Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт

Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт


Скачать книгу
Дьоно олус боростуой саа прикладынан хайа эркинин анньыалаан, саайталаан киирэн барбыттар. Син өр соҕус итинник хаары тоҕута саайталыы сылдьан, биир сиргэ дьөлө аспыттар. Сирдээх, арҕахтаах дьон буоллаҕа, уолаттары хамаандалаан, арҕах үрдүгэр үөһэттэн таҥнары ытардыы туруортаабыттар. Табыгаһа да суох буоллар, таҥнары өҥөйөн, хаар дьапталҕатын тоҕута үктээн, бэлэм турбуттар. Сирдьиттэрэ арҕах айаҕынан маһы уган булкуйбут. Кыыллара өр булкуйтарбатах, көхсө тыаһаан, түргэн баҕайытык былтаҥнаан ылбыт. Үчүгэйдик көстүбэт, хаар эрэ бурҕаҥныыр үһү. Кыһыҥҥы күн киирэн барбыт. Ыксал буолбут. Тэйиччи сиртэн, дьэ, биир суон сиэрдийэ курдук маһы кэрдэн аҕалан, айаҕынан батары биэрбиттэр. Ити тухары хаста да быгыалаан ылбыт эрээри, ыттарар бокуойу биэрбэтэх. Итинник манаһа турдахтарына, арай биир киһилэрэ мүччү үктээн, арҕах айаҕын үрдүнэн аллара куугунаабыт. 10-ча миэтэрэ курдугу «көтөн» тиийэн түспүт. Хаарга булумахтанан туран иһэн, аны халтарыйан, 50-ча миэтэрэни аллара сырылаабыт. Хата, бэрдин бэрт, саатын прикладын хаарга батары анньан, онон туормастаан тохтообут. Бу кэпсээтэххэ бытаан курдук эрээри, кыл түгэнэ үһү. Дьолго, уоллара тугун даҕаны өлөрбөтөх, хадьы соҕуһунан хааман, аҕылаан-мэҕилээн тахсыбыт. Халлаан хараҥараары ыксатан, тыатааҕыны бултаспакка хааллардахтарына тахсан барарын бары билэр буолан, толкуй бөҕөҕө түспүттэр. Сирдьиттэрэ, уҥуоҕунан кыра киһи: «Ортобуттан быалаан, арҕах айаҕар аллара түһэриҥ. Сатаннаҕына, ытан көрүөм», – диэт, 16-лаах икки уостаах саатын көрүнэн, быаны ылан эриммит. Хас да буолан, тирэхтэрин үчүгэйдик булунан, аа-дьуо быаларын ыытан, киһилэрин аллара түһэрбиттэр. Киһилэрэ спецназ курдук төбөтүнэн таҥнары хойуостанан, арҕах айаҕар тиийээт, иккитэ ыппыт. Төттөрү тардан таһааран, маһынан булкуйан көрбүттэрэ, тыатааҕылара хамсаабат үһү. Сэрэххэ диэн, уолаттар эмиэ өҥөйөн туран, аҕыйахта ыппыттар. Ити икки ардыгар киэһэ 6 чаас буола охсубут. Халлаан хараҥарбыт. Хостуур, астыыр кыах суох буолбут. Тоҥон да барбыттар, саатар, ыксалга фонарик илдьэ тахсыбатахтар. Хайыахтарай, төттөрү хоочугураан түспүттэр. Хайаҕа сылдьыбыт, бултаабыт дьон билэн эрдэхтэрэ хайаттан түһүү өрө тахсардааҕар ыараханын. Киэһэ хойут дэлби тоҥон, аччыктаан, сылайан, массыыналарын булбуттар.

      Сарсыарда олох эрдэ туран, хайаларын дабайан, бултаабыт сирдэригэр тиийбиттэр. £ссө чиҥэтэн чинчийэн баран, тыатааҕыларын айаҕар маһы ытыттаран, быалаан соһон таһааран, көрүү буолбут. Икки сүнньүөх буулдьа олох сүүһүгэр түһэн, тыла суох ыыппыт. Онон айаҕынан ыстанаары бэлэмнэммитин киһилэрин ытыыта тохтоппут бадахтаах. Аны туран, тыатааҕылара кэлин биир баппаҕайын тыҥырахтара суох үһү. Килэччи оһон хаалбыт. Хаһан эрэ капкааҥҥа иҥнэн, онно хаалларбыт диэн сабаҕалаабыттар. Төһө да тымныы буоллар, миэстэтигэр астаан-үөллээн кэбиспиттэр. Капкааҥҥа хаптаран, ыарытыйан, ситэ уойбатах быһыылаах диэн быһаарбыттар.

      «Нуучча боростуойа» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Улахан тэрээһинэ, бэлэмнэниитэ, сэрэҕэ суох улахан кыылга киирдэхтэрэ. Бэйэлэрэ да кэлин


Скачать книгу