Учуутал. Аайа
сирэйбэр туох эрэ хаамар курдук. Кумаартан атын, кымырдаҕас да буолбатах. Илиибинэн соттубутум, сөмүйэм төбөтүгэр туох эрэ кып-кыра уонна күп-күөх иилистэн кэллэ. Харамайбын буолан хамсыыр. Хомурдуос оҕото сырыттаҕа диэбитим, төрүт даҕаны киһи курдук быһыылаах-таһаалаах! Соһуйаммын олоро биэрдим. Икки илиилээх, икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх, көрдөрбүн диэн бэйэтин холугар кип-киэҥ харахтардаах уонна айахтаах… Хантан кэлбит буолуон сөбүй? Сыппыт сирбин көрдүм. Төбөм туһунан от быыһыгар күөх сэбирдэхтээх, көнө умнастаах, кыра сибэккилэрдээх үүнээйилэр турар эбиттэр. Бары күн диэки өрө көрбүттэр, арай, биирдэстэрэ санньы түһэн хаалбыт. Мантан түстэҕэ диэммин, «киһибин» сэрэниин-сэрэнэн ол иһигэр уктум, сибэкким өрө көрөн кэллэ, атыттартан туох да уратыта суох буола түстэ.
Бэйи эрэ, оччотугар бу сибэккилэр бары маннык «киһилээхтэр» дуо? Иччилэрэ буоллаҕа дуу? Биир сибэккини эргим-ургум тутан көрбүтүм туох да биллибэтэ, туура тардан ылыахпын аһынным. «Миигиттэн куттанымаҥ, тыытыам суоҕа», – диэтим уонна харахпын симэн сыттым. Сэмээр сибэккилэрбин кэтээтим. Балачча сыттым. Онтон арай, сибэккилэрим хайдах эрэ хамсаан ыллылар уонна түөрт сибэккиттэн кырачаан сирэйдэр былтастылар, кэпсэтэллэр быһыылаах, кып-кыра дыыгынас саҥа иһилиннэ.
Били укпут «киһим» тоҕо эрэ биллибэт, баҕар, алҕаска эчэппитим буолуо биитэр түбэспэтэҕэр түбэһэн, соһуйбута-куттаммыта ааһа илигэ буолуо. «Дьоннор» былтаспахтаан баран, иһирдьэ дьылыс гыннылар. Иккистээн тахсаайаллар диэн кэтэһэн көрөн бараммын, сибэккилэри биир-биир өҥөйтөлөөн көрдүм. Тугу да булбатым. Эрэкэ-дьэрэкэлэрбэр бардым. Кинилэр кэпсииллэринэн, үүнээйи ахсын оннук «дьон» бааллар, кинилэр үүнээйи тыына буолаллар. Тыына баарын эрэ тухары үүнээйи, сибэкки чэгиэн турар. Тыыннар күһүн от-мас кэхтиитэ тулалыыр эйгэҕэ суураллан хаалаллар уонна саас саҥаттан төрүүр эбиттэр. Үүнээйи төһөнөн үүнэр-силигилиир да, соччонон тыыннар ситэн иһэллэр. Ол да иһин, саҥа тыллан эрэр үүнээйи болчуоҕа ийэ иһигэр сылдьар оҕону санатар буоллаҕа!
Ити Ийэ айылҕабыт биир улуу кистэлэҥэ эбит! Оо, өссө төһөлөөҕү биллэрбэккэ хаппарын иһигэр хатаан сытара буолуой? Былыр биир учуонай: «Билиим-көрүүм төһөнөн үксүүр да, соччонон билбэтим-көрбөтүм эбиллэн иһэр», – диэн муударайдык да эппит! Эрэкэ-дьэрэкэлэр: «Тыыннар дьоҥҥо көстө сатаабаттар, ол эрээри, итэҕэллэрин ыллаххына, эйигин кытары, баҕар, бодоруһуохтара», – дииллэр.
Чэ, аныгыскы сурукка көрсүөххэ диэри.
Айыы сиэнэ
Бэс ыйын 17 күнэ
Аламай күн сыралынан, күндү доҕорум!
Үс күнү быһа тыыннары кэтээтим уонна бүгүн, дьэ, улуу дьиктини, улуу Кэрэни көрөр дьолго тигистим!
Бастакы күнүм, били эйиэхэ суруйбут күнүм, улахан уларыйыыта суох ааспыта. Бэҕэһээ сарсыардаттан кыра тыаллаах эрээри, ыраас этэ, халлааҥҥа кыырпах да саҕа былыт суоҕа. Ситэн-силигилээн, көҕөрөн-наҕаран, эҥин эгэлгэ сибэккилэринэн симэнэн турар алааска Күн уотун харыстаабакка кутара. Араас дьэрэкээн өҥнөөх-дьүһүннээх лыахтар тэлээрэ көтөллөрө. Үөһэ күөрэгэй