Саха фольклора. Группа авторов
Сергеев тылыттан Л.У. Сергеев суруйбут. 1915 с.
Кыыс сүктэн барарыгар аҕатын алгыһа
Бүгүҥҥү үс өргөстөөх үрүҥ күнүм
Үүнэн, үөскээн тахсан турдаҕына,
Дьоллоох олоххутун томторго туойар
Үтүө күнүм буолла!
Соргулаах олоххутун
Айхаллыыр кэмим буолла!
Аал уоту оттор, алтан сэргэни анньар
Алаһа дьиэни айгыһыннарар кэмҥитигэр
Уҥа диэки хонноххут анныгар
Тоҕус ордоо дугуй
Уолаттарда уктунаарыҥ!
Хаҥас диэки хонноххут анныгар
Сэттэ кындыа кылыс
Кыргыттарда кыбынаарыҥ!
Түөрт саханы төлкөлөөбүт,
Үс саханы үөскэппит
Үрүҥ Айыы Тойон оҕонньор
Үөр хабдьы курдук үрүҥ туҥуй тыынынан
Күрүөлүү түһэрэн олортун!
Аттаах үтэтэ, сатыы тайаҕа буолаарыҥ!
Ааспыты аһатаарыҥ,
Тоҥмуту ириэрээриҥ!
Тутайбыты салҕаарыҥ,
Доҕолоҥ сүһүөҕүн уута буолаарыҥ!
Дьиэ тусаһатын алгыһа
Аал уотум тэрилэ,
Киирэр дьиэм тэрилэ,
Абыраллаах Айыы Тойон
аҕам анаабыта,
Ньирэйгин ньиккирэт,
балчыргын барҕат,
Үрүөлээххин үөрдээ,
көҕөннөөххүн көччүт,
Хаһалааххын харыһый,
Холоҥсолоох хотонум тэрилэ,
Дьаардаах тиэргэним тэрилэ,
Абыраллаах Айыы Тойон аҕам
Анаабытынан оҥоһуннум.
Айбыт Айыыһытым,
Ииппит Иэйэхситим,
Абыраа! Былаҕайга былдьатыма,
Дэлэгэйгэ диэлитимэ,
Суон сүлдьүгэскин төлөрүтүмэ,
Халыҥ халҕаҥҥын халбарытыма.
Ииппит Иэйэхситтэрим,
Айбыт Айыыһыттарым,
Ойуулаах от-мас иччитэ,
Үүт таас бэйэлээх,
Үүт күөл олохтоох
Үрүҥ Айыы Тойон аҕам
ылгын уола,
Тоҕус сылы мэлдьи
сидьиҥ-босхоҥ
Буолан сыппыт
Күөрэ Дабаан Дархан,
Кыыра Бырдьа,
Маҥкы Батас,
Кындыс Кымньыы,
Хахай Саҥыйах,
Бэдэр Бэргэһэ,
Байба Дьилбэх,
Аал уот эһэм!
Орто дайдыга тоҕус тордуулаах
Сырайдаах курдук үөрдэр
иччилэриттэн
Көмүскүү, аһына тур.
Адьарайтан аһын,
Былаҕайга былдьатыма,
дэлэгэйгэ диэлитимэ.
Үйэлээх сааһым тухары
баай байаммын,
Тот тотоммун, сүөһү ииттэммин,
Оҕо төрөтөммүн, киһи
олоҕун олороммун,
Олордорбун диэммин оҥоһуннум.
Айыы Тойон аҕам, сырдык
тыыҥҥын түһэр —
Мин дьиэм тусаһатыгар!
Сэргэ алгыһа
Тоҕус уостаах
Аар баҕах сэргэм иччитэ,
Үс булас, булас быһаҕаһа
Хатыҥ мас торуоскалаах
Сэргэ иччитэ
Мотой Тойон эһэм оҕонньор,
Эйигиттэн көрдөһөрүм да күннээх,
Ааттаһарым