Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина
Оттон билигин уолаттар баар буоланнар оппутун кээһэ оҕустахпыт ити дии. Дьэ, уолаттар, абыраатыгыт. Сүнньүөх, дьэ, күүстээх да эрэт эбит. Эчи түргэнэ-тарҕана, кыайыгаһа-хотугаһа. Батас, чахчы да, маһы ыллатар уус уол эбит. Эдэр киһи диэтэххэ, толкуйа мындыра, туттуута ырааһа-чэнчиһэ сөхтөрөр.
– Оннук. Биһиэхэ оҥорбут мас кыраабылларын курдук үчүгэй, чэпчэки, табыллыбыт тэрил аны кимиэхэ да суох, – Павлик аҕатын хайҕалын ситэрэн биэрэр. Оттон мин бэйэм хайҕаммыт кэриэтэ ис-испиттэн наһаа үөрэбин, кынаттаммыкка дылы буолабын.
Биирдэ эмиэ итии-куйаас сатыылаан турар күнүгэр от кээһэн кэлэн чэйдии олорон Сүнньүөх сөтүөлүү барыах диэн этии киллэрдэ. Бары аккаастаннылар. Оттоон кэлбит дьон сиэринэн, хантан эрэ күүс ылан суунан-тараанан баран орону булан утуйбут киһи дэстилэр.
Максим биһикки мэлдьи буоларыныы, Соболоохпутугар бардыбыт. Кини мас хомуйа охсон тута кутаа отунна.
– Бүгүн сөрүүн соҕус, уу тымныйдаҕа буолуо. Эн кииримэ, манна кэтэс, сөп? Мин начаас умсан тахсыам, күрээн хаалаайаххыный, – диэн күллэ, сүүспүттэн муннун даҕайан сыллаан ылла.
Футболкатын, ыстаанын уста охсоот, сүр чэпчэкитик сүүрэн тиийэн ууга биирдэ умсан хаалла, ол кэннэ күөл ортотун ааһыар диэри эрчимнээхтик харбаан дайбаата. Кутаабар Сүнньүөх бэлэмнээбит маһыттан эбэн биэрэ-биэрэбин доҕорбун одуулаһабын. Киирэн эрэр күн уотугар күлүмүрдүү оонньуур күөл ньууругар кини этэ-сиинэ, хас хамсаннаҕын ахсын быыппастар былчыҥа эмиэ арыынан соппуттуу күлүмүрдээн, кылабачыйан ылар. Сотору кытылга таҕыста. Хас хардыыта, хас хамсаныыта туох эрэ уратылаах. Кини кыыс эрэ бары хараҕа хатаныах айылаах абылыыр аналлаах быһыытын-таһаатын уора-көстө одуулуу олордум. Түүн үөһэ чугаһаан, биллэ сөрүүкээбит. Мин улахан соттор тутан баран доҕорбор утары бардым. Сүнньүөх тоҥмут, ол эрэн олус астыммыт дьүһүннээх. Соттору бүрүнэ охсоот, кутаа таһыгар кэлэн олордо.
– Оок-сиэ, дьэ бэрт да бэрт! – диэн астыммыт киһи сиэринэн саҥа аллайар. – Эн киирбэтэҕиҥ да үчүгэй эбит. Уу тымныйбыта сүрдээх.
Мин Сүнньүөҕүм кэннигэр кэлэн турдум уонна тарбахтарым төбөтүнэн сэрэниин-сэрэнэн ыас хара баттаҕар сыстыбыт оҕуруо курдук уу таммахтарын ылгыы оонньоотум. Кутаа умайан таһыгырыыр тыаһыттан ураты туох да атын тыас бу улугурбут чуумпуну аймаабат. Күүспүн түмэн, эр санаабын ылан тарбахтарбын кини инчэҕэй баттаҕын устун халтарытан түһэрэн кулгааҕын эминньэҕин имэрийэн ылабын. Онуоха сэгэрим илиибиттэн тардан ылан бэйэтин аттыгар олорто. Ыһыллан тахсыбыт биир сүүмэх баттахпын кулгааҕым кэннигэр кыбытан кэбистэ, иэдэспин даҕайар-даҕайбат икки ардынан имэрийдэ уонна чох хара харахтарынан уун-утары көрөн олорон: «Көмүө-өс», – диэн тоҥон эбитэ дуу – кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан оргууй аҕай саҥарда.
– Мин эйигин таптыыбын… – бу дириҥ суолталаах күндү тыллартан сүрэҕим устун дьикти иэйии сүүрүгүрэн ааста, иэдэһим биллэ итийдэ, этим сааһа арылларга дылы гынна. Сэгэрим уун-утары көрбүтүн кубулуппакка