Учуутал. Аайа

Учуутал - Аайа


Скачать книгу
маҕаһыыннарыгар тардыллан турар сарыы тастаах кыһыҥҥы этэрбэс онтон олус ыараабаттар. Дьааһык муҥунан таҥаһы-сабы аҕалан, оҕолорбутугар үөрдэ-көтүтэ кэтэрдэрбит. Барахсаттар үөрээхтииллэр да этэ! Интэринээт иһэ биир кэм өрө күүрэн-күүркэйэн олорооччу. Оннук өссө да салҕана туруо этэ, өскөтүн биир соһумар түбэлтэ барытын түҥнэри эргиппэтэҕэ буоллар…

      Оскуолабыт дириэктэрэ Анна Игнатьевна бэйэтэ да сааһырбыт киһи, сүрдээҕин ыарытыйан, Саҥа дьылтан ыла наар больничнайга олорбута. Кинини мин солбуйбутум. Улуустааҕы үөрэх управлениета Игнатьевнаҕа үөрэх дьылын түмүктэтэн баран, кэлэр үөрэх дьылыттан дириэктэринэн миигин аныыр былааннааҕа. Онон, туох кистэлэ кэлиэй, балачча уһун кэмҥэ саабыстаабыт буолан, сирэй дириэктэр буоллахпына, үөрэх тиһигин иитэр үлэни кытары ситимнээн туох үлэни ыытыахтаахпын, ордук туохха болҕомтобун ууруохтаахпын былааннанарым, быһата, сэмээр бэлэмнэнэрим. Урут төбөбүн иитии уонна үөрэтии эрэ өттүгэр оҕустарар бэйэм хаһаайыстыбаннай салааны саҥалыы көрбүтүм.

      Оскуолабыт дьиэтэ 1970-с сыллааҕы тутуу буолан син сэнэх, хоп курдук туттан олоруохха сөп, улууска биһигиннээҕэр мөлтөх туруктаах оскуолалар элбэхтэрэ. Оттон интэринээппит сэрии кэннинээҕи сылларга тутуллубут, былыргы оскуола дьиэтэ. Оччотооҕу дьоннор барахсаттар бөп-бөдөҥ тиит маһынан туппуттара-хаппыттара «тиҥ» курдук. Бу икки сүрүн эбийиэктэрбитигэр сылытар уонна сырдатар ситимнэр эргэлэр, сүүрбэттэн тахса сыл анараа өттүгэр оҥоһуллубуттар. Сыл аайы кэриэтэ саҥардыы үлэтин көрдөһөн ахан суруйарбыт да, үп суох аатыран быстах сэлбийиигэ эрэ кыра харчы көрүллэрэ. Үрдүкү салалта дириэктэрдэр саҥа тутууну туруорсалларын кыккыраччы боборо, дьокутааппыт дойдутугар, Тэйэр нэһилиэгэр, таас оскуола тутуллар диэн. Ол иннинэ биир саҥа оскуола кулубабыт төрөөбүт нэһилиэгэр оҥоһуллубута. Интэринээт электро-уотун ситимин коммунальнай хаһаайыстыба электригэр көрдөрбүппүн быстах уларытан туһа суох, барытын саҥалыы тардыахха наада диэбитэ. Санааны алы гынан икки хас сиргэ боруобат хоруорбутун булан уларыппыта. Ол иһин, урукку симиэтэни эмиэ саҥалыы оҥорторон, хапытаалынай өрөмүөнү ыыттарарга туруорсубуппар, үөрэх управлениетын начальнига Василий Николаевич Толлооноп: «Саҥа дириэктэри өйөөн, үбү көрүллүө», – диэбитэ. Онон, үөрэх дьыла эрэ бүттэр үлэлээбитинэн барар биригээдэни булбутум. Ити курдук былаан бөҕөлөөх үлэлии-хамсыы сылдьыбытым. Дьон-сэргэ, салалта, кэлэктиип уонна төрөппүттэр да миигин сирэй дириэктэр курдук ылынар, саныыр буолбуттара.

      Муус устар 19 күнэ үүммүтэ. Уу-хаар тахсан, бадараан быллыгыраан ахан эрэрэ. Мин үөрэх управлениетыгар боруобалыыр БКГЭ түмүгүнэн буолбут мунньахха сылдьан, улуус кииниттэн киэһэ хойут кэллим. Алдьаммыт суолга үлтү сахсыллан сылайан ахан кэлэн, өлөрдүү утуйа сыттахпына, оҕом илгиэлээн уһугуннарда. Ким эрэ ааммытын күүскэ тоҥсуйан дирбийэрэ иһиллэр эбит. Сиирэ-халты таҥнан, соммун бүрүнэн тахсыбытым, оскуоланы хас да сыллааҕыта бүтэрбит


Скачать книгу