Саха фольклора. Группа авторов
тыыммытын
Бэйэҕэр эрчийэн,
Орто мыраан дайдыга
Оһол өлүү улааттаҕына,
Харкырыыр хабдьы саҕа
Айыы сириэһининэн урсуннаан,
Кэлбиттэри кэбэлитэҥҥин,
Күтүрдэри күрэтэҥҥин,
Дьоллоох тиэргэммитигэр
тохтотума,
Киэргэллээх тиэргэммитигэр
киллэримэ!
Тиэргэн алгыһа
(Тиэргэн ортотугар уот оттуллар,
кытыйаҕа суорат кутуллар уонна тула ыһыллар.)
Үрүҥ тунах, үрүҥ тунах, үрүҥ тунах,
Ас үрдэ, ас үрдэ, ас үрдэ!
Үрүҥ тунах, үрүҥ тунах, үрүҥ тунах!
Илгэ-быйаҥ эҥээрдээх
Эдьэн Иэйэхсит эбэбит,
Эн ааккын ааттаан
Иһэгэй тиэргэн эрэмэҕин иннигэр
Көрдөһөр күммүт буолла!
Ыыраахтааҕы ыырыма,
Тумустааҕы туурума,
Суон сүлдьүгэскин төлөрүтүмэ,
Халыҥ халҕаҥҥын халбарытыма,
Көмүс уйаҕын көлбөҕүрдүмэ,
Томторуктааххын туоратыма,
Мүһэлээххин мүччүрүтүмэ,
Суҥнаах ытыстан,
Соргулаах иэдэстэн,
Төлкөлөөх түөрэхтэн,
Төлөккөй төрүөхтэн!
Уруй, үрүҥ илгэ!
Уруй, үрүҥ илгэ!
Уруй, үрүҥ илгэ!
Аан дойду иччитин алгыһа
Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Атааннаах-мөҥүөннээх
Айгыр-силик
Аан Ийэ дойдум,
Тоҕус иилээх-саҕалаах
Торҕо томоон дойдум,
Локуора от үктэллээх,
Алтан от дьайыҥнаах,
Аҕыс салаалаах
Ача күөх от таманнаах
Иринньэхпин ииппит эбэм,
Истэн туолаһыйа тур
Мин этэр тылбын.
Балчыр бэйэм барҕарбытым
Алтан-таман хонуугар,
Араҕас арыыгар
Таалалаан үөскээбитим,
Үрдүк үтүө хонуугар
Үүт үрүмэ үрдүгэр
Үҥкүрүйэн үөскээбитим.
Сыалыһар быара буолан
Сыламньыйан кулу,
Үс киис тириитэ буолан
Мөлбөйөн кулу.
Иэримэ дьиэни
Тэринээри саныыбын.
Аан дойдубар:
Дойдум иччитэ,
Үстэ иэнигий!
Тойон сэргэни
Тутаары оҥостобун,
Алтан сэргэни
Анньаары оҥостобун.
Аан дойдум иччитэ,
Алҕастыы санаама,
Аныгытын даҕаны
Атааргыыр буолаайаҕын.
Көрдөһөр күлтүөннээх,
Ааттаһар ахсааннаах,
Хоолдьуктаах бэйэм
Хоҥкуйан туран,
Сөһүргэстээх бэйэм
Сүгүрүйэн туран,
Өттүктээх бэйэм
Үҥэ-сүктэ турабын.
Сыта-тура сыаналаа,
Олоро-тура толкуйдаа.
Кэлин өттүбэр кэбирэ суох,
Илин өттүбэр ибирэ суох.
Аан дойдум иччитэ
Бэдэр