Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина

Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина


Скачать книгу
Ол икки ардыгар Варям субу тиийэн кэллэ. Кини киһи уйулҕатын үөрэтэр үөрэххэ икки сыл кэриҥэ үөрэнэн баран, бу кыһын миэнэ буолбатах эбит диэн быраҕан, дойдутугар төннөн кэлбитэ. Кырдьык, кини урут-уруккуттан артыыс идэтин баһылыан, киинэҕэ, испэктээккэ оонньуон баҕарара. Атын оҕолор улаатыахтарыгар, сорохтор бэл оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри туох идэлээх дьон буолуохтарын билбэттэр. Оттон Варяны, чахчы да, баҕатын толорон хайаан да артыыс буолуоҕа диэн биһиги – бииргэ үөрэнэр доҕотторо, учууталларбыт да бука бары бүк эрэнэр этибит. Ол эрэн кыыспыт психолог үөрэҕэр киирэн хаалан соһуппута. Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба үнүстүүтүгэр туттарса тиийэн баран, оҕолору сыымайдыыр кастингтан саллан, наһаа долгуйан, боруобаланан да көрбөккө, икки атаҕынан куоппутун кэлин миэхэ бүөмнээн кэпсээбитэ. Дьүөгэм бэйэтэ этэринии, дьэ, ситэн-хотон, хорсун санаатын ылынан, бу күннэргэ артыыс үөрэҕэр туттарса барыахтаах. Култуура үлэһиттэрэ кинини артыыс оҥорорго икки илиилэрин уунан туран сөбүлэһиэхтэрэ диэн мин бүк эрэнэбин. Тоҕо диэтэххэ, Варя сыанаҕа оонньуурга ананан айыллыбыт талааннаах киһи. Аны туран киһи эрэ истэ олоруох курдук үчүгэй куоластаах. Оттон тас дьүһүнэ – дьиҥ саха кэрэ куота. Бүгүн эмиэ уп-уһун суһуоҕун биир гына өрүнэн кэбиспит. Курбуу курдук уһун-синньигэс таһаатыгар сөрү-сөпкө олорор бытархай сибэккилэрдээх маҥан былаачыйалаах.

      Ахтыспыт санаабытыгар часкыһан ылаат, омуннаахтык куустуһан, иэдэстэрбититтэн «чоп» гына сыллаһан ыллыбыт. Дьэ, уонна күлэ-сала, үөрэ-көтө Соболоох диэн чугас сытар, кыра эрдэхпититтэн сөтүөлүүр күөлбүтүгэр, сонуммутун ыһа-тоҕо кэпсэтэ-кэпсэтэ, хаамса турдубут.

      Үчүгэйиин, Соболоохпут, кырдьык даҕаны, дьиҥнээх пляж курдук! Өр буолан баран кэлбит устудьуон киһиэхэ – миэхэ кыра да уларыйыы сонун, сэргэх буолан көһүннэ. Субу хастаммыт сибиэһэй мас сыттаах, оһуор-дьарҕаа киэргэтиилээх сабыс-саҥа тутуулар киһи эрэ сүргэтин көтөҕүөх курдуктар. Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ түмсэр сирэ диэн манна эбит. Биир дойдулаахтарбын, доҕотторбун-атастарбын көрсүтэлээн, балай эмэ ыскаамыйаҕа олордум. Сорох оҕолор биир сыл иһигэр уһаан, улаатан хаалбыттар. Сорохтор киһи билбэт гына уларыйбыт курдуктар. Кэмниэ кэнэҕэс, Варя биһикки, дьэ, сөтүөлүүргэ сананныбыт.

      – Дабаай, ууга сүүрэн киирэбит дуо?! Ким кэлин хаалбыт ол хотторор, – диэт Варям күлэ-күлэ күөлгэ сүүрэ турда. Иһиттим дуу, истибэтим дуу, аара атаҕым таҥаһын илгэн кэбиһээт, кыыһым кэнниттэн күөлгэ ыстанан кэбистим. Эчи сылааһыын, үчүгэйиин!

      Уунан ыһыахтанар, чалбааттанар оҕо-аймахтан тэйиччи, үрүллэр матарааска тиэрэ түһэн сытан күөх халлааны кыҥастаһабын. Үрүҥ түү, үрүмэ былыттар киһи эрэ сэргиэх курдук араас кыылы-сүөлү санатар дьикти быһыыланалларын одуулаһа сытан, хараҕым кырыытынан кытылга хара омук массыыната кэлэн тохтообутун көрдүм. Массыынаттан убайым саастыылаахтара Марат уонна Рустам тахсан кэллилэр, кинилэри кытары кэлбит икки атын уолаттары билбэтим.

      Марат, оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпитинэ, биир кэмҥэ миигин сүгүн хаамтарбат буола сылдьыбыттааҕа. Мин наар табахтаан,


Скачать книгу