Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина

Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина


Скачать книгу
оҥоруунан дьарыктаналларын, ону тэҥэ олус үчүгэйдик уруһуйдуурун туһунан Максим киэн тутта кэпсээтэ, төлөпүөнүгэр хаартыскаҕа түһэрэн илдьэ сылдьар үлэлэрин көрдөртөөтө. Чахчы, киһи эрэ сэргии, сөҕө-махтайа көрөр уруһуйдарын, оҥоһуктарын төлөпүөнү кэритэ сылдьан көрдүбүт. Онтон Максим бу аҕыйах мүнүүтэ арыттаах үүт-үкчү бэйэтин курдук дьүһүннээх инитин хайдах курдук таптыырын, кининэн киэн туттарын сэргии көрдүм, доҕорбор өссө күүскэ чугаһаабыт, кинини атын өттүттэн арыйбыт курдук сананным.

      – Сүнньүөх биһикки бу сайын Соҕуруу Кэриэйэҕэ үлэлии барарга былааннана сылдьыбыппыт ээ. Онтон, оруобуна билиэт атыылаһаары сырыттахпына, убайым үлэлиир нэһилиэкпэр сайылыы хаалар буоллум диэн соһуппута. Мин маҥнай, кырдьыга баара, кыһыны быһа былааннаабыт сайыҥҥы бырагыраамабытын туох да сүбэлэһиитэ суох бэйэтэ талбытынан ыһан кэбиспититтэн кыйахаммыттааҕым. Онтон уоскуйан олоро түһэн баран толкуйдаабытым: Сүнньүөх хайдах да мээнэ, ылыммыт санаатын тыал хайа диэки үрбүтүнэн уларыта тутуо суохтаах этэ. Ол аата туох эрэ улахан суолталаах биричиинэлэммит буоллаҕа диэн бэйэтиттэн ыйытааччы буолбутум. Онуоха, манна кэл, ол биричиинэбин илэ хараххынан көр диэн ыҥыран ылбыта. Билигин өйдөөтүм, убайым хаалбыт биричиинэтэ чахчы олус улахан суолталаах эбит. – Ини-биилэр сарын-сарыннарыттан куустуһан утары көрсөн ыллылар. Бу икки бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэр, өйдөһөр-өйөһөр игирэ уолаттары биһиги дьиэ кэргэн саҥата суох сэргии, бары да сөбүлүү көрдүбүт.

      Чэйдии олорон убайдаах аҕам сарсыҥҥыттан окко киирэллэрин туһунан күө-дьаа кэпсэттилэр. Максимнаах Кирилл таах сылдьыахтааҕар оттоһуох буоланнар, аҕам кынаттаммыкка дылы буолла. Биһиги аймалҕаммытын истэн, ыалбыт оҕонньор олбуор нөҥүө өҥөс гынна. Соҕотох олорор Ньукулай оҕонньору, биһиэхэ күнүн ахсын эбэбитин кытары сэһэргэһэ киирэрин иһин, «эбээ ухажера» диэн ааттыыбыт. Күө-дьаа кэпсэтэн, аһаан-сиэн баран, аны бары сөтүөлүү барарга сүбэлэстибит. Эбэбит «ол биһиги кырдьаҕас дьон туохпут эмиэ сөтүөтэй, манна чэйбитин иһэ-иһэ сэлэстэхпитинэ да сөп буолар дьоммут», – диэн Ньукулай оҕонньордуун хаалар буоллулар. Онтон атыттар бука бары Соболооххо барардыы тэриннибит. Дьоммут Павлик массыынатынан эрдэ айаннаатылар. Кэннилэриттэн Максим, Батас уонна мин буолан убайым матасыыкылын мэҥэһиннибит. Биһиги тиийиибитигэр дьоммут Соболооҕу хайыы-үйэ өрө сүгэн кэбиспиттэр. Үөрүү-көтүү, күлсүү-салсыы үгэннээн аҕай турар. Баар дьон биһиги кэлбиппитигэр соһуйбуттарын кистээбэтилэр – аһаҕастык одууластылар. Буолумуна, икки бүк соһумар сурах буолан тиийэн кэллэхпит дии. Максим соҕотох буолбатах эбит – Максим игирэлээх! Ону ааһан Максим кыыстаах! Ордук кыргыттар омуннурдулар, бэйэлэрин истэригэр кистэлэ суох уой-аай бөҕөтүн түһэрдилэр. Ол аймалҕан быыһыгар өйдөөн көрбүтүм: Батас көхсүгэр биэс харах харысхал бэлиэ татуировкалаах эбит, оттон Максим этэ ып-ыраас – туох да уруһуй, сурук суох. Игирэлэри араарар бэлиэбин булбуппуттан маҥнай испэр үөрэ санаатым. Ол эрэн, ол миигин араардын диэн өрүү


Скачать книгу