Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина
мин сөбүлүү иһиттим. Кини миигин эрэ итинник ааттыыр буоллаҕына, Көмүс да буоларга сөбүлэһэбин. Максим ол олорон сиэбиттэн төлөпүөнүн таһаарда уонна кимиэхэ эрэ эрийдэ. Эмискэ мин суотабайым өрө дьигиһийдэ. Кини эрэ эрийдэҕинэ тыаһыыр нарын ырыа чуумпуну аймаата.
«Күндү киһим, күнүм-ыйым…» кыыс намыын куолаһа сатыылаабыт чуумпуга наҕыллык кутуллар. Мин саҥарбаппын, утары көрбөппүн. Кыбыстаммын тэтэрэ кыыспыт иэдэстэрбин ытыстарбынан саба туттан олоробун уонна симиттэн күлэбин. Максим бэйэтин төлөпүөнүн экранын миэхэ утары уунан көрдөрдө. Мин нүөмэрим киниэхэ «Көмүһүм» диэн ааттана сылдьар…
– Наһаа үчүгэй ырыа дии. Холбоорууй төлөпүөҥҥэр, Көмүс, – Күндү киһим көрдөһөр.
Мин холбуубун. Нарын ырыа сып-сылаас түү былаат курдук доҕорум биһиккини кууһа бүрүйэн кэбиһэр.
Түүлбэр мин көрөбүн харахтаргын,
Сүрэхпин сылытар илииҥ сылааһа миигин,
Нарын мичээр, истиҥ иэйии, эн тапталыҥ,
Күндү киһим, күнүм-ыйым.
Бу тылларбын, тапталбын, ахтылҕаммын
Бииргэ тиһэн сурукпар угуоҕум,
Күндү киһим, күнүм-ыйым.
Саҥа күнтэн күүс ылар курдукпун,
Сарсын кууһуоҥ диэн харахпын симэн көрөбүн.
Санаабын кынаттыыр көрсүһэр күммүт
Күндү киһим, күнүм-ыйым.
Бу тылларбын, тапталбын, ахтылҕаммын
Бииргэ тиһэн сурукпар угуоҕум,
Күндү киһим, күнүм-ыйым.
Истиҥ тыллардаах нарын ырыаҕа бигэнэн сылаастык куустуһан, сүрэхтэрбитин холбоон саҥата суох олордубут.
Хойукка диэри дьаарбайан, үгүһү кэпсэтэн баран дэриэбинэбит диэки хаамтыбыт. Тиэргэммэр чугаһаан арахсаары турдахпытына, Максим эмиэ сүүспүттэн сыллаан ылла. Кини хас сыллаатаҕын, ыга куустаҕын ахсын миигин сып-сылаас, уу нуһараҥ уоскулаҥ угуттуурга дылы гынар.
– Чэ, Көмүһүм, дьиэҕэр киирэн сып-сылаастык сууланан баран мип-минньигэстик утуйаар, сарсын көрсүөхпүт – диир.
– Эн эмиэ, – ыытыахпын олох баҕарбаппын да, хайыам баарай. Син биир күн аайы көрсөбүт да, букатыннаахтык арахсар дьон курдук бэйэ-бэйэбититтэн харыс да халбарыйбакка уһуннук турар идэлээхпит.
Сарсыныгар уһуктубутум, чаас ырааппыт. Хайыы-үйэ тоҕус аҥаар буолан эрэр. Доҕорум сарсыарда аҕыс чаастан сурук бөҕөтүн ыыппыт. Миэхэ эрэ анаммыт истиҥ тыллартан сири билбэт буола үөрэн саҥа күммүн саҕалаатым. Суунан-тараанан, чэйдээн баран дьиэбин-уоппун сууйдум-тараатым, ийэбиниин, эбэбиниин ас арааһын астаатыбыт. Ол кэннэ таһырдьа тахсан илиибин сууна турдахпына, убайым Павлик массыыната оргууй суугунаан, суол устун сыыйылыннаран тиэргэн айаҕар тиийэн кэллэ. Тохтуурун кытта массыына кэлин аана аһылла түстэ да, бырааттарым Артуркалаах Буоба «Эдьиэй!» диэбитинэн мытырылла-мытырылла утары сүүрэн кэллилэр. Оҕолорбун ахтыбыт омуммар ыбылы куустум, сырылаччы сыллаталаан ылаттаатым. Саҥаһым Надюша үөрэн мичилийбитинэн утары кэллэ. Дьүөгэм кэриэтэ күндү киһибин кытта иэдэстэрбититтэн «чоп» гына сыллаһан, куустуһан