Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский

Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский


Скачать книгу
– Варвара Лукинична Климонтованы эҕэрдэлээтин кытта, оҕолор сүүрэн тиийэн сибэккилэрин туттардылар. Мин таһырдьа ойон тахсан, палисадник штакетнигын үрдүнэн ойоору, таҥаспын испиэскэ бөҕө оҥордум. Оҕолортон хаалсымаары, палисадникка үүнэн турар «ийэм сибэккилэрин» бүүс-бүтүннүү хомуйан ыллым.

      Төттөрү ыстанарбар бүрүүкэбин хайа тардан кэбистим. Кылааспар көтөн түһээт, «ийэм сибэккилэрин» учууталбар туттардым. Саамай улахан уонна кыраһыабай букеты туттарбыт киһи быһыытынан, дуоспуруннаахтык оннубар баран олорунан кэбис- тим. Эмискэ аан тэлэллэ биэрдэ да, кыыһырбыт сирэйдээх кырдьаҕас учууталлар киирэн кэллилэр.

      – Варвара Лукинична, палисадниктан сибэккилэри тоҕо үргэттиҥ?

      – Мин ханнык да сибэккилэри үргэппэтэҕим.

      – Оттон бу ким аҕалла?! – диэбитинэн биир учуутал мин букеппын остуолтан ылла.

      – Мин! Мин аҕаллым. Ити сибэккилэри учууталбар бэлэхтээтим. Тоҕо ыллыгыт?

      – Чэ, эрэ герой, кэл эрэ манна, оччоҕо бардыбыт биһигини кытта. Учительскайга баран быһаарыаҕыҥ!

      Мин, герой дэттэрбит киһи, кырдьык өрөгөйдүө, ийэм сибэккилэрин Варвара Лукиничнаҕа төнүннэриэм диэн бигэ санаалаах хорсуннук кинилэри батыстым. Учительскайга киирээппитин кытта онно баар учууталлар бары, миигин эрэ кэтэһэн олорбуттуу, саба түһэн мөхпүтүнэн бардылар. Кинилэр хас биирдии бэйэлэрэ мөҕүү «искусствотын» төһө баһылаабыттарын көрдөрөрдүү, хаһыытыырга күрэхтэһэрдии бары тэҥҥэ миигин «көмөлөөбүттэрэ». Кыыһырбыт сирэйдэри көрүмээри, харахпын быһа симтим. Санаабар, элбэх учуутал тэҥҥэ мөҕөрө-этэрэ кыталыктар үҥкүүлэрин хаһыытыгар майгынныыр курдук. Сааскы Амманы санаан үөрэ турдахпына, биир саамай күүстээх куоластаах «кыталык»: «Аны итинник гыныаҥ дуо?!» – диэн күөх хараҕа кытарыар диэри часкыйда, сирэйэ чахчы да помидордуу өҥнөннө. Абааһылартан арахса охсоору: «Суох! Суох!» – диэтим,    көрүдүөргэ сүүрэн таҕыстым. «Ийэм сибэккилэрин учууталга бэлэхтиир куһаҕан эбит» диэн санааҕа кэллим. Ити үлүгэр хаһыы-ыһыы ортотугар киһи тугу да быһаарсыах айылаах буолбатах. Миигиттэн ким да, тугу да ыйыта барбата. Мин быһаарарбар олох да наадыйбатылар. Итинник учууталлар бааллар эбит дуу? Биһигини ситинник часкыйа сылдьар учууталлар үөрэппэттэрэ үчүгэй да эбит! Бачча өр мөҕүлүннүм да, биир да тылы өйдөөн истибэтим. Дьиибэ дии, хаһыыттан кулгааҕым бүөлэнэн хаалар быһыылаах. Учууталым Любовь Григорьевна биирдэ да хаһыытаабатаҕа. Ол иһин мин учуутал эрэ барыта үтүө санаалаах, киэҥ көҕүстээх буолуо диирим. Саҥа учууталым Варвара Лукинична да Любовь Григорьевна курдук холку майгылаах быһыылаах: миэхэ хаһыытаабата, кырдьаҕас, айдааннаах учууталлары кытта кыыһырбакка кэпсэттэ.

      Перемена буола охсубут дуу? Кыталык Кыыска кустук ойуулаах уруһуйбун туттарыахтаах этим дии! Кини кылааска түннүк аттыгар кыргыттары кытта кэпсэтэ турар эбит. Бэлэхпин туттаҕына, төһө эрэ үөрэр, сөҕөр-махтайар, төһө эрэ хайгыыр, махтанар! Хартыынабын ранецпыттан хостуу турдахпына, Кыталык Кыыс сэрэйбит


Скачать книгу