Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов
үһү…
– Тыый!.. Кырдьык үчүгэй сонун эбит…
– Оннук…
– Дьоно эрэйдээхтэр төһө эрэ үөрээхтээтилэр.
– Ээ дьэ…
– Ол хаһааҥҥы суруга эбитэй?
– Кыайыы эрэ буолуон иннинэ суруйбут суруга үһү.
– Оччоҕо оттон, сотору кэлииһи дии…
– Кэлиминэ…
– Туох буолан, тыыннаах киһини өлбүт диэн «хара сурук» ыыппыт бэйэлэрэй?
– Алҕас таҕыстаҕа. Элбэххэ туох суоҕа баарай. Ити айылаах үтүмэн үгүс өлүүгэ-сүтүүгэ… Баҕар сураҕа суох сүтэ сылдьан баран көстүбүтэ буолуо…
– Буолуо…
– Чэ, кэллэҕинэ, бэйэтэ кэпсээтэҕинэ, сурах хоту да, истиэхпит…
Сыаннан-арыыннан аҕаабыкка дылы килэбэчиспит, ып-ыраас түүлээх-өҥнөөх амах андылара (тыһыларыттан арахсыбыт атыыр андылар, төннүү андылара) бэрт намыһаҕынан күөл ортотунан көтөн сулукуччуһан ааспыттарын батыһа көрөбүт.
– Тоҕо үчүгэйкээннэрэй, – Хаһырыа үөл кустары кэрэхсээн кыҥастаһар.
– Биир илимиҥ чорооҕо ол турар дуо? – Миитэрэй оҕонньор илим тарда сылдьарын түбэһэ көрөрүм, ол иһин таайаммын ыйытабын.
– Ээ, ол турар. Эн итини көр, мин ол кута тумуһаҕын анараа өттүнээҕини тардыам, – диэт Хаһырыа тиит эрдиитинэн эрчимнээхтик күүскэ-күүскэ эрдинэн, тыытын кэннэ тимирдьиҥнээн, уҥа-хаҥас садьыаланан иннибэр киирэн куота, тэйэ устар…
Сэмээр сыбдыйа устан кэлэн, чороох мастан туттан тохтуубун, саппай ситими аргыый тардан илими өндөппүтүнэн барабын. Сүрдээх киэҥ харахтаах илим эбит, собоҕо аналлаах, онон көрүүтэ судургу, аҕыйах эрээри, били этэргэ дылы, «адаҕа саҕа» соболор туппуттар. Ситими тардан уһуннахха мөхсөн тэлбиҥнэһэллэрэ киһи илиитигэр лаппа биллэр… Сүүрбэччэ собону араардым. Ыыс араҕас өрөҕөлөөх, бөп-бөдөҥ, астык соболор тыым иннигэр кутулла сытан лаапчааннарынан лаһыйан сүгүллэхтэнэллэр.
Хаһырыа Маарыйа араарбыт балыгын субу-субу тыытын иһигэр ньылбы тутарыттан сылыктаатахха, кыараҕас харахтаах илими тардар быһыылаах. Миигиттэн тэйиччи. Сэрэйдэххэ, арааһата, элбэх быччыкы туппут.
Халлаан былыта ордук эбии хаттыгастана-хаттыгастана ыаһыран кэллэ. Бырдах сүүллээн хойунна, тыала суох буолан, бэл күөл үөһүгэр дэлэйдэ… Туох барыта тыаһы иһиллээбиттии күөгэйэ, хоҥкуйа нусхайан турда… Дьэ бу аата – хараан күннэр. Оол курдук, эбэ арыытыгар, уу кытыытыттан хойуутук үүнэн тахсыбыт иирэ талахтар, будьуруйа бөлүөхсэн, түптэ буруотунуу тунаҕыран көстөллөр.
Тыыраахылар, тоҕо эрэ, кыырай халлааҥҥа тахсан тэлиэс-былаас көппүттэрин дьиктиргээн, хантас гынан өйдөөн көртүм – ооҕуй ситимигэр ыйаастан көтөн ахан эрэр эбит. Бу обургулар ону итигэстээн сиэри, биир кэм бөлүөхсэ-бөлүөхсэ үрдүк мэҥэ халлааҥҥа эргийэн элиэтэспиттэр.
Маарыйа биэтэк чорооҕор чугаһаабыт, илимин тардан бүтэн эрэр, туттан-хаптан элэстэнии мааны. Мин киниэхэ тиийэн көмөм да суох буолсу, ол иһин ээр-сэмээр, дьүөгэбин кэтэһэ таарыйа, үөскэ туотаайылар умсаахтыы сылдьалларыгар, төһө чугаһаталлар эбит диэн, көтөрдөр диэки хайысхаланабын. Хас эртэҕим аайы эрдиим чараас салбаҕа кыра буруу оҕотун