Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина
суох уол аны батыһан киирдэҕинэ дьонум өйдүөхтэрэ суоҕа диэн аспын кирилиэскэ уурдум. Хайыспытым, Максим хайыы-үйэ аттыбар кэлэн турар. Чочумча саҥата суох утары көрсөн турдубут.
– Тугуй?! – диибин. Сымара таас курдук кытаанахпын, тоҥуйбун, оттон кини… эрдэ көрсөрбүтүгэр киһиргэс, мин аҕай дэммиттии туттар-хаптар сытыы бэйэтэ билигин мин диэки сэрэммиттии, долгуйбуттуу одуулаһар.
– Даша… – ити кэннэ биир тылы ыһыктыбата. Салгыы туох диир эбит диэн кэтэһэн көрдүм да, саҥарбат.
– Тугуй Даша… Мин төрүөхпүттэн Дашабын. Оттон эн билэҕин дуу, миигин бу баара-суоҕа уон тоҕус сааспар анараа дойдуга утаара сыспыккын?! – Эмискэ халыйан кэлбит кыһыыбын кыатана сатыы-сатыы ыйытабын. Максим мух-мах буолла.
– Мин маарыын… дьээбэлэнэр эрэ санаалаах этим. Эн атыттар курдук часкыйыахтааҕар буолуох, биир да утарылаһар тылы да эппэтэҕиҥ. Ол иһин… мин чахчы сыыһа быһыыламмыппын, баһаалыста бырастыы гын.
Буспут моонньоҕон курдук харахтарынан сып-сымнаҕастык утары көрөн турар уолга кыыһырбыт-абарбыт санаам улам-улам уостан, тиһэҕэр умуллан хаалла. Кини харахтарын чүөмпэтигэр тимириэхпин куттаммыттыы харахтарбын куоттардым уонна үктэлгэ олорунан кэбистим. Максим чочумча тура түһэн баран аттыбар сэргэстэһэ олордо. Хайабыт да саҥарбат. Сотору сатыылаабыт чуумпуну үргүтэн, Максим көхсүн этитэн ылла уонна мин диэки чох хара харахтарынан утары көрдө.
– Эйэлэһэбит?
Маннык ис-киирбэх бэйэлээх эр бэрдэ сып-сылаастык уун-утары көрөн олордоҕуна кыыһыра-кыынньа олоруом баара дуо, мичээрдээбиппин бэйэм да билбэккэ хааллым. Онуоха кини, эр санаа ылбычча, баччааҥҥа диэри тута сылдьыбыт үрүллэр матарааспын туора уурда уонна спортивнай көстүүмүн үрдүн устан санныбын саба бүрүйдэ. Бэрт тэтимнээхтик эйэргэһэ, ону ааһан чугасыһа охсорго тиэтэйбит уолга бу таҥаһын төттөрү быраҕан биэрээт дьиэбэр киирэн хаалыахтаах этим… Этим – атын киһи эбитэ буоллар. Оттон кини мин куппун-сүрбүн сонно тута сүүйэн ылбыта. Биһиги уруккуттан билсэр дьон курдук бэрт чэпчэкитик кэпсэтэн, билсэн бардыбыт. Максим атын улуустан сылдьар эбит. Ол иһин да, биһиги эҥээрдэр курдук буолбакка, хайдах эрэ атыннык саҥарар. Миигиттэн биэс сыл аҕа буолан таҕыста. Буоксанан күүскэ дьаныһан туран дьарыктанарын кэпсээтэ. Дьокуускайдааҕы педколледжка үөрэнэн баран, салгыы университекка физкультура салаатыгар үрдэтиммит эбит. Бу курдук бэрт холкутук уопсай тылы булан сэһэргэһэ олордохпутуна, дьиэ иһиттэн аҕам тахсан кэллэ. Онуоха Максим биһикки соһуйан, куһаҕаны оҥоро сылдьан тутуллубут дьон курдук өрө эккирии түстүбүт. Хата, биһигиннээҕэр ордук аҕам соһуйда быһыылаах. Көрбүт харахтарыгар итэҕэйбэтэхтии чочумча биһигини эр-биир одуулуу турда. Кини идэтинэн математика учуутала эрээри, бары хайысхаҕа барытыгар дэгиттэр талааннаах, киэҥ билиилээх киһи. Кэрэҕэ, үтүөҕэ эрэ сирдиир ыллыктаах санаалаах, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх аҕабытын нэһилиэк дьоно-сэргэтэ сүрдээҕин ытыктыыр.
– Хайа бу? – аҕам, маҥнай утаа соһуйан,