Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина
уутун кыамматым.
Түүнүн номнуо хараҥарар буолбут халлаан анныгар өр олорбуппут, үгүһү ыраламмыппыт, инникибитин былааннаабыппыт.
Дэриэбинэҕэ төннөөрү туран Сэгэрим эмискэ тохтуу биэрдэ, кэннин хайыһан күөлүн кэриччи көрдө.
– Дьиибэ баҕайы. Эн биһикки манна билсибиппит. Манна бастакыбын эйигин кууспутум, уураабытым, манна эйиэхэ таптыырбын билиммитим, манна кэлэн ыал буолуох диэтим, манна инникибитин былааннаатыбыт… Көмүс, эн биһикки туспутунан Соболоохпут барытын билэр, – диэн баран түөһүн муҥунан ыраас салгыны эҕирийэн ылла. – Аны манна сотору хаар түһүө, Соболоохпут дөйүөрэ тоҥуо… Ол кэннэ аны сайын кини сылаас уутугар умса оонньообут киһи баар ини…
Доҕорум эппит бүтэһик тылларын тоҕо эрэ ис-испиттэн абааһы көрдүм, кыйаханыах, эмиэ да куттаммыттыы куота охсуох санаа киирдэ.
– Оо дьэ, сөтүөлүөҥ турдаҕа ээ! Ону-маны мээнэ саҥарыма, ыл барыах, – диэтим.
Дьиэҕэ кэлбиппит, бары хайыы-үйэ утуйбуттар. Сүнньүөҕү чэйдээн баран дьиэҕэр бараар диэн таһараа дьиэҕэ таҕыстыбыт. Павлик соҕотоҕун киинэ көрө олорор эбит. Үһүөн остуол тардан чэйдээтибит.
– Павлик, Дашам биһикки ыал буолаары гынабыт, – Сүнньүөх эмискэ бэрт сорунуулаахтык саҥа аллайда уонна убайым диэки ыйытардыы көрөн кэбистэ. Павлик саҥата суох итии чэйигэр саахар куттан булкуйа олордо. Үөрбүт да дьүһүннэммэтэ, соһуйбут, хомойбут да санаа кини сирэйигэр толбонуран ааспата. Саҥата суох итии чэйин сыпсырыйан ылла. Дьэ, ол кэннэ туран кэллэ уонна Сүнньүөххэ илиитин утары уунна. Сэгэрим аттыгар турбутугар сарын сарыннарыттан куустуһан ыллылар. Убайым миигин оройбуттан сыллаан ылла уонна мичээрдии-мичээрдии «үөрэбин эрэ» диэтэ.
– Биллэн турар, билигин буолбатах. Даша үөрэҕиттэн кэллэҕинэ аны сайын уруу оҥоруохпут. – Сүнньүөх сонунун үллэстибититтэн чэпчээбиттии үөрэн мичээрдии-мичээрдии убайбар кэпсии олордо. Ол курдук сэһэргэһэ, олоро түһэн баран Павлик туран дьиэҕэ тахсардыы хомунна, Мин остуол хомуйан эрдэхпинэ, убайым тахсаары аан айаҕар туран кыл түгэнэ тохтоон ылла. «Эһиги манна хонуҥ ээ», – диэтэ, мичээрдээн ылла уонна тахсан барда. Остуолу хомуйбутум кэннэ, Сүнньүөх дьыбааны түһэрэн орон оҥордо, ааны хатаата, уоту сапта уонна кэлэн миигин кууһан ылла.
Сып-сылаас уостара моонньум устун мэниктии сүүрэкэлээбиттэрэ. Күүстээх илиилэр миигин чэпчэки баҕайытык көтөҕөн ылан ороҥҥо илдьибиттэрэ… Ол түүн этэ дьол оройо, таптал муҥутуур чыпчаала, кыыс оҕо дьахтар киэбин кэтэр имэҥин илбиһэ…
Сарсыарданан саамай таптыыр киһим кэтит түөһүн сыттыктанан, күүстээх илиитин суорҕаннанан утуйа сыттахпына… Сүнньүөх эмискэ баттататан, үлүгүнэйэн, өрө мөхсөн барда. Баттатар киһини аатын ааттыа суохтааххын дииллэрин санаан «Тур!», «Уһугун» дии-дии илгиэлээммин, бэрт өр бодьуустаһаммын нэһиилэ уһугуннардым.
Доҕорум туран уу иһэн, уһуутаан, өрүтэ тыыммахтаан баран, аттыбар кэлэн сыппытыгар ыас хара баттаҕыттан имэрийэ-имэрийэ тугу түһээн баттаппытын ыйыттым.
– Билбэтим