Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (4 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
төһө мунду киирбитий?!.

      Туу, мэлдьи да, астаах буолар, отой мэлийэн, кукуччук курдук кураанах, суй тахсыбыт суох.

      – Син!.. Син!.. Баар-баар!..

      Туу баттык маһын ылан баран, көхөннөн оруубун, саҥардыы өрө өндөтөн эрдэхпинэ, тууга киирбит балык бастаан илиибэр бүтэйдии ибигириирэ биллэр. Онтон өссө көтөхтөхпүнэ биирдэ өрө бырылыы, бырдьыгыныы түһэр – ол астыга сүрдээх. Сэрэнэн ылан ууран, тиэрбэһи (чурумчу, туймуу) арааран тылбыытын ылан, тыыбар туран эрэн тымтайбар таҥнары сүөкүүбүн…

      Кытылга турар Баһыычаан тулуйбат-тэһийбэт:

      – Хайа, тө-тө-төһөнүй?!. Бэҕэһээҥҥи саҕа баар дуо?!. Испит кэ-кэлииһи дуо?!. Күөнэх ки-ки-киирбит дуо?!. – диэн омун-төлөн оҕо үрүт-үөһэ ыһыытаан токкоолоһор. Биир эмэ үчэһэ күөнэх киирбит буолла да хайаан да сонно ылгаан ылан сирэй оһоххо үөлэн сииллэр. Хата дьонуҥ күөнэҕи араараллара сүрдээх. Күндүркэтэр ахан астара.

      – Баар-баар… Биир ытыс баҕас баар быһыылаах…

      Баһыычаан үөрүүтэ үксүүр, кубарыччы барбыт дьыгынаал ыстаанын дуома халҕайан, ыксатыгар турар Чоойуҥҥа туһаайан, сэмээр соҕус, ол эрэн киһи истэрин курдук:

      – Баар үһү… Үөлүөхпүт… Аана биир ытыс кэ-кэриҥэ киирбит диэтэ, ол аата би-биир эрэ ытыс бу-буолбатаҕа буолуо, ити киһи биир ытыс диэбит бу-буоллаҕына – хас да үчэһэ күөнэҕэ чу-чуолкай… – диир.

      – Күммүт-күөнэхпит тахсыбыт… күлгэри көнүүтүн көммүппүт… – диэн боллургуур Чоойун, ахтата борбуйугар тиийэрэ чугаһаабыт ыстаанын өрө тардынан, сыппатын чиҥэтэн баана-баана.

      Эниэ үөһэттэн уолаттары көрөн Биэрэ кыыс сүүрэн тээһэрийэн түһэр. Күн букатын үөһэ тэмтэйиэр диэри утуйан оҥторбут кыыс соҕотоҕун бадалайдаан түҥ-таҥ таҥнан дуомнаммыт быһыылаах, сиэрэ суох уһун ырбаахы кэппитэ атахтара көстүбэт, киһи төбөлөөх ырбаахы бэйэтэ сүүрэн сайбаарыйан иһэрин курдук устар. Нырылыйан кэлэн Чоойуннаах ыксаларыгар биирдэ хорус гынар… Супту көрөн миигин одуулаһар, бырдахтан көмүскэнэн икки илиитин даллаҥнатар. Ынчыктаан-ыҥыранан улахан дулҕа үөһэ ыттан туран тула-мала олоотоомохтуур. Дьогдьуурдаах, тэллэрээттээх халадаай ырбаахыта боллойбут ынах этэрбэһин таһынан түһэн – толуу дьахтар күөл кытылыгар киирэн турарын курдук көстөр. Баһыычаан кэлэҕэйдээн кэтэҕэ титирэстии-титирэстии:

      – Көрүүй!!. Чоойун, Биэрэбит у-уһаан та-та-та-тахсыбыт!.. – диэн төлө биэрэр. – Һы-һы-һы-һыык!.. – диэн күлэн саһыгырыыр.

      Чоойун Биэрэ ыксатыгар кэлэн кэккэлэһэ турар, ытыһын кырыытын төбөтүн үрдүгэр тутан кыыс эҥил баһын суруускайдаан бэйэтин кэмнэнэр:

      – Оҕобут миигиннээҕэр улааппыт, ийэтин ырбаахытын кэтэр буолбут, – диир.

      – Эдиий!.. Ол, эдиий туу көйөй… – Биэрэ миигин ыйа-ыйа былдыгырыыр.

      – Күөнэх киирбит ту-ту-тууга!..

      – Эн күөнэҕи һөбүлүүгүн?.. – Чоойун өрө хантайан балтыттан ыйытар.

      – Иикэйдии иэбэппин…

      – Ээ һуох!.. Хайдах сиикэйдии… үчэһэҕэ үөлүллүбүтүн.

      Биэрэ муннун ньуххаммахтыыр, хараҕын саба түспүт ыһыллыбыт хойуу хара ньаарсын баттаҕын кулгааҕын кэннигэр


Скачать книгу