Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский
сүрэхпин-быарбын хам туппута! Аҕабыттан куттанарым тымныыттан куттанарбын баһыйарын үрдүнэн, дэриэбинэ үгүс ыала уһуктан, түннүктэрин уота умайыар диэри өлөрдүү часкыйан ыллым. Аҕам миигин көтөҕөн ылла: «Кураанах тимир уһаакка умса быраҕыллыбыт аттанан эрэр чооскуга дылы тоҕо часкыйдыҥ?» – диэт, ороммор сытыарда, суорҕаҥҥа суулаата. Чочумча буолаат: «Тоҥмутуҥ ааспыт буоллаҕына, тураҥҥын аһаан абыраа, үрдүк сололоох тойооску! Ийэҥ тыыннааҕа буоллар, ким оҕото буоларгын ыйытыам этэ!» – диэн эмиэ да кыыһырбыт, эмиэ да үгэргиир аҕам куолаһын истэммин, турдаҕым дии.
– Мин эн оҕоҥ буолбатахпын дуо?
– Мин оҕолорум бары утуйбуттара номнуо ыраатта. Эн курдук ото-маһа суох сиргэ батары түһэн киһини эрэйдээбэттэр. Эн хайа эрэ цыган киһи оҕото быһыылааххын. Кэридэҕиҥ сүр!
– Эн да эдэр сылдьан сири-сибиири кэрийбит үһүгүн. Охотскай муораҕа элбэхтик тиийэ сылдьыбыта диэн кэпсииллэр. Ол аата эн – цыгаҥҥын. Мин – эн оҕотобун.
– Чэ, ону-маны дойҕохтоомо. Аһаан бүппүт буоллаххына бараҥҥын утуй!
Хаһан суунуохпар, аһыахпар диэри, халлаан сырдаан барда. Аҕабыттан куттанарым аны утуйан хаалан оскуолабар хойутуом диэн кутталга кубулуйда. Сотору күн тахсыыта үүнүөхтээх саҥа күн туһунан саныы-саныы, дьоммуттан кистээн, ситтэрбэтэх кустукпун уруһуйдаабытынан бардым.
Сарсыарда, күн тахсыыта аҕам уһугунна. Кустуктаах хартыынабын көрөн баран:
– Били сирбитигэр тиийбиккин дуу? – диэтэ.
– Тиийбитим эрээри, аны онно хаһан да кыталыктар үҥкүүлүө суохтар диэн түмүккэ кэллим.
– Билэбин. Онно бурдук ыһааччылар полевой стан туппуттара.
– Аҕаа, кыталыктар үҥкүүлүөхтэрин сөптөөх сирдэрэ ханан баарый? – ыйытаат, ханнык эрэ чопчу сир аатын этиэ, ону сурунан ылыам диэн тэтэрээт, уруучука бэлэмнээтим.
– Оннук сири буллаххына, дууһаҥ бэйэтэ сэрэйиэ, – диэт, аҕам солуурун туппутунан хотоҥҥо ынах ыы таҕыста.
Ийэм сибэккилэрэ, эбэтэр хайа чыпчаалыгар андаҕар
Оскуолаҕа бараары таҥна-симэнэ турар убайдарбын ымсыырбыттыы көрө турдахпына аҕам, сэрэйбит курдук, ыскааптан сабыс-саҥа школьнай форма уонна бачыыҥка таһааран, миэхэ туттарда. Мин Нуучча Уйбаан дьолбуттан, үөрүүбүттэн хараҕым ууланна, сүүрэн тиийэн аҕабын кууһуохпун, сыллыахпын, кэрэ тыллары этэн махтаныахпын баҕардым да, биһиги ыалга ким даҕаны үөрүүтүн-көтүүтүн биллэрэн, кэрэ тыллары, махталы ыһа-тоҕо, омуннура сылдьарын хаһан да көрбөтөҕүм. Уопсайынан даҕаны, сахалар үөрбүттэрин тастарыгар таһаарбаттар. Ол иһин, олуонатык көстүмээри, күлүүгэ барымаары, үөрүүбүн-көтүүбүн испэр хам баттаатым. Саҥата суох таҥынным. Сиэркилэҕэ көрүммүтүм, уол оҕото эбиппин. Убайдарбыттан туох да итэҕэһим суох, лаппа ордукпун да диэххэ сөп.
Бөһүөлэкпитигэр баар соҕотох радио сылга биирдэ эрэ иһиллэр «Тропинка школьная моя» диэн ырыаны ыллаан дьиэрэтэ турар. Хаһааҥҥытааҕар да өрө көтөҕүллэн, оскуолабар айаннаатым.
Төһө да бэҕэһээ бааһынаҕа сордоннорбун, түүн