Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина

Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина


Скачать книгу
кытары кэпсэтэр. Ол кэпсэтэрин быыһыгар оҕурсу ыраастаан, кыра гына кырбастыыр. Ити эмиэ… эмиэ кыыс оҕолуу кэрэ бэйэлээх сэбэрэтигэр күлүк түстэ… «Оскуола оҕото уонна учуутал дьахтар» диэн хара мэҥ дьаралыктаах кинилэр истиҥ ыраас сыһыаннарын аймалҕана тубустар тупсан, киэркэйэн… суох, төттөрүтүн буортуйан, ынырыктанан сири-сибиири барытын бараабыт курдук. Дьон-сэргэ бэйэлэрин күннээҕи кыһалҕаларыгар сөп буолбакка, кинилэри эрэ ырытан, кыһалҕа оҥостон тахсалларыттан, бу икки таптаһар сүрэх өйдөспөттөрө күннэтэ дириҥээн иһэр курдук буолла. Оттон Нина, дьиҥэр, дьүөгэтин көрсөөрү үөрэ-көтө остуол тарда сылдьыбыта.

      Бүгүн үлэтигэр ийэтин дьүөгэтэ Мария Кирилловна кэлбитэ. Ийэтэ тыыннааҕар чүөчэ Машалыын бииргэ балыыһаҕа үлэлээбиттэрэ. Кыыс ийэтэ биэлсэр, оттон чүөчэ Маша акушер идэлээх этилэр. Мария Кирилловна билигин биэнсийэҕэ олорор. Сотору-сотору бибилэтиэкэҕэ кэлэн кинигэ уларсар, Ниналыын тапсан, уруккуну-хойуккуну кэпсэтэн ааһар идэлээх.

      – Ниноош, арба, эн мин кийииппин кытары билсэр эбиккит дии, Даша кэпсээбитэ ээ, – кубаҕай маҥан сирэйдээх, хараҕын тула тахсыбыт дириҥ сурааһыннардаах, кыырыктыйан эрэр кылгас баттаҕын кырыбыайканан туттарыммыт сааһырбыт дьахтар кинигэлээх пуолканы көрө туран, саҥа аллайбыта. Нина сурунааллардаах ыскаабын дьаһайа сылдьан, дьахтары хайдах эрэ аһыммыттыы унаарыччы көрөн кэбиспитэ уонна саҥата суох, сөбүлэһэрин биллэрэн, кэҕис гыммыта.

      – Дашалааҕым бу күннэргэ дойдулаары сылдьаллар ээ. Идэтинэн оскуолаҕа үлэлиир. Онон, бу каникулга эрэ кэлэ сырыттылар. Сиэммит Тургуммут икки аҥаара. Аны саас кулун тутарга үһүн туолуохтаах. Оҕолорбутун ахтан иэдэйэрбит буолуо. Хата, эһиги биһиэхэ да кэлэн көрсүө, олоро түһүө, кэпсэтиэ-ипсэтиэ этигит буоллаҕа дии. Кыыс бу дойдуга кими да билбэт буолан, олус чуҥкуйда быһыылаах, – чүөчэ Маша мичээрдээн ылбыта.

      – Хайаа, номнуо баран эрэр дуо? Бээ эрэ, хата, кини миэхэ бүгүн ыалдьыттыы кэлиэх эбит дии! – Нина үөрэн саҥа аллайбыта.

      – Ээ, хата инньэ гыныҥ ээ. Чэ, бэрт, – Мария Кирилловна эйэҕэстик мичээрдээн кэбиспитэ.

      Нина дьүөгэтигэр төлөпүөннээн дьиэтигэр ыалдьыттата ыҥырбыта, онуоха кыыһа үөрэ-көтө сөбүлэспитэ. Үлэтин кэннэ ас-үөл атыылаһаары маҕаһыыҥҥа таарыйбыта. Маҕаһыын иһигэр турар лаахтаах саҥатык мас ыскаамыйаҕа хас да дьахтар ону-маны сэһэргэһэ олороллоро.

      – Дорооболоруҥ, ким бүтэһигий? – Нина олорор дьону кэриччи көрөн ылбыта.

      – Атыылас-атыылас, биһиги ыксаабаппыт, – эр киһи халыҥ камуфляж сонун тиирэ кэппит толуу дьахтар киирбит кыыһы этэрбэһиттэн бэргэһэтигэр диэри өрө көрөн таһааран баран тоҥуй соҕустук хардарбыта. Нина, хата, уһуннук уочаракка турбакка тута атыылаһар буолбутуттан үөрэ санаабыта, атыыһыкка чугаһаабыта.

      – …бээ, ити сэмэйин көрүмэҥ, оскуола оҕотун… – дьахталлартан биирдэстэрэ арыычча улаханнык сибигинэйбитин хайалара эрэ өттүккэ анньан тохтотто быһыылаах – ньим баран хаалбыта.

      Ити


Скачать книгу