Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт
күн барыта кэрэ буолуоҕун, Потап тымныйан ыалдьан хаалла. «Киэһэ кус манааһыныгар диэри сытан ыллахпына, ааһар ини», – диэт, киһибит сууланан баран, сытынан кэбистэ.
Киэһэ сөпкө соҕус тэринэн, дурдаларбытыгар киирдибит. Потап биһиэхэ көх-нэм буолан кииристэ эрээри, сэниэтэ суох. Олорбохтуу түһээт: «Доо, улаханнатаары гынным быһыылаах. Эмтээх-томтоох сири буллахха сатаныыһы», – диэтэ. Мин рациянан уолаттарга биллэрдим. Сотору буолаат, Капитан массыынанан элээрдэн кэллэ. «Мантан киэһэ тоҥорор ини. Потабы куоракка тиэрдээт, төттөрү айанныам. Сарсыардааҥҥы ытыыны баттыы кэлэр инибин?» – диэт, Капитан Потабы олордон айанната турда. Массыына барахсан иҥнэл-таҥнал түһэн, алаастан тахсан барда. Хайдах эрэ олус курус буола түстэ. Борук-сорук сатыылаата, күөллэрбит эмиэ килэгир муус буола түстүлэр. Таах олоруохтааҕар, Сааһыты кытта рациянан ону-маны буолары-буолбаты сэлэһэбит. Эмискэ биир түгэҥҥэ: «Моонньоҕоттор, моонньоҕоттор кэллилэр… саҥарсаллар…» – диэт, киһим рациятын арааран кэбистэ. Арай иһиттэхпинэ, кырдьык, моонньоҕон куруктуур. Кулгаах-харах иччитэ буола түстүм. Аны чыккымай чурустаан турда. Сотору буолаат, икки кус сирилээн кэллэ да, мончууктар быыстарыгар түһүнэн кэбистилэр. Түһүнэн диэн, ити түспүттэрин эрэ иһин эттим. Көр диэн манна буолла. Биир кус уруттаан түһэн баран, килэгир мууска сатаан тирэммэккэ халтарыйан сырылаан иһэн, умса барда. Атаҕар тура сатыыр эрээри, атахтара тиэрэ бара тураллар. Ыксаан, кынаттарынан тирэнэ сатаата. Көтөр да кыаҕа суох курдук буолла. Иккис кус итини көрдө быһыылаах, икки атаҕын иннигэр сараччы тэбэн, эмэһэтинэн олорон туормастаан иһэн, тохтоору умса барда да, биир мончуугу миинэ түстэ. Соһуйан өрө халыкынайан көтөн тахсан эрдэҕинэ, түҥнэри ытан түһэрдим. Иккис куһум, соһуйда бадахтаах, иһинэн мууска олоро түстэ. Туһаайа тутаат, ытан бытарыттым. Куһум ойон тураат, кынаттарын төбөтүнэн эр-биир мууска даҕанан, кытыы диэки түөрэҥкэйдээтэ. Бу сырыыга ыксаабакка кыҥаан, олох биэрэккэ чугаһаабытын кэннэ «умса» ытан кэбистим. Бу кэпсээтэххэ уһун, дьиҥэр, кыл түгэнэ буоллаҕа. Көрбөтөхпүн көрөн, бастакы кустары бултаан долгуйан, үөрэн, табахпын хостообуппун билиминэ да хааллым. Ити олорон хаһан эрэ, ханна эрэ мууска түһэрэн кустаабыттарын туһунан омуннаах, көрдөөх кэпсээни өйдөөн кэллим. Онно эмиэ мууска түһэрэн ытан баран, мууһу алдьатан кэһэн киирэн ыланнар, кус түспэт буолбутун өйдөөн кэллим. Чахчыта даҕаны, билигин мууһу алдьатан кустарбын ылаттаатахпына, мантан түүн ол муустарым кыдьымахтара адаарыһан, хаарыан килэгир мууспун суох оҥорууһу. Онон сарсыардааҥҥа диэри кустарбын ылбакка сананным. Утаакы буолбата, эмиэ икки кус кэллилэр даҕаны, халтарыйа-халтарыйа түһүнэн кэбистилэр. Хоһулаары син балачча кэтэһэн баран, чыыбыспын тартым. Арай саам ньам курдук, эстибэтэ. Аа-дьуо автоматым затворун тардан көрбүтүм, мааҕын ыппыт ботуруонум уоһун иһигэр эпсэри сааллан сылдьар, бырахпатах. Дьэ, кыһыы. Өссө кыһытыан иһин, кустарым аа-дьуо хаамсан, олох хоһулаһан кэбистилэр. Быһах төбөтүнэн олуйан ыла сатаатым.