Хаһан да хойут буолбатах. Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ
халандаар илииһэ —
Туллубут сэбирдэх ханыыта,
Өксүөн тыал эрийиэ, имитиэ,
Ол онтон, дьэ сиргэ тэпсиэҕэ.
Сыыстардым дуу, бу мин бүгүн
Халандаар илииһин быраҕан —
Билбэтэх эбиппин адьаһын
Олоҕум сорҕотун быһарбын.
Бэйэбин халандаар кэриэтэ
Сарсыарда тураммын сананным —
Хас быспыт кырачаан илииһим
Олоҕум күннэрэ эбиттэр…
Кырдьаҕас өтөх
Кырдьаҕас өтөх, санаабар,
Туох эрэ ураты тыыннаах,
Төрүппүт кэс тылын тиэрдэр
Илгийэ кууһар салгыннаах.
Ааспыт кэм сүдү күлүгүн
Ардах да суурайбат эбит,
Омукпут олоҕун туһунан
Өтөх кэпсиирин истэбит.
Эмэх сиэн иҥнэйбит сэргэ,
Сиҥнибит балаҕан онно,
Холумтан буор буолбут күлэ —
Кэпсииллэр элбэҕи миэхэ.
Харахпар сэмээр сэгэйэр
Үйэлэр халыҥ быыстара,
Дьол да, сор да сэргэстэһэр
Саха олоҕун былыргыта.
Кырдьаҕас өтөх, санаабар,
Туох эрэ ураты тыыннаах,
Төрүппүт кэс тылын тиэрдэр
Илгийэ кууһар салгыннаах…
Эҥин араас санаалар
Үгүс-элбэх санаалар
Үүйэ-хаайа туталлар,
Улук ууну уйгуурдан
Утуппакка муҥнууллар.
Ииччэх-бааччах санаалар
Иилистэллэр илимнии,
Окко-маска иҥнэллэр,
Онно-манна тиэрдэллэр.
Хара бэкир санаалар
Халыйаннар кэлэннэр
Хаарыан күнү хаххалыыр
Халыҥ былыт эбиттэр.
Ыраас ыра санаалар
Ыллыктаахтар, холкулар,
Ытык иэйии кэриэтэ
Ылбаҕайдар, сылаастар.
Эҥин араас санаалар
Элэҥнэһэн киирэллэр,
Эгэлгэлээх бэйэлээх
Элбэхтэрэ сөхтөрөр.
Үтүө санаалаах дьылҕабар
Мин үтүө санаалаах дьылҕабар
Мэлдьитин махтана саныыбын:
Бу биирдэ бэриллэр олохпор
Билбиппэр Ийэ сир сыламын.
Алҕаһыыр, сыыстарар түгэммэр
Дьаһайа, дьарыйа тутара,
Атахпар эрэллик тирэнэр
Кыах биэрэн илиитин уунара.
Ардыгар атаахтаан ыларым —
Хайҕалга-мааныга тиксэрим,
Ол онтон аартыктаах айаным
Тэтимин уон оччо эбэрим.
Будулҕан тумаҥҥа мунаммын
Суолбуттан туорааммын барбатым,
Аартыкпар ыраахтан тыргыллар
Арчылыыр сулуспар сирдэттим.
Мин үтүө санаалаах дьылҕабар
Баараҕай махталбын этэбин —
Бу биирдэ бэриллэр олохпор
Көрбүппэр күн сирин кэрэтин.
Дьылҕа Хаан бэлэҕэ
Саас кэллэ, кэрэ кэм чэлгийдэ,
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте