Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина

Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина


Скачать книгу
да уустук кыһалҕалар кыһарыйбыттарын иһин, төһө да өйдөммөт, киһи эрэ кыйаханыах, уордайыах түгэннэрэ буолбуттарын иһин, кытаатан тапталгытын харыстааҥ. Туора дьон санаатын буолбакка, бастакы уочарат бэйэҕит сүрэххит тугу этэрин истиҥ. Кыраттан кыыһырсар, өһүргэнсэр буолумаҥ. Эйэ дэмнээхтик быһаарса, сүбэҕитин холбуу, биир суолу тала үөрэниҥ. Мин… мин сыыһабын кэлин өйдөөбүтүм. Буолар буолан бүппүтүн кэннэ… эн мин сыыһабар үөрэн, Нина. Кытаатан тапталгын харыстаа… – Даша сүрдээх ыараханнык үөһэ тыынна уонна мичээрдээн кэбистэ. Кини көрдөрөн туран эдэр кыыс дьүһүнүн ыһыктынан, эрэйи эҥээринэн тэлбит саастаах дьахтарга кубулуйан хаалла. Ыар санаа саба бүрүйбүт харахтарын тула дириҥ мырчыстаҕастар муһуннулар, бэйэтэ саннын бөкчөччү туттан кэбистэ. Оттон ыган таһаарбыт мичээрэ…суох. Ол мичээргэ төрүт да майгыннаабат. Төттөрүтүн, ытабыл, санаарҕабыл, кутурҕан уонна курутуйуу бэлиэтэ буолан көһүннэ. Нина дьүөгэтин санныттан кууһан ылан бэйэтигэр ыксары тарта.

      – Даша, бырастыы гын. Ааспыкка эн кимиэхэ кэргэн тахсан манна кийииттии кэлбиккиний диэн наһаа да толоостук ыйыппыппын, – кыыс дьүөгэтин баттаҕыттан имэрийэ-имэрийэ төбөтүн кыыс санныгар уурда уонна хараҕын быһа симэн ылла.

      – Ээ, итинник диэмэ. Эн хантан билиэҥ баарай. Санааҕар тутума ээ.

      – Олох туох да диэхпин булбаппын. Наһаа ынырык суол… – Нина күөмэйин бүөлүү турбут кытаанаҕы ыйыста сатаата. – …Биһиги биир уулуссаҕа олорбуппут. Оҕо сааспар кини миэхэ убайым кэриэтэ этэ. Мин бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан ийэбин уонна бииргэ төрөөбүт суос-соҕотох эдьиийбин сүтэрбитим. Аҕам ону тулуйбакка арыгыга умса түспүтэ. Ол курдук тулаайахсыйан хаалбытым. Учууталым Галина Петровна миигин бэйэтигэр ылбыта, ийэбин солбуйбута. Оҕолор бары аһыналлара, сэрэнэн кэпсэтэр, аҕала сатыы-сатыы алтыһар курдуктара. Ол наһаа ыарыылааҕа. Оттон Максим туох да буолбатаҕын курдук дьээбэлиир, куруук күлэ-үөрэ сылдьар буолара. Ол иһин атыттардааҕар кинини кытары алтыһарбын ордорор этим. Алтыс кылааска биирдэ бэлисипиэт тэбэргэ үөрэммитим. Максим үөрэппитэ. Хайдах эрэ убайым курдук чугастык саныыбын. Кирилл Максимҥа холоотоххо, арыый сымнаҕас, симик буолан эбитэ дуу, кинини кытары улаханнык алтыспатахпыт. Максим кыра эрдэҕиттэн сытыы, киирбит-тахсыбыт уол этэ. Наар кэпсээн-ипсээн, үөрэн-көтөн олох киһини чуҥкуппат буолара. Кырасыабай, кыыс эрэ бары хараҕа хатанар көрүҥнээх уол буолан, оччолортон элбэх кэрэ аҥаар сүрэҕин сүүйэн үгүһү да ытатта-ыллатта быһыылааҕа. Кэлин улаатан баран улаханнык билсибэтэхпит. Ол эрээри көрүстэхпитинэ хайаан да тохтоон үөрэ-көтө кэпсэтэрбит. Бүтэһигин устудьуоннуу сылдьан көрсүбүтүм. Кини ол кэмҥэ үөрэҕин бүтэрэн, номнуо үлэһит буолбут этэ. ГУК-тан тахсан иһэммин утары көрсө түспүтүм. Аны санаатахха, эйиэхэ кэллэҕэ буолуо – кыыспар кэллим диэбитэ. «Тыый, сотору сыа сиир буолбуппут дуу, хайдах дуу?» – диэн дьээбэлэммиппэр: «Сиэн-сиэн, балтыбын ыҥырбатахпына кими ыҥырыамый», – диэн күлбүтэ. Өрүү буоларын курдук хайдах-туох сылдьарбын ыйыталаспыта. Кини наар итинник наһаа кыһаллар идэлээх буолааччы…

      Даша


Скачать книгу