Учуутал. Аайа

Учуутал - Аайа


Скачать книгу
Иккис сылбар Аянитов Киэсэ диэн олохтоох уолга кэргэн тахсан оҕоломмутум. Эһиилигэр миэстэ тахсан, дойдубар Хаастаахха кэлбитим. Эмиэ учууталлаан барбытым. Таҥара эбии оҕону биэрбэтэҕэ, кэллэхпит үһүс сылыгар кэргэним хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа үлэлии сылдьан, тыраахтар оһолугар түбэһэн өлбүтэ. Онон, билбитим эрэ үлэм уонна дьиэм буолбута. Оҕобун үксүн ийэм көрөрө, кини дьиэтигэр олорбуппут. Мин Сибэккини сарсыарда оҕо саадыгар илдьээччи эрэ курдугум, хойутаатахпына, ийэм аҕалан аһатан-сиэтэн хайыы-сахха утуппут буолара. Аны санаатахха, бэйэм була сатаабыт курдук, түбүк үрдүгэр сылдьыбыппын.

      Бэйэтэ да сүрдээх кэм этэ. Хамнас ыйы-ыйдаан кэлбэт, хата, маҕаһыын күннээҕи аһы иэс биэрэр, биэнсийэ кэлэр. Саба түһэн, үлэни-хамнаһы үмүрү тутуһуох айылаах, саастарын үгэнигэр сылдьар үс учуутал, ол иһигэр иитэр үлэҕэ саабыс, оҕолорун үөрэттэрээри Дьокуускайга уонна гимназия аһыллыбытыгар улуус киинин оскуолаларыгар миэстэ тахсан көспүттэрэ, байыаннай дьыаланы, физкультураны үөрэтэр уол чааһа быста аҕыйаан кэмэрсээннии барбыта. Инньэ гынан, биэнсийэҕэ тахсаллара чугаһаабыт эбэтэр биэнсийэҕэ тахсыбыт дьону кытары бэйэлэрэ чөкө сылдьан үлэлиир алын кылаас учууталлара сүрүн күүс буолан хаалбыттара. Түөрт саамай үлэлиир-хамсыыр, көхтөөх дьоммут суох буолбута уопсай үлэҕэ биллэрдик охсубута. Хамнас сүгүн-саҕын кэлбэтиттэн, ас-таҥас сыаната өрө барбытыттан ыал өттүбүт сүөһү-ас тутан хаһаайыстыба тэриммиттэрэ. Сорохтор начаас үлүгэр били, «Сүрэх тэбэрин тухары» арамааҥҥа баар Евстафиевналаах курдук үс-түөрт ыанар ынахтана түспүттэрэ. Оннуктар хаһаайыстыбаларыттан ордон иитэр үлэҕэ орооспоттор, кыттыбаттар, чаастарын биэрдилэр да бүттэ. Сэмэлээн көрүөҕү үөрэммит учууталларыҥ, хайа уонна ырыынак оннукка күһэйбитин эмиэ өйдүүгүн. Барбыттар оннуларыгар кэлбит эдэр учууталлар, Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэһи бүтэрбит ыччаттар, кэтэхтэн үрдэтинэллэр. Кинилэргэ кылааска бэрээдэги тутартан саҕалаан көмө наада, аны сиэссийэлэригэр бардахтарына, солбуйуллар. Дьэ, оннук кэмҥэ мин бастаан иитэр үлэҕэ, онтон үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы буолан, көлүөһэҕэ угуллубут тииҥ курдук сылдьыбытым. Эдэр учууталларга уонна кылаас салайааччыларыгар тирэҕирэн, кылааһы таһынан дьарыктар, куруһуоктар, субуота ахсын араас тиэмэлэринэн биэчэрдэр буолаллара, бэрээдэк хонтуруолланара. 1998 сыллаахтан ыла хамнас кэлиитэ бэрээдэктэнэн, киин сиртэн кэлэр сайдыы тыа да сиригэр биллибитэ. «Инновация», «инновационнай технология» диэн тыл уостан түспэт буолбута. Саҥа үйэни көрсө бастакы компьютердар кэлиилэрэ сэргэхсийиини таһаарбыта. Онтон оскуоланы бүтэрээччилэргэ биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэн ситимэ, салгыы хамнаһы ааҕыыга НСОТ, ОСОТ кииртэлээбиттэрэ. Сыл-хонук элэстэнэн, былааннаах үлэ-хамнас кэм-кэрдии ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн баран испиттэрэ.

      Оскуолабыт интэринээттээх этэ. Сэбиэскэй кэм саҕана чугастааҕы икки нэһилиэк аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн кэлбит оҕолор олорон үөрэнэллэрэ. 1990-с сылларга орто оскуолалар аһылланнар, ол тэрилтэ социальнай хайысхаламмыта.


Скачать книгу