс араас өҥүнэн,
Эдэрдии иэйиибит саспатын
Сааһырыы күлүгүн бүрүнэн.
Өркөн өй сүрэхтиин өйдөһөн
Өрөгөй ырыата ылланнын,
Үйэлэр быыстарын өҥөйөн
Ааппытын кэлэр кэм аҕыннын.
Уйаҕас чап-чараас дууһабыт
Кэрэни, тапталы дьүһүйдүн!
Сүрэхпит чэрдийбит баастара
Бар дьоммут туһугар нүөлүйдүн!
Оһуордаах түннүгүм
Кырыалаах түннүктээх
Кырачаан саастарбын,
Кыраһа үллүктээх
Кэмнэрбин саныыбын.
Сарсыарда уһуктан
Түннүкпүн көрөрүм,
Өөр да өр, чугаһаан,
Одуулаан турарым.
Түлэй түүн киирэннэр
Түннүгүм тааһыгар
Дьэрэкээн бэйэлээх
Оһуору аспыттар.
Кэрэни көрөммүн,
Кэрэни сөҕөммүн,
Билиэхпин баҕаран
Ыйытар буоларым.
Хантан дуу, кэлэннэр,
Кимнээх дуу, киирэннэр
Бу маннык дьиктини
Хаалларан барбыттар?
Көмүлүөк оттуллан
Хардаҕас тыһыргыыр,
Балаҕан сылыйан
Түннүгүм кылбайар.
Ол онтон хомойон
Муннукка саһарым,
Оһуорбун аһыйан
Мин кистээн ытыырым.
Билбэтим отойун:
Кэрэ диэн уйанын,
Кэхтэрин кыраттан,
Үйэтэ кылгаһын…
Харыйа уоттара сандаарар
Хойдубут сулустар куйаартан
Алгыстаах эҕэрдэ ыыталлар,
Саҥа дьыл кэлбитин уруйдаан
Харыйа уоттара сандаарар.
Кэм-кэрдии эргиирин ситэрэн
Эргэ дьыл айанын түмүктүүр,
Дьэрэкээн өҥүнэн дьиримнээн
Дьүкээбил үөрбүттүү үҥкүүлүүр.
Туолбут ый үрдүбэр ыйанан
Түбүктээх сир үрдүн одуулуур,
Ыйдаҥа толбоно кутуллан
Ый кыыһын ыаҕаһын толорор.
Кырдьаҕас халлааным сарыала
Саҕахха саҥалыы саҕыллар.
Тохсунньу кымаахтыыр тымныыта
Бэлиэтин иэдэспэр хаалларар.
Хойдубут сулустар куйаартан
Алгыстаах эҕэрдэ ыыталлар,
Саҥа дьыл кэлбитин уруйдаан
Харыйа уоттара сандаарар…
Хаһан улаата охсон…
Кыра оҕо эрдэххэ
Хонуктар ааһаллара
Нэс оҕус айаныныы
Бэрт бытаан буолаллара.
Саас кэлэн быстыбата
Үөрэх дьыла бүтүөҕүн,
Үрдүкү кылааска тахсан
Кыратык улаата түһүөҕү.
Сайыммыт эмиэ наҕыл,
Кини ыксаабат отой.
Кумаар сиирэ абытай,
Оҕус сиэтэр да эрэй.
Көмүс