Саха фольклора. Группа авторов

Саха фольклора - Группа авторов


Скачать книгу
уйгутунан,

      Кытыт сылгым кымыһынан

      Айах тутан

      Ааттаһар күнүм буолла,

      Чороон айаҕы

      Тосхойор күнүм буолла.

      Биир тылбын биһирээҥ,

      Икки тылбын иһиллээҥ,

      Үс тылбын өйдөөҥ.

      Бука барыгытыгар

      Үҥэ-сүктэ

      Сүгүрүйэр күнүм буолла.

      Арҕааттан кэлэр

      Алдьархайдаах санаалаах

      Абааһы улууһугар

      Алтан сүрдьүгэскитин

      Араарар буолаайаҕыт,

      Үөһэттэн түһэр

      Үлүгэрдээх улууһугар

      Үс үрүҥ көмүс сүрдьүгэскитин

      Төлөрүтэр буолаайаҕыт.

      Ымсыыран-ымсыыран,

      Баҕаран-баҕаран

      Көрдөһө турабын.

      Бука барыгыт —

      Ойуулаах отум иччитэ,

      Дьарҕаалаах маһым иччитэ,

      Атаххытыгар аҕыс

      Бокулуону уураммын

      Ааттаһа турабын.

      Тобуккутугар тоҕус

      Бокулуону уураммын

      Үҥэ-сүктэ турабын

      Ааттаан тураммын.

      Ааттаһар ахсааннаах,

      Көрдөһөр күлтүөннээх.

      Иитэр сүөһүбүн

      Күрүөлээрэй диэммин,

      Төрөтөр оҕобун

      Уйалаарай диэммин

      Эбэлэрим иччилэриттэн

      Көрдөһө-ааттаһа турабын.

      Эриэн ыт

      Элэгэ гынымаҥ,

      Күөт ыт

      Күлүүтэ гынымаҥ,

      Тэҥнээхпэр сэтэлэтимэҥ,

      Сүбэ-соргу айахтааҥ,

      Дьолло-соргута тосхойуҥ,

      Аал уотунан айахтаныҥ,

      Күн уотунан күөмэйдэниҥ,

      Бука барыгыт мунньаҕынан

      Бары аһаабыт-сиэбит

      буоллаххытына,

      Түөрэх быраҕан көрүөм…

      Алтаннаах сүрэхпин

      Арҕаспар ууруҥ,

      Төптөөх сүрэхпин

      Түөспэр олордуҥ.

      Уруй-уруй,

      Бүрү-бүттүүн

      Дэри-дэхси

      Аһаан-сиэн тарҕаһыҥ!

И.А. Шадрин тылыттанФ.Ф. Попов суруйбут. 1937 с.[6, 19–25 с.]

      Булт алгыһа

      Аал уот иччитэ, аһаа-сиэ!

      Тыа иччитэ Байанай, аһаа!

      Байанай иччитэ

      Баттах сарын,

      Барыылаах баатыр,

      Байам-сайам тутуу,

      Кыа хаан үктэллээх,

      Көп сөгөлөөн түүлээх олохтоох

      Курадай Бэргэн Кураҕаччы Сүүрүк,

      Тыа иччитэ сэттэ ини-бии дьон,

      Эһигиттэн дьол-саргы

      Көрдөһөн эрэбин.

      Элиэҕэ эргитэн, тоҥууга торутан,

      Хаҥылгын сымнатан,

      Тартыккын чычааһырдан,

      Хара тыам иччитэ, харайаҥҥын,

      Күөх тыа иччитэ, күөйэҥҥин,

      Хорой кыыл хонуктааҥҥын,

      Үөҥэс кыыл үтэлээҥҥин,

      Өргөстөөх үтүө буургунан

      үөрдэҥҥин,

      Тоҕус ойдох туоллан буурунан

      тосхойоҥҥун,

      Ардай аһыылааҕыҥ

      Хардааччытынан айаҥҥын,

      Күөх тииҥҥинэн күөтүлээҥҥин,

      Кыһыл саһылынан

      кымньыылааҥҥын,

      Буурай кэрэмэһинэн

      моонньохтооҥҥун,

      Хара


Скачать книгу