Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт

Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт


Скачать книгу
кэмҥэ саата суох эрэйдэммитэ. Бултуур баҕата бэрдиттэн, билэр дьонуттан саа, саппыкы уларсан, куска, куобахха барсара. Кини хайа даҕаны хампаанньаҕа биир тылы булар, ытарынан, булка көҕүнэн, барытыгар ылсан иһэринэн тута сөбүлэтэр.

      Бастаан утаа биир дойдулаахтарын, бииргэ үөрэммит уолаттарын кытта хампаанньа тэринэн, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, үлэҕэ, булка бэркэ ылсыбыттара. Сиргэ сылдьар анал массыына, уу мотуора атыылаһан, биир кыахтаах хамаанда этэ. Салайааччылара диэххэ дуу, Юрий Юрьевич Гоголев диэн эдэркээн бэйэлээх биир дойдулаахпыт баара. Юраны кытта хаста даҕаны булка бииргэ сылдьыбыппыт. Ытарынан, көтөр-кыыл майгытын билэринэн, сырыыта дохсунунан сөхтөрөрө. Күлэн-оонньоон, кэпсээн-ипсээн, хааман-сиимэн дьоруоланнаҕына, киниттэн бары астынарбыт. ¥лэҕэ, олоххо тардыһыыта муҥура суоҕа. Дьиэ кэргэнигэр, аймахтарыгар, табаарыстарыгар, доҕотторугар олус бэриниилээх хаарыаннаах эдэркээн уол ыалдьан, күн сириттэн күрэммитэ. Онтон ылата ити хампаанньа сыыйа ыһыллан хаалбыта…

      Гашпай биһиэхэ кыра быраат буолан, анал ыҥырыынан бултаһа өрүү барсар. Кэпсээн-ипсээн, ыллаан-туойан, барытыгар «ээҕи» кытта сылдьарын уолаттар сөбүлээбиттэрэ. Хайа, уонна, кини курдук илбистээхтик диэххэ дуу, сири-уоту аһатааччы, алҕааччы аҕыйах буолуо. Сорох ардыгар, дьээбэлэнэн, «көрүүлэнэн» да ыллаҕына көҥүлэ. Аны муусукаҕа сыһымах, ырыа айар дьоҕурдаах буолан, көтөр саҥатын үтүктэн ыҥырар тэриллэри олус үчүгэйдик настройкалыыр. Аныгы үйэ киһитин сиэринэн, интэриниэт нөҥүө кус-хаас саҥатын истэн олорон ол тэриллэри бэрэлиир. Бэйэтэ куһу-хааһы сатаан ыҥырарын туһунан этэ да барбаккын. Бэл, дурдаҕа олорон Гашпай мээтиргээн, чурустаан бардаҕына, кус киирдэ диэн кирийэ түһэрбит. Оттон хааһы ыҥырарынан ыҥырыкка сылдьар киһи буоллаҕа. Сааны, ботуруону, уопсайынан, булт тэриллэрин билэринэн биир тарбахха баттанар.

      Быраат аатыран сүүрдэҕэ-көттөҕө, элбэхтик харбаан киирэн кус таһаардаҕа, куобах үүрдэҕэ. Кутаа отто охсон, чэй өрдөҕө. Кэлин төрөппүт уолаттарбыт улаатан бииргэ сааланар буолуохтарыттан Гашпай «быраат» диэн тылы, кини аннынан бырааттар баар буолбуттарынан, уларытарбытыгар этиммитэ. Хаадьы, күлүү-оонньуу быыһынан, ити «аптаах» тылы улахан көрүү кэнниттэн устуох буолан тылбытын биэрбиппит. Дэлэҕэ даҕаны Босс: «Гашпайы урут бэйэбит ыҥыран, булка илдьэ сылдьар этибит. Билигин киһибит улаатан, ситэн-хотон, бэйэбитин бултатар киһи буолла. Онон улахан сиэри-туому толорон, «быраат» буоларын тохтотуохха», – диэн улаханнык астыммытын биллэрбитэ.

      Гашпай көрө элбэх буоллаҕа. Халымаҕа барыыттан хаста да хаалбыта. Онтон биир үтүө күһүн, кус көҥүлүн бэлиэтиир дьоро киэһэҕэ, Гашпай аны саас андыга барсара «ыйдаҥарбыта». Киһибит үөрүүтэ балысхан этэ. Ити итинэн ааһан, кус булда түмүктэнэр бүтэһик күнэ үүммүтэ. Эмис кус лапсалаах миинин сыпсырыйа олорон, аны күһүҥҥү, кыһыҥҥы булка тэриниини, ханна, хас буолан барыыны кэпсэтии буолла. Хайдах даҕаны эргитэ, уһаты-туора уурбут иһин, бары кыайан тайах булдугар батан барбаппыт. Эмиэ уочараттаһыы,


Скачать книгу